«Мин баар буолуохтаах хаартыскам» — болҕомтону тардыбыт истиҥ тыыннаах испэктээк
Сэтинньи бүтүүтэ үс күн устата Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар быйыл «Кыһыл көмүс мааска» бириэмийэ сүүмэрдиир түһүмэҕин ааспыт нуучча суруйааччыта Виктор Астафьев “Фотография, на которой меня нет” айымньытын матыыбынан туруоруллубут «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээк үгүс көрөөччүнү түмпүтэ.
«Кыһыл көмүс мааска» Арассыыйа национальнай бириэмийэтигэр барыллаан сүүмэрдээһини ааспыт испэктээги Дьокуускайга анаан-минээн бириэмийэ экспертэрин сэбиэтин чилиэнэ, Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин искусствоҕа үтүөлээх деятелэ Ильмар Альмухаметов кэлэн көрбүтэ. Тыйаатыр хас да сыллаах айымньылаах үлэтин историятыгар маннык хабааннаах бу иккис чыпчаал ситиһиитэ. Бу иннинэ 2009 с. "Кыһыл көмүс мааска" бириэмийэ "Эксперимент" көрүҥэр П. Решетников "Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр" ("Милосердный богатырь", режиссер Е. Иванова-Гримм) олоҥхотунан номинацияламмыта.
Оттон быйылгы "Мин баар буолуохтаах хаартыскам" испэктээкпитигэр киирдэххэ, айымньы сахалыы тылбааһын СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев оҥорбут; инценировкатын – Диана Сутакова; туруорааччы режиссердар – Антон Ботаков уонна СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова. Дьоруойдар кытайдыы саҥаларын Мария Андреева тылбаастаабыт, нууччалыы синхроннай тиэкиһин – Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ираида Попова. Сүрүн оруоллары Сергей Эверстов, СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова уонна Спартак Ларионов толороллор.
Бүгүн биһиги испэктээк айар бөлөҕүн кытта кэпсэттибит.
Алексей Павлов, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, уус-уран салайааччы:
– “Мин баар буолуохтаах хаартыскам” испэктээги туруоруу быйыл сааскыттан саҕаланан, от ыйыгар бэлэм буолбута. Эксперт сүбэтэ испэктээги видеоҕа устууну көрөн, мунньахтаан баран, 1-кы түһүмэҕи аһарбыта. Бары биир киһи курдук куоластаан аһардыбыппыт, ким да утары тугу да эппэтэҕэ дииллэр. Инньэ гынан бу соторутааҕыта испэктээги бириэмийэ сүбэтин эксперэ илэ көрөн барда. Ол кэнниттэн аны бириэмийэ эксперэ Валентина Борисовна Федорова биир идэлээҕэ, тыйаатыр кириитигэ Лариса Михайловна Каневскаяны кытта тиийэн кэлбиттэрэ. Онон ахсынньы 13 күнүгэр кинилэргэ эмиэ көрдөрдүбүт. Манна диэн эттэххэ, Саха сирин тыйаатырын историятыгар икки эксперт кэлэн көрөрө урут суоҕа. Билигин, дьэ, туох диэн сыаналыылларын күүтэбит, ааһара-ааспата ахсынньы ый бүтүүтэ биллиэхтээх.
Айымньы туһунан кэпсиир буоллахха, Виктор Астафьев «Фотография, на которой меня нет» кэпсээнэ автобиографическай хабааннаах. Бу кэпсээни ааҕан баран хас биирдии киһи дьылҕатыттан дойдубут историята таҥыллан тахсар диэн өйдүүбүт. Урукку кэми, историябытын умнуо суохтаахпыт, билиэхтээхпит, өйдүөхтээхпит уонна кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдиэхтээхпит диэн санааны саҕар. Кэлэр көлүөнэ биһиги олохпутун, историябытын, ааспыты билиэхтээх уонна олох олороругар ону туһаныахтаах диэн.
Тус бэйэм испэктээги хаста да көрдүм. Оҕо сырдык-ыраас, дьиҥнээх доҕордоһуутун туһунан олус үчүгэй испэктээк. Сүрүн дьоруой Витя атаҕын ыарыыта көбөн, хаартыскаҕа түһэр күүтүүлээх түгэнтэн матар кутталланар. Онно доҕоро Санька кинини кытта бииргэ буолан, доҕорун өйөөн, “оччоҕо мин эмиэ хаартыскаҕа түспэппин” диэн батынар.
Маны сэргэ эбэ сиэнигэр таптала көстөр. Кини туһугар кыһаллара, төһө кыайарынан эмтиирэ-томтуура, сиэнэ үтүө киһи буола улаатыан баҕарара, ол ыра санаата олус күүстээҕэ ойууланар. Маны таһынан испэктээккэ баар учуутал үөрэнээччилэригэр олус кыһаллара, долгуйара, кинилэр тустарыгар “ыалдьара” олус күүстээхтик бэриллэр. Нэһилиэк баһылыга биир дойдулаахтарын туһугар кыһамньылааҕа эмиэ көстөр.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу испэктээк дьиҥ айымньыттан уларытыылаах. Кэпсээҥҥэ баар 30-с сыллардааҕы Сибиир дэриэбинэтин оннугар режиссер 90-с сыллардааҕы Саха сирин ойуччу сытар бөһүөлэгин олоҕун көрдөрөр.
Биһиги бары билэр 90-с сыллааҕы олохпут көстөр. Бу кэми ааспыт биһиги көлүөнэ ону таҥастарыттан-саптарыттан, иһиттэриттэн-хомуостарыттан билэбит. Ону көрөн, ааспыт кэмнэргэ төннөн ыларга дылы буолабыт. Дэриэбинэ дьонун олоҕо-дьаһаҕа, оскуола үөрэнээччилэрин ыра санаалара – барыта баар. Кинилэр сырдыкка тардыһыылара күүстээх, инникилэригэр эрэллээхтэр. Бу – саха киһитин майгыта, хайдах да түгэҥҥэ куруук инникигэ эрэллээх, ханна да буоллун, сырдыгы булан көрөр уонна онно дьулуһар. Хас биирдии киһи сырдык санаата түмүлүннэҕинэ, бу сайдыыга тириэрдэр диэн биһиги бу испэктээктэн өйдүүбүт.
Манна уонтан тахса артыыс оонньуур даҕаны, массовка диэн өйдөбүл суох. Хас биирдии персонаж – бэйэтэ сүрүн дьоруой. Түмүгэр Витяны доҕоро хаартыскаҕа түһэртэрээри салаасканан соһон аҕалар да, түһэрээччилэр номнуо баран хаалбыт буолаллар. Бу сыананы киһи харах уута суох көрбөт. Доҕордоһуу диэн күүстээх даҕаны диэн өйдөбүлгэ кэлэҕин. Артыыстар олох дьиҥнээх курдук табыллан оонньоотулар. Бэйэм сыанаҕа сылдьар, оонньуур, испэктээк туруорар киһи, саалаттан көрөн олорон бу биир идэлээхтэрим оонньууларыгар олус итэҕэйдим. Бу артыыстар оонньуу сылдьаллар диэн санаа үөскээбэтин курдук турукка киирэн, дьоруойдарын арыйдылар. Киһи киинэни дуу, дьиҥ дэриэбинэ олоҕун дуу туораттан көрөр курдук.
Саҥа испэктээк тахсыыта хас биирдии тыйаатырга ыалга оҕо төрөөһүнүн кэриэтэ. Оттон бу испэктээк дьылҕата көрөөччүттэн тутулуктаах. Көрөөччү ылыннаҕына, олоҕо уһун буолуоҕа уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эмэ сырдыгы-кэрэни саҕар дьылҕаланыаҕа.
Антон Ботаков, режиссер:
– Виктор Астафьев айымньылара, уопсайынан, олус оригинальнай тутуллаахтар. «Фотография, на которой меня нет» кэпсээнэ автобиографическай хабааннаах. Бу айымньыны кытта мин 2019 с. Дьокуускай-Москва рейсинэн көтөн иһэн билсибитим уонна, олус дириҥник ылынан, сыанаҕа туруорары ыраламмытым. Ол санаабын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын салалтата өйөөбүтүгэр махтанабын.
Биһиги бастатан туран, көрөөччү ылынарын курдук, “сахатыттыбыт”. Ааптар айымньытыгар баар XX-с үйэ 30-с сылларынааҕы Сибиир дэриэбинэтин Саха сирин 90-с сылларынан солбуйдубут. Испэктээк худуоһунньуга Мария Ивановалыын сүбэлэһэн, ырытыһан толкуйдаабыппыт. Онтон хамаандабыт хаҥаан, инсценировкалааччы Диана Сутакова, тылбаасчыттар мустан, бу үлэбит таҥыллан тахсыбыта.
Билигин олоххо, искусствоҕа даҕаны олох хараҥа өрүтүн көрдөрө сатааһын наһаа элбэх. Биһиги тыйаатырбыт үөрэҕирии бырагырааматынан үлэлиир. Оттон үөрэх бырагырааматыгар суруйааччы Виктор Астафьев киирэ сылдьар.
Ааптар «буочарын» сүтэрбэккэ, барытын баарынан тылбаастаммыта. Испэктээкпитигэр бэйэбититтэн табаһыт уобараһын эрэ киллэрэн биэрбиппит. Оннооҕор айымньыга баар түҥ дэриэбинэ аата Овсянка диэнтэн Эбиэстээх диэн тылбаастаммыта. Бастаан дьиҥнээх баар нэһилиэгинэн ааттаары гынан баран, тута бу идиэйэттэн аккаастаммыппыт.
Сергей Эверстов, сүрүн оруолу толорооччу:
– “Мин баар буолуохтаах хаартыскам” диэн Антон Ботаков туруоруутугар испэктээккэ сүрүн дьоруойу оонньуубун. Манна, мин санаабар, дьиҥнээх күүстээх доҕордуу сыһыан инники күөҥҥэ тахсар. Дьиэ кэргэнинэн көрүөххэ сөптөөх истиҥ тыыннаах испэктээк. Кэлэн көрбүт эрэ санаата ситэн, астынан барара буолуо дии саныыбын. Испэктээккэ көрдөрүллэр сүрүн кыһалҕа – оҕо ыра санаата туолбата. Кытайдар кэлбиттэригэр омуктары көрсөр баҕа санаата (кини, 90-с сс. оҕолоро, баҕар, Брюс Лини дуу, Джеки Чаны дуу кумир оҥостор буолуон сөп), хаартыскаҕа түһүөхтээҕэ бу кини ыарыыта көбөн кэлбититтэн сылтаан туора сотуллар.
Сүрүн дьоруой уобараһын арыйарга төһө кыалларынан кинини чугастык ылына сатаабытым. Арамачыыс ыарыы туһунан, ыалдьааччыга хайдах дьайарын эҥин үөрэтэн көрбүтүм. Дьоруойбун, баҕар, толору ылыммакка сылдьарым буолуо, ол эрээри кыайарбынан уобараһы тириэрдэргэ үлэлиибин.
Хаартыскалар: Үүнэр көлүөнэтыйаатырын архыыбыттан