«Спортивнай» түөлбэ инженернэй ситимэ кэлим былаанынан тардыллыаҕа
Дьокуускай куорат эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ историятыгар аан бастаан инженернэй тиһиктэр биир кэлим былааннара (КСИОТ) оҥоһуллан бигэргэтилиннэ.
Ол эбэтэр ититии, уунан, уотунан хааччыйыы курдук инженернэй дьаһаллары биир кэлимник быһаарар кыаҕы биэрэр докумуон ылылынна.
Эбэн эттэххэ, КСИОТ оҥоруу уонна бигэргэтии уопута Арассыыйаҕа суоҕун кэриэтэ.
Ыспыраапка:
КСИОТ – хапытаалынай тутуу ыытыллар миэстэтигэр инженернэй-тэхиньиичэскэй тиһиктэри уонна кинилэри кытта ситимнээх уруккуттан баар уонна былааннанар эбийиэктэри, ситимнэри хайдах тутары, тардары көрдөрөр докумуон.
КСИОТ өйдөбүлэ федеральнай бырабыыталыстыба территориялары кэлимник сайыннарыы (КРТ) туһунан уурааҕын бигэргэтиинэн сибээстээн үөскээбитэ. Бу докумуон тардыллар уу, уот о.д.а. ситимнэрин уопсай усталарын көрөн, табыгастаах уонна көдьүүстээх суолу тобулар кыаҕы биэрэр.
Докумуон ааптарынан «Арктис» бырайыактыыр-конструкторскай бюро (ИП Лосев В.С.) буолар. Үлэ 2024 сыл саҕаланыаҕыттан куорат уонна өрөспүүбүлүкэ ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэрин кытта барбыта.
Докумуону куорат баһылыга Евгений Григорьев ахсынньы 17 күнүгэр баттаата.
«Спортивнай» түөлбэ (КРТ) 2а, 2б, 2г, 4а, 4б, 4в уонна 17-с кыбаарталларынан тайыаҕа. Тутуу 10 сылга тиийэ болдьохтоох ыытыллыаҕа.
Ол туһунан Олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствотын (РИА) пресс-сулууспата иһитиннэрэр.