Ийэбэр сүгүрүйэбин
Валентина Егорова, СӨ култууратын туйгуна, Ньурба улууһун Түмүк нэһилиэгэ:
- Мин ийэм Мария Егоровна Торохова 1920 сыллаахха Ньурба оройуонун Акана Сататыгар «Саалкат» диэн сиргэ төрөөбүтэ. Эбэм Сөдүөрэ ахтарынан, ол сылга олус өҥ бурдук үүммүтэ үһү. Ийэбиттэн төрөөбүт күнүн ыйыттахха: «Добдурҕа саҕана, көҥөс дьахтар күөһүн күүтэр киэһэтигэр күн сирин көрбүт үһүбүн», - диирэ. Бииргэ төрөөбүттэр биэс бырааттыылар. Аҕата Егор Григорьевич Торохов (Салҕа туорааҕа диэн ааттыыллар эбит) бэйэтин кэмигэр улаханнык кыанар, тустар, мас тардыһар идэлээх эбит. Аҕата, кэлин, ийэм 13 саастааҕар, сэллик ыарыытыттан өлөн туораабыт. Онон эбэбит Сөдүөрэ биэс оҕотун кытта тулаайах хаалаахтаабыт. Ол да буоллар оҕолоро бары киһи-хара буолбуттар. Ийэм Аканаҕа «Бэс Арыы» кытыытыгар Соппуруон кулаак дьиэтигэр аһыллыбыт оскуолаҕа үөрэнэн иһэн, сылдьар сирэ ырааҕа, ас-үөл, таҥас-сап кырыымчыга бэрт буолан, маҥнайгы кылаастан уурайбыт. Онон уу ньулдьаҕай саастааҕыттан оччотооҕу холкуос үлэтигэр эриллиитэ саҕаламмыт. Аканаҕа «Ленин суола» холкуоска үлэлээн иһэн, аччык дьыл буолаары турдаҕына, Чиллэҕэ убайыгар Батараак Уйбааҥҥа олоро тахсыбыт. Онон «Саҥа күүс» холкуоска үлэһит буолбут. Аччык дьылларга убайыгар олорон тыыннаах ордон, киһи-хара буолбутун мэлдьи сылаас тылынан, истиҥ махталынан ахтара. «Кини суоҕа буоллар баччаҕа тиийиэх биллибэт этэ», - диирэ ийэм. 1943 сыллаахха Үөдэй киһитигэр Семен Иванович Семенов (Сэмэктэй) диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, «Төрүккэ» көһөн кэлбит. Кэлээт «Герой пятилетка» холкуоска эмиэ үлэ үөһүгэр түһэр. Саҥа кийиит кыайыытынан-хотуутунан, тутуута үчүгэйинэн тута хайҕаппыт. Ханнык да үлэттэн туора турбат үгэстээҕэ. Кэлин холкуостара улаатан, «Кытаанах тирэх» диэн ааттаммыт. Ийэбит тугу-тугу үлэлээбэтэҕэ баарай... Кээһиигэ 2-3 оҕуска от тиэйэн, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыларга атынан, оҕуһунан саһаан таһан, бааһыналарга хаар типтэриитигэр сылдьыбыт. Сааскы ыһыы саҕана тутааччынан эмиэ үлэлээбит. Оччолорго үлэ түмүгэ тута тахсан иһэр буолан, элбэхтик бастаан, көһөрүллэ сылдьар кыһыл былаах ылан биһирэнэр эбит. Сайыҥҥы от үлэтигэр мунньууга тэҥнээҕин булбат буолара. Биирдэ соҕотоҕун 1 га сири мунньан турардаах эбит. Сэрии кэмигэр түүнү-күнүһү билбэккэ үлэлээбиттэр бары «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар. Олор истэригэр мин ийэм эмиэ баар. 1953 сыллаахха ийэм 10 сыл өйдөһөн-өйөһөн олорбут тапталлаах кэргэнэ уһун, ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Ол кэннэ огдообо хаалан аҥаардас ийэ ыар олоҕун эриирин-мускуурун барытын билбитэ. 1954 сыллаахха пиэрмэҕэ бастаан арыыһытынан, онтон ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Бу үлэтигэр даҕаны ийэм сирдэрбэтэҕэ. Сүөһүнэн эбии төлөбүр ылара. Оччотооҕуга ыанньыксыкка, ньирэй өлбөтөҕүнэ, бириэмийэ быһыытынан сүөһү биэрэллэр эбит. Оттон үүтүн былаанын аһара толорон бириэмийэлэммитэ элбэх буолара. Ол быыһыгар сааскы ыһыы саҕана булуук тутааччынан сылдьара. Сайын от мунньуутугар тэҥнээҕин булбат этэ. «Ол кэмҥэ Сүөдэр Николаев, Сүөдэр Васильев диэн ыраас суоллаах бастыҥ охсооччулар бааллара. Кинилэр охсубут отторун мунньар чэпчэки курдук буолара», - диэн ийэм ахтара. Ити курдук төһө да ыарахан үлэҕэ сырыттар, барыбытын атахпытыгар туруоран, киһи-хара гынан, олоххо суолбутун булларбыт, күн курдук саныыр күндү ийэбитигэр махтанабыт, сүгүрүйэбит.