15.12.2024 | 12:00

Хатас — саахымат туоната

Хатас — саахымат туоната
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Саахымат – сааһыламмыт санаа, тобуллубут толкуй, бараммат барыл, саахымат – өркөн өй өрөгөйө, мындыр өй мыыраайыта. Бу көрүҥүнэн дьарыктанар киһи олоххо буолар араас быһыыттан-майгыттан кыайыылааҕынан тахсар, туруоруллубут соругу сонордоһон туран толорор үөрүйэхтэри иҥэринэр.

Хатаска Иннокентий Иннокентьевич Захаров аатынан Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спорт оскуолатыгар И.И. Захаров төрөөбүтэ 90 сылыгар туһуламмыт 13-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымакка түргэн оонньууга аһаҕас мемориал буолан ааста. Күрэххэ Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Намтан, Тааттаттан, Дьокуускайтан, Хатастан 10 саастарыттан 88-гар, Арассыыйа таһымыгар эбэтэр норуоттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт VIII-с “Азия оҕолорун” кыттааччытыгар тиийэ бааллар.  Күрэх тэрээһинигэр Е.П. Пермяков салайааччылаах олохтоох дьаһалта, Н.В. Слепцов дириэктэрдээх П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан орто оскуола, Х.Н. Лемешева дириэктэрдээх оҕо ускуустубатын оскуолата, С.Т. Стручкова салайааччылаах “Ситим” айымньы дьиэтэ, В.А. Чепалов салайааччылаах “Тускул” КК, А.М. Баишев дириэктэрдээх И.И. Захаров аатынан 7 №-дээх спорт оскуола, аймах-билэ дьоннор көхтөөх кыттыыны ыллылар. Судьуйалар Д.З. Егоровы, И.С. Протодьяконовы, А.С. Местниковы, В.А. Гаврильевы норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа, саахымакка уонна дуобакка маастарга хандьыдаат Г.П. Винокуров иилээн-саҕалаан үлэлэттэ.

Гавриил Петрович Винокуров:

– Саахымакка, дуобакка даҕаны өркөн өй эрэ буолбакка, эт-хаан сайдыылаах буолара сүҥкэн оруоллаах. Өй үлэтэ илии-атах үлэтинээҕэр киһини түргэнник сылатар, онон саахыматчыт дьэ дьиҥ-чахчы тулуурдаах-дьулуурдаах уонна кыахтаах киһи диэни мин олох итэҕэйэбин даҕаны, билэбин даҕаны.

 

Александра Васильевна Прокопьева, кыттааччы:

– Саахымат диэн миэхэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор киһиэхэ, этэргэ дылы, үөрүүм-көтүүм, доҕотторбунуун алтыһыым, сэргэхсийиим. Саахыматчыт дьүөгэлэрбиниин сөп буола-буола бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһан оонньуубут, дуобаттыыбыт, баарыстыыбыт даҕаны. Бу түргэн күрэххэ, өйдөрө-санаалара имигэс буолан, эдэрдэр күннээтилэр, сорох сорохторугар аҕыйахта хааман хааллыбыт.

 

Александр Прокопьевич Софронов, кыттааччы:

– Күрэххэ Иннокентий Иннокентьевич Захаровка ытыктабылбын биллэрэн кэллим. Кини үлэлиирин саҕана дьарыктаммыт, күрэхтэспит эбит буоллахпына, кэлиҥҥи уонунан сылларга, дьиэттэн-уоттан, үлэттэн үтүрүйтэрэн, дьарыктаныы суоҕа. Ону билинэбин. Бу олох соторутааҕыта түөлбэнэн күрэххэ доҕотторбун көрсөн, күрэх тыынын ыламмын, хайдах эрэ сэргэхсийэ, чөрөс гына сылдьабын. Биллэн турар, оонньуум чаҕылхай диир кыаҕым суох, дьарыктаныахха наада диэн санаа күүскэ киирдэ.

Ангелина Романовна Степанова, И.И. Захаров аатынан 7 №-дээх спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы:

– Бу мемориал саахымакка САССР үс төгүллээх чөмпүйүөнэ,  салайар талааннаах, дьоҕурдаах, спорка, чөл-чэгиэн олоххо дэгиттэр тэҥ сайдыылаах, талбыт идэтигэр, төрөөбүт дойдуга дьиҥ-чахчы бэриниилээх Иннокентий Иннокентьевич Захаровка анаммыта биһиэхэ сүрдээх эппиэтинэс уонна чиэс-бочуот. Онон кини аатыгар декада биллэрэммит, кэккэ тэрээһиннэри ыыттыбыт. Биир биһирэбили уонна өйөбүлү, саҥа тыыны ылбыт тэрээһининэн оскуолабыт кэлэктиибин иһигэр дуобакка күрэх буолбута. Маннык тэрээһиннэр үлэ хаачыстыбата үрдүүрүгэр төһүү күүс буолаллар. Аны туран, И.И. Захаров айылҕаҕа чугаһа декада саҕаланыаҕыттан биллибитэ. Холобура, оруобуна кини аата иҥэриллибит докумуона төрөөбүт күнүгэр илии баттаммыта

 

Валентин Азотович Чепалов, “Тускул” КК салайааччыта:

– Руслан Иннокентьевич Жирков салайааччылаах саахымат-дуобат кулууба “Тускул” КК биир саамай таһаарыылаах түмсүүтэ. Онон биһиги бу декадаҕа үөрүүнэн кытынныбыт, кыахпытынан көмөлөстүбүт. Күрэх сүрдээх далааһыннаахтык, киэҥник барбытыгар И.И. Захаров аатынан 7 №-дээх спорт оскуолатыгар, тэрийэр хамыыһыйаҕа махталбыт улахан.

 

Атын улуустар, нэһилиэктэр дэлэгээссийэлэрэ эмиэ күрэх таһымын үрдүгүнэн бэлиэтээбиттэрэ, «сахалыы тыыннаах нэһилиэккэ кэлэн, күрэхпит тыына эмиэ сахалыы холку, дьоһун, мөккүөрэ-моргуора, ыгыллыыта-түүрүүллүүтэ суох хайдах эрэ ураты сылаастык, сырдыктык барда» диэн санааларын үллэстибиттэрэ тэрийээччилэргэ үрдүк сыанабыл.

И.И. Захаровка анаммыт декада түмүктүүр түһүмэҕэ – мемориал өйгө-санааҕа хаалардыы ааспытыгар өссө биир улахан махталбыт  А.В. Егоров бэрэсидьиэннээх СӨ саахымакка федерациятыгар буолар. Анатолий Владимирович бэйэтэ кэлэн эҕэрдэлээн, өссө мемориалга оонньооччу быһыытынан кыттан, сүргэбитин көтөхтө. Оттон ханнык баҕарар тэрээһин көҕүлээччитин, саҕалааччытын салайар, оҥорор-тутар таһымыттан улахан тутулуктаах. Манна биһиги хайаан даҕаны ааттыахтаах, сүгүрүйүөхтээх киһибит – СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэтин хаһаайына, РСФСР үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ физкултуураҕа уонна спорка туйгуна Р.И. Жирков.

Олоҕун ыччат дьон үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар анаабыт Руслан Иннокентьевич Жирков:

– Иннокентий Иннокентьевич талбыт идэтигэр бэриниитинэн, дириҥ билиитинэн өрөспүүбүлүкэ билинэр киһитэ этэ. САССР чөмпүйэнээттэригэр, сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир тэрийэр хамыыһыйаҕа, судьуйалааһыҥҥа куруук үлэлэһэрэ, Арассыыйа, ССРС таһымыгар элбэх күрэххэ айаннаабыта. Сергей Николаев диэн куоракка эрчийбит оҕото 1976 с. РСФСР полуфиналыгар, саахымакка, уолаттарга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ бастаабыта. Кэлин Саха сириттэн бастакы саахымакка аан дойду кылаастаах маастар буолбута. Хатаска дьарыктаабыт оҕолоруттан эмиэ норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр ситиһиилээх, тахсыылаах үлэһиттэр тахсыбыттара

Хатастааҕы 7 №-дээх спорт оскуолата Иннокентий Иннокентьевич аатын үрдүктүк тутар, үйэтитии да боппуруостарыгар, күннээҕи да олоххо. Бу уораҕайга дьарыктанар 825 оҕо бары чөмпүйүөн буолбаталлар даҕаны, чөл-чэгиэн олох үтүөтүн күн аайы эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан билэн, олоххо бэлэмнээх, чиҥ туруктаах буола иитиллэн тахсалларыгар эрэлим улахан.

Түмүккэ, дьэ, кылаан кыайыылаахтарынан кимнээх буоллулар? 1 миэстэ – Василий Васильевич Романов, 2 миэстэ – Игорь Спиридонович Протодьяконов, 3 миэстэ – Дмитрий Николаевич Мосорин. Маны таһынан категорияларынан (саастарынан) наҕараадаламмыттар, анал бириэмийэлэри туппуттар бааллар.

Бу курдук Хатастар чулуу киһибит И.И. Захаров төрөөбүтэ 90 сылын туолар күнүгэр өйгө-санааҕа хаалар үтүөкэн тэрээһини ыыттыбыт.

 

Февронья Михайлова хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Сонуннар | 05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Саҥа дьылга диэри хаалбыт кэм иһигэр уот төлөбүрүгэр иэһи эмиэ пенитэ суох төлүөххэ сөп. Бу аахсыйаны “Якутскэнерго” АХ тэриллибитэ 50 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытар эбит. Каассаларын өрөбүл күннэргэ кытта үлэлиир оҥорбуттар. Маннык аадырыстары ыйбыттар: Б.Чижик уул., 4/1 (10.00–17. 00 чч.), Дзержинскэй уул., 2 (ЛОРП дьиэтэ, 09.00–17.15 чч.) уонна 13/3 нүөмэрдээх...