20.12.2024 | 16:22

Федор Поповка аналлаах пааматынньык Кыайыы күнүгэр арыллыаҕа

Федор Поповка аналлаах пааматынньык Кыайыы күнүгэр арыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык Евгений Григорьев 2024 сыл түмүгүнэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка аналлаах пааматынньык ыам ыйын 9 күнүгэр аһыллыаҕа диэн иһитиннэрэн турар. 
Пааматынньык турар миэстэтинэн Дзержинскэй уонна Дьоруой бэйэтин аатын сүгэр уулуссалар быһа охсуһуулара анаммыта. Санатар буоллахха, Федор Попов аатынан сквери тупсарыы үлэтэ быйыл түмүктэммитэ.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, итини сэргэ Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын аатын сүгэр уулуссаларга, уопсастыбаннай туоналарга тупсарыы, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Былааҥҥа маны сэргэ Гериатрия балыыһатыгар киирэр суолу оҥоруу, Кыайыы болуоссатыгар хапытаалынай өрөмүөн киирэн тураллар.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах мемориальнай дуоскалары инвентаризациялааһын түмүгүнэн 25 дуоска саҥардыллара быһаарыллыбыта. Урут хаһаайына суох 17 эбийиэк, ол иһигэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр аналлаах пааматынньыктар, муниципальнай бас билиигэ бэриллибиттэрэ.
Кыайыы пааркатыгар «Килбиэннээх үлэ куората» стела туруоҕа, парковка, сцена оҥоһуллуохтара, уот-күөс тардыллыаҕа.
Култуурунай-маассабай уонна спортивнай үлэ былааныгар «Проспект Победы», «Танцующий город» уонна «Стена Победы» саҥа тэрээһиннэр бааллар, Кангалаас – Табаҕа хайысханан сүүрүү о.д.а. киирбиттэрэ.


Хаартыска: С. Винокуров, Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...