Ааҕарга-суоттуурга, сынньанарга үчүгэй даҕаны!
31-с №-дээх оскуола алын сүһүөх кылаастарын учууталлара үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр «Тропинка к успеху» бырайыактарынан оҕо аймах сайдар, сынньанар бэртээхэй эйгэтэ тэриллибит. Ол курдук, айар бөлөх Куораттааҕы үөрэх управлениета ыыппыт күрэҕэр кыттан, 500 тыһ. солк. суумалаах Граны ылбыт. Бу туһунан соторутааҕыта Естественно-научнай педагогическай форумҥа дириэктэри солбуйааччы Марина Валерьевна Сивцева кэпсээбитин кэрэхсии истибиппит.
Бу иннинэ федеральнай бырагырааманан оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут, саҥа миэбэл ылыллыбыт. Ол эрээри учууталлар, оскуола салалтата оҕо сынньанар зонатын өссө тупсаҕайдык, сонуннук киэргэтиэхтэрин баҕарбыттар. Хата, ол ыра санааларын бырайыак көмөтүнэн олоххо киллэрбиттэр.
Ол курдук, биир эркиҥҥэ Пифагор таблицата сыһыарыллыбыт. Оҕолор күн аайы кэлэ-бара сылдьан көрөллөрүгэр, өйдөрүгэр хатыылларыгар бэртээхэй идиэйэ. Аны куйаар-куод көмөтүнэн киирэн, араас садаачалары суоттууллар (ааптардар Андреева З.Е., Заморщикова В.В., Спиридонова Е.Н.), үбү-харчыны сөпкө туһанарга үөрэтэр сорудахтары толороллор эбит.
Бүтүн биир эркиҥҥэ Саха сирин каартатыгар өрөспүүбүлүкэбит геральдиката, ону таһынан улуустарын дьаралыктара, төрүт олохтоохторо ойууламмыттар. Куйаар-куодунан киирэн, оҕолор көрдөөх садаачалары суоттууллар, элбэҕи билэллэр-көрөллөр. Каарта аныгылыы уот-күөс көмөтүнэн, чахчы, ыраахтан угуйар.
Көрүҥ эрэ, аны биир эркиҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит туһунан кэпсиир сыыппаралар кистэммиттэр: Саха сирин иэнэ, улуустарын, куораттарын, өрүстэрин, күөллэрин ахсаана, киин куората, кэрэ-бэлиэ сирдэрэ. Куйаар-куод көмөтүнэн оҕолор төрөөбүт дойдуларын туһунан билиилэрин өссө хаҥатар кыахтаахтар.
Көрүдүөргэ магниттаах дуоскалар тураллар, дьарыктана түһэргэ биир табыгастаах ньыма. Оттон өссө биир эркини математика азбуката киэргэппит. Ахсааҥҥа үөрэтэр, өйү сытыылыыр домино, саахымат курдук остуол оонньуулара киэҥ сэҥээриини ылаллар.
Бырайыагы толкуйдаабыт айар бөлөх эркиннэри эрэ буолбакка, муостаны, үктэллэри кытта туһаммыта кэрэхсэбиллээх. Оҕолор ахсаан көрдөөх «хонуутугар» классиктыыллар, ыстана-ойуоккалыы таарыйа бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһа үөрэнэллэр.
Астык буолбатах дуо?! Оҕо аймахха тупсаҕай көстүүлээх уонна туһалаах эйгэ тэриллибит! Үөрэнээччилэри ситиһиигэ сирдиир бырайыак олоххо киириэҕиттэн перемена аайы алын сүһүөх кылаастар көрүдүөрдэрэ биир кэм сэргэхсийэ түһэр. Бачча үчүгэй сынньанар зоналаах оскуолаҕа уһун унньуктаах үөрэх күнэ биллибэккэ ааһара чуолкай!
Хаартыскалар: бырайыак видеотыттан