14.12.2024 | 12:00

Кийиит уонна хотун сыһыаннара...

Кийиит уонна хотун сыһыаннара...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Ааспыт сырыыга күндү күтүөттэр тустарынан дьон санаатын таһаарбыппыт. Бүгүн аны кийииттэргэ киириэҕиҥ. 
Хотун уонна кийиит сыһыаннара, бастакы кийииттээһин, ыал буолан олоруу, ийэ, эбээ буолуу. Кыыс оҕо буолан төрөөн дьылҕа хааммыт ыйбытынан бу суолтан ким да туораабат, аналбытын көрсөн олох олоробут, саҥа суол тэлинэбит. Онон, үс кийиит санаатын билиһиннэрэбин.

Лена Сидорова:

— Мин 14 сааспар диэри үрүҥ чыычаах үрдүбүнэн көппөтөх, баҕарбытым барыта туолар, ымсыырбытым ылыллан баар буолан иһэр, туох да кыһалҕа диэни билбэтэх, олус атаахтык иитиллибит ыал соҕотох мааны кыыһа этим.

Ол эрээри биир күн барыта хараҥаран, олоҕум тосту-туора уларыйан хаалбыта. Ийэлээх аҕам суол саахалыгар түбэһэн, эдэр саастарыгар олохтон туораабыттара. Миигин үс уол оҕолоох аймахтарым иитэ ылбыттара. Ол кэмтэн ыла ийэ, аҕа сылаас сыһыанын умнан, уолаттар быыстарыгар этиһэн-охсуһан, этэҥҥэ оскуолабын бүтэрэн, саҥа бэйэм эрэ билэр олоҕум суолугар үктэммитим.

Тас дьүһүммүнэн киһиэхэ сирдэрбэт, кырасыабайбын диэн син бэйэбин билинэр кыыска уолаттар харахтарын хатыыллара, билсэ-көрсө сатыыллара үгүһэ. Оннук, иккис кууруска устудьуоннуу сылдьан, куорат уолун таптаан, ис сүрэхпиттэн сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым. Уолум дьонугар бастакыбын кийииттии барар буолан  хайдах көрсүөхтэрин, туох кэһиилээх барарбын, сөбүлүөхтэрэ дуу, суох дуу диэн долгуйуу бөҕө.

Күүппүт күнүм тигинээн кэлэн, кийиит быһыытынан билсиһэ, саҥа аймахтарбын кытта көрсүһэ тиийдибит. Хотунум куорат мааны дьахтара, үрдүк сололоох үлэлээх, бэрт ис-киирбэх дьүһүннээх, миигин саҥа киһи кэллэ диэн бэркэ үөрэ-көтө көрүстэ. Ол эрээри киһи киэн тутта кэпсиир, хайгыыр аймаҕа суохпуттан, тулаайах кэриэтэ буоларбыттан, үөрэхпитин бүтэрбэккэ да сылдьан ыал буолан эрэрбититтэн санаата түстэ дуу диэн өйдөбүл үөскээтэ. Куорат кыахтаах дьонун сиэринэн, элбэх киһилээх уруу тэрийдилэр, тойоттор-хотуттар буолунайдар. Билсэн истэх аайы, хотунум кытаанах, ирдэбиллээх майгыта көстөн испитэ. Кини этэр тылыттан тахсыбаппын, тыл бырахсыбаппын, оннук быраабым да суох. Барыта кини эппитинэн, кини ыйбытынан олоробут. Миигин сэниирэ, ылыммата, уолугар тэҥнээбэтин көрдөрөрө үксээтэ.

Сыл-хонук ааһан, үөрэхпитин бүтэрэн, бастакы тапталбыт омуна уостан, номнуо оҕолонон олордохпуна, кэргэним күүлэйдиир, кэлэр-барар буолла. Оннук сылдьан атын эдэр кыыстанна, миэхэ илиитинэн киирэр, куттуур буолла. Тулуйа сатаан баран арахсарга күһэлинним. Дьэ онно хотунум үнтү үөхпэтэ дуо! Бу сыллар тухары тугу саныы сылдьыбытын барытын биир тыынынан кутан кэбистэ. Кэлэр-барар сирэ суох, биир да аймаҕа түптээн көмөлөспөт, барыта бэлэмҥэ сылдьар аатырдым. Оҕобутугар улаханнык сыстыбат этэ. Арай кыыһын оҕотун олус чугастык ылынара, куруутун көмөлөһөрө. Арахсарбытыттан, хата, үөрдэ, быһыыта. Аны бэйэм-бэйэбэр эрэ эрэнэбин, биир оҕобун иитиэм, алимент көрдөөбөппүн диэн тыл биэрэн баран ааны сабан тахсан барбытым.

Оҕом, тапталлаах кыыһым түөрт сааһын туолбутугар иккистээн ыал буоларга санаммытым. Ылбычча тахсыбатаҕым. Сүрэҕим тугу этэрин өр толкуйдаан, ырыҥалатан көрөн, туора оҕоҕо киһим хайдах сыһыаннаһарын көрөн-истэн баран өссө биирдэ олохпун оҥостон көрүүм диэн сөбүлэҥмин биэрбитим. Хата, олус үчүгэй майгылаах киһиэхэ түбэспитим. Куруутун үөрэ-көтө сылдьар, олоҕу судургутук ылынар, кылаабынайа, мин оҕобун бэйэтин оҕотун курдук таптыыр, туораппат.

Ийэтин, аҕатын кытта билиһиннэрэригэр долгуйбутум ханна барыай? Өссө күүһүрбүтэ. Арахсыбыт, бэйэтэ оҕолоох, дьоно суохтар диэн эмиэ хайдах ылыныахтара биллибэт. Буолар буоллун диэн баран ас-үөл, кэһии, бэлэх ылан баран киһим дэриэбинэтигэр өр-өтөр айаннаан тиийдибит.

Сүрэҕим эппэҥнэс, биир кэм айахпынан ыстанан тахсыах айылаах. Киһим уоскутар, төрөппүттэрим боростуой, судургу дьон, куттаныма диир. Тыый, арай остуол хотойорунан ас-үөл баһаам. Чугас аймахтар кийиит көрсө диэн кэлбиттэр, үөрүү-көтүү бөҕө. Ийэбит үөрэн чоҕулуйбут харахтарынан маанылыы көрөн, кэлэн сыллаан ылла. Аҕабыт чэбир буолбут күүстээх илиитинэн илии тутуһан, “папабын” диэн билистэ уонна оҕобун көтөҕөн ылан: “Мин эһээбин, эн аатыҥ кимий?” - диэн күө-дьаа кэпсэтэ, билсэ илдьэ барда.

Хараҕым уута биирдэ бэттэх баар буола түстэ, бөтө бэрдэрэн баран, хата, үөрүүбүттэн түргэн баҕайытык аһарынным. Дьиэҕэ киирдэ-киирээт истиҥ сылаас сыһыаны билэн, бу мин дьонум, мин дьиэ кэргэним диэн тутатына чугастык ылынным. Ыал аҕа баһылыга аҕабыт сытыары-сымнаҕас майгылаах, бүгүрү  үлэһит. Сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох быһыылаах. Ийэбит олус көхтөөх, бэһиэлэй, асчыта, иистэнньэҥэ, муударайа бөҕө. Хаһаайка бэрдэ. Оҕолорун, үс кийиитин, соҕотох күтүөтүн, сиэннэрин биир тэҥник таптыыр. Уолаттарыгар өссө этэр: «Кийииттэрбин эрэйдээн көрөөрүҥ эрэ, кэһэтэлиэм. Уолаттарым диэки буолбакка, кийииттэрим диэки буолуом», - диир.  Мин оҕобун бэйэлэрин сиэннэрин курдук ылыналлар, онтон наһаа үөрэбин. Ийэбин, аҕабын сүтэрбит сүрэх баастаах буолан, кэргэним дьоно миэхэ бэйэлэрин оҕолорун курдук сыһыаннаһалларыгар наһаа махтанабын, олус чугастык ылынан таптыыбын. Дьоммутугар куруутун көмөлөһөбүт, ылса-бэрсэ олоробут. Кийииттэр да, күтүөт да “Маамаа, паапаа” диэн ынырабыт. Бары иллээх баҕайыбыт. Ийэбит бука бары биир түмсүүлээх дьиэ кэргэн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөнсөн, халыҥ аймах буоларбытын ситиһэр, саамай түмэр чугас киһибит.

Иккитэ ыал буолан олох оҥостубут киһи хотун уонна кийиит сыһыаннарыгар үгүһү биллим-көрдүм. Бэйэм үчүгэй хотун буолуом диэн сананабын. Оҕолорум талан ылбыт аргыстарын туора көрбөккө, бэйэлэрин олохторун оҥостоллоругар, сыыһа-халты да таҕыстар, бэйэлэрин суолларын солуулларыгар мэһэйдэһиэм суоҕа диэн бүк эрэллээхпин.

Билигин үс оҕолонон, быр-бааччы дьиэ-уот тэринэн, дьоллоох ийэ, кэргэн буолан олорон, икки хотуммар иккиэннэригэр махтанабын. Бииригэр уопут иһин, иккис хотуммар, ийэм курдук чугастык саныыр киһибэр - тапталын, өйөбүлүн, олоҕу көрүүтүн, муударайын иһин.

 

Клавдия Петрова:

— Икки сүрэх холбостохторуна олох атын көрүүлээх, атын иитиилээх, атын үгэстээх дьон аймахтыы буолан хаалаллар. Оннук курдук олох атын олохтоох дьон ортотугар эмискэ баар буола түспүтүм. Бастаан утаа өһүргэнэрим, өйдөөбөтүм, дьиибэргиирим элбэх этэ. Онтон ис иһигэр киирэн, сыыйа билсэн, кэпсэтэн барбыппыт, хата, кимнээҕэр боростуой дьон эбит, билигин бэйэлэрин кыыстарыттан ордуга суох көрөллөр, оннук сыһыаннаһаллар.

Хотунум тоҥуй эрээри, олус сиэрдээх, чиэһинэй, хайдах баарынан сылдьар көнө киһи. Кинини утары бара сатаабаппын, төттөрүтүн, уолларын кинилэргэ сыһыара сатыыбын, саастаах дьон буоллаҕа, син биир аныгы олоҕу өйдөөбөт, ылыммат түгэннэрэ ханна барыай. Сөпсөһөбүн эрээри, бэйэм атыннык саныыр буоллахпына, онтубун этэбин. Ону кини эмиэ өйдүүр, ылынар. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит, оҕо көрүүтүгэр бастакы уочарат кинилэр сүүрэн кэлэллэр, оҕону атаахтата, таптыы, сыллыы сылдьыбаттар эрээри, олус диэн таптыылларын 100 бырыһыан билэбин. Биһиги олохпутугар орооспоттор, хайдах олороҕут эҥин диэн наһаа интэриэһиргээбэттэр диэххэ сөп, бэйэбит бэйэбитигэр олордохпут. Уопсайынан, наһаа үчүгэй ыалга түбэспиппиттэн үөрэ саныыбын, араас ыалга кийиит буолбут дьүөгэлэрдээхпин, онон таҥараҕа эрэ махтанабын. Бэйэм кийииппин, оҕом талан ылбыт кыыһын хайдах баарынан ылыныам эбитэ буолуо, ол эрээри этэргэ дөбөҥ, үчүгэй, киһи киһитинэн кийиит түбэстин диэн баҕа санаалаахпын. Бэйэм кийиитим, күтүөтүм суох, тастыҥ кийииттэрдээхпин, араас-араас, сорохторун киһи өйдөөбөт, ылыммат кийииттэрэ да бааллар. Чэ, бэйэлэрин олохторо, убайбын дуу, бырааппын дуу кытта тапсан олороллоро – ол кылаабынай буоллаҕа.

 

Матрена Николаевна:

— Мин атын нэһилиэккэ кийииттии кэлбиппэр, кэргэн тахсыахтаах уолум дьоно сонургуу көрсүбүттэрэ уонна бастакы ыйытыктара ким оҕотоҕунуй диэн этэ. Ол саҕана 80-90 сс. сиэр-майгы сыаннаһа диэн баар эбит. Онтон холбоспуппут кэнниттэн саамай кырдьаҕас эдьиий эбэтэ сүбэлиирэ, дьэ, кыыскын харыстаа, олоххун харыстаа, олоҕунан оонньоомо диэн. Оттон кырдьаҕас убайдара “кытаат, эр киһи аатын биһиги аймахха түһэн биэримэ” дииллэрэ. Бэйэм ийэм суох буолан, хотуммун сүбэһит, ийэм курдук ылыммытым, кини эмиэ кыыһын курдук сүбэлиирэ. Ол эрээри хотун эппитин курдук ардыгар буолбат, бэйэбит санаабытынан оҥоро сатыыбыт. Кэргэним дьоно ыраах буолан, ыалдьыттаһа эрэ сылдьар этибит.

Билигин оҕолорум улаатан, уолум ыал буолан, кийиит кэлбитэ. Уолбар дьүөрэлии, уолбун таптаабыт кыыс  диэн үөрэ көрсүбүтүм эрээри, биир бииргэ кийииппиниин кэпсэтэн турабын. Уолум итэҕэһин өйдүүрүгэр эппитим. Кийиит ылыммыта. Күн бүгүн кийииппин кытта бииргэбит. Хотун уонна кийиит эйэлээх буоллахтарына,  ыал эмиэ эйэлээх буолар, уонна хотун аһара уолун олоҕор орооспото ордук. Уолум аахха ыалдьыттыы тиийдэхпинэ да,  дьаһайан барбаппын, кийиит “территорията”, ону тыыппаппын. Биир дьиэҕэ икки хаһаайка баара сатамматын кэриэтэ.

Билиҥҥитэ биир кийииттээхпин, иккис кийиит кэллэҕинэ, кыра, улахан эрэ диэм эбитэ буолуо. Кийиит диэн уолгар ийэ буолбатах, биир тэҥнээх сүбэһитэ, доҕоро, кинини тойон оҥорор киһитэ буоллаҕа. Онон хаһан да кийиити намтата көрүмэҥ, онтон кийиит эмиэ өйдүөхтээх ыал оҕотун, уолун, убайдарын, бырааттарын кэргэн оносторун.

Сахалыы тыыннаах, өйдөһөр эдэр ыаллар үксүү турдуннар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Сонуннар | 05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Саҥа дьылга диэри хаалбыт кэм иһигэр уот төлөбүрүгэр иэһи эмиэ пенитэ суох төлүөххэ сөп. Бу аахсыйаны “Якутскэнерго” АХ тэриллибитэ 50 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытар эбит. Каассаларын өрөбүл күннэргэ кытта үлэлиир оҥорбуттар. Маннык аадырыстары ыйбыттар: Б.Чижик уул., 4/1 (10.00–17. 00 чч.), Дзержинскэй уул., 2 (ЛОРП дьиэтэ, 09.00–17.15 чч.) уонна 13/3 нүөмэрдээх...