Уокка иэһи бытарытан төлүүр кыах баар
Сыл 9 ыйыгар ДЭК хампаанньа Саха сиринээҕи салаата биирдиилээн дьону кытта 69,7 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ суумалаах 1000-тан тахса сөбүлэҥи түһэристэ.
Реструктуризация сөбүлэҥэ – электричество уотунан туһаныыга бөдөҥ иэстээхтэргэ бытарытан төлүүр кыаҕы биэрэр докумуон. Гражданин сөбүлэҥ усулуобуйатын толорор түгэнигэр, уотун араартарыыттан, ыстарааптан босхолонор.
Маннык ис хоһоонноох сөбүлэҥи ордук элбэхтик Дьокуускай куорат олохтоохторо түһэрсибиттэр – 748 киһи, өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыгар ити көрдөрүү быдан намыһах: Нерюнгри – 152, Мииринэй – 115. Саамай аҕыйах сөбүлэҥи Өлүөхүмэ улууһа түһэрсибит – уопсайа 200 тыһ. суумалаах 5 сөбүлэҥ.
Реструктуризация сөбүлэҥин быһыытынан иэһи маҥнай 30% төлөнөр, хаалбыт сууматын – өрүттэр сөбүлэспит графиктарынан бытарытан. Маныаха Энергосбыт тэрилтэтигэр тиийэн сайабылыанньа суруйар наада. Ол эрээри дьиэттэн тахсыбакка эрэ ДЭК саайтын нөҥүө Личный_кабинет эбэтэр Интернет-приемнай киирэн сайабылыанньа биэриэххэ эмиэ сөп. Чуолаан Дьокуускай куорат олохтоохторо Биир кэлим расчетнай-информационнай кииҥҥэ сирэй тиийэн сайаапка түһэрэр кыахтаахтар.
Сайаапкаҕа тиһиллэр докумуоннар: пааспар, дьиэни бас билиини туоһулуур докумуон, иэс 30% төлөөбүтү туоһулуур докумуон, дьиэ кэргэн састаабын туһунан Ф-3 ыспыраапка, СНИЛС уонна ИНН (сайаапка биэрээччи баҕатынан).
Санатар буоллахха, графигы кэһии сөбүлэҥи көтүрүүгэ тиэрдэр, диэн иһитиннэрэр «Энергосбыт» ДЭК ПАУо информационнай политикаҕа салаата.