Саҥа 11-с №-дээх маршрут үлэтин саҕалаата
Бүгүҥҥүттэн, алтынньы 14 күнүттэн, ЯПАК МУТ саҥа 11-с №-дээх маршрута үлэтин саҕалаата. Маршрут уһуна – 12,5 км, айан уһуна – 1 чаас 30 мүнүүтэ, тохтобул ахсаана – 31.
Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрэринэн, 11-с №-дээх маршрут чуолаан Автодорожнай уокурук уонна Пригород бөһүөлэгин олохтоохторугар ананар. Тиһэх тохтобуллара Пригороднай сэлиэнньэтигэр саҥа оҥоһуллубут Геодезистар уулуссаларыгар уонна Речевой оскуолаҕа бааллар. Маршурт маны сэргэ Птицефабрика, Прометей, Сэргэлээх шоссетын уонна Чернышевскай уулуссатын Покровскайдыыр суолтан Михаил Николаев проспегар диэри кэрчигин хааччыйар.
Бастаан утаа линияҕа икки оптуобус күҥҥэ 18-тыы эриэйси оҥоруохтара. Кэнэҕэһин тиэхиньикэ ахсаанын алтаҕа диэри элбэтэр сорук турар. Даҕатан эттэххэ, Автодорожнай уокурук олохтоохторун көрдөһүүтүнэн эһиил манна сылаас тохтобул туруоҕа.
Санатар буоллахха, куорат баһылыга Евгений Григорьев эппитин курдук, ЯПАК МУТ куорат иһигэр сүүрэр бу үһүс маршрута. Ол курдук, аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх 100 №-дээх уонна быйылгыттан 1 №-дээх маршуттардаахтар.
Маршруттары тиэхиньикэнэн хааччыйыыга кэлиҥҥи үс сылга 120 саҥа оптуобус кэллэ, Дьокуускай куорат маастар-былаанынан чугастааҕы сылларга эбии 250 оптуобус атыылаһыллыаҕа, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бэлиэтээн эттэххэ, 11-с №-дээх маршрут эрдэ биллэриллибит 110 №-дээх маршрут оннугар киирбит.