Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү иккис түһүмэҕэ саҕаланна
Ахсынньы 17 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Россия 24” ханаалга “Куораты кытта быһа эпиир” биэриигэ хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү хаамыытыгар тохтоото.
Дойду баһылыга В.В. Путин сорудаҕынан маастар-былаанынан 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка биир даҕаны хаарбах туруктаах дьиэ хаалыа суохтаах.
Ол курдук, Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, киин куоракка 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү былаана болдьоҕун иннигэр түмүктэнэр кэриҥнээх. Бу көрдөрүү бүгүҥҥү күҥҥэ 97% тиийэн турар.
Онон, баһылык бэлиэтээбитинэн, билигин 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиниллибит 957 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көтүрүү бырагырааматын олоххо киллэрии территориялары кэлимник сайыннарыы былаанын, тустаах муниципальнай бырагыраама уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн киирэр үп суотугар номнуо саҕаланан эрэр.
Чуолаан, аэропорт хайысхатынан, саҥа «Спортивнай» түөлбэҕэ тутуллар оҕо садын уонна спорт саалатын тутар сирдэргэ турар хаарбах дьиэлэри көтүрүү саҕаланна, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.