СФР үлэнэн хааччыйыы иһин субсидия аныыр
Судаарыстыба нэһилиэнньэ кэккэ көрүҥ араҥатын үлэнэн хааччыйар туһугар РФ Биэнсийэҕэ уонна социальнай страховкаҕа пуондатын нөҥүө тустаах көрүҥҥэ киирсэр үлэтэ суохтары үлэҕэ ылар тэрилтэлэргэ – ол иһигэр кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар эмиэ хапсаллар – субсидия көрөр. Субсидияны биэрии Быраабылата дойду бырабыыталыстыбата 2021 сыл кулун тутар 13 күнүгэр таһаарбыт 362 №-дээх уурааҕынан бигэргэммитэ. Кэлин онно эбии-көҕүрэтии киирбит.
Үөһэ ааттаммыт тэрилтэлэр нэһилиэнньэ ханнык категориятын үлэҕэ ыллахтарына, судаарыстыба субсидиятыгар хапсыахтарын сөп эбитий? Билсиэҕиҥ:
• РФ Үлэ кодексын (ТК) 81-с ыст. 1-кы уонна 2-с пууннарыгар үлэтэ суох хаалбыты үлэнэн хааччыйбыттар;
• Үлэлэриттэн ууратыллар туруктаах РФ гражданнарын эбэтэр ТК 77-с ыст. 5-с пуунугар олоҕуран, үлэнэн хааччыйааччылар икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэҥ быһыытынан атын үлэҕэ, толорута суох үлэ эрэсиимигэр көһөрүллүбүт, хамнаһа төлөммөт тохтобулга эбэтэр төлөбүрэ суох уоппускаҕа ыытыллыбыт дьону ылбыттарга;
• Арассыыйаҕа быстах кэмҥэ куотан кэлэн олорорун туһунан сибидиэтэлистибэлээх биитэр “беженец” быһыытынан кэлбит, ол иннинэ Украина сиригэр-уотугар олорбут Украина гражданнара уонна гражданствота суох да дьону үлэҕэ ыллахтарына;
• Отутугар диэри саастаах ыччаты ыллахтарына;
• 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн саҕалаан – ДНР, ЛНР уонна Украина, 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүттэн ыла – Запорожье уонна Херсон уобалаһыгар байыаннай дьайыыга кыттыбыт, көмөлөспүт уонна байыаннай сулууспаттан, үлэттэн босхоломмут бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин үлэнэн хааччыйдахтарына;
• ЛНР, ДНР публичнай былааһын быһаарыытынан, 2014 сыл ыам ыйын 11 күнүттэн саҕалаан, туһааннаах өрөспүүбүлүкэлэр Сэбилэниилээх күүстэригэр, народнай милииссийэлэригэр, байыаннай түмсүүлэригэр сулууспалаабыт, тустаах өрөспүүбүлүкэлэр уорганнарыгар үлэлээбит дьону ыллахтарына;
• СВО кыттыылаахтарын, ону тэҥэ СВО-ҕа сулууспалыы сылдьан эбэтэр онтон уурайан кэлэн баран, онно ылбыт эчэйиилэриттэн, СВО сулууспалыыр кэмнэриттэн саҕаламмыт ыарыыларыттан сэдиптээн суох буолбут дьон дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин ыллахтарына;
• РФ атын субъегыттан үлэлии кэлбит дойду гражданнара эбэтэр биир субъект иһигэр да буолбутун иһин, бастайааннай пропискалаах сириттэн 50 км итэҕэһэ суох ыраах сиргэ үлэлии кэлбит дьону үлэнэн хааччыйдахтарына;
• Олоҕурбут бэрээдэгинэн инбэлиитинэн билиниллибит дьону үлэҕэ ыллахтарына;
Ити аата, нэһилиэнньэ бу үөһэ суруллубут категориятыгар киирсэр үлэтэ суохтары үлэ миэстэтинэн хааччыйбыт тэрилтэ СФР-га субсидия ананарын туруорсар, сайабылыанньалаһар кыахтаах. Онуоха тэрилтэ туһааннаах гражданин үлэ дуогабарыгар олоҕуран, үлэлээн саҕалаабыт күнүттэн биир ЫЙ ааспытын кэннэ “Соцстрах” Кэлим интегрированнай иһитиннэрэр тиһиккэ сайабылыанньа ыытар. Ол эрээри оннук сайабылыанньаны ааһан эрэр “финансовай” сыл ахсынньы ыйын 15 күнүттэн хойутаппакка ыытыахтаах эбит. Иккиһинэн, сайабылыанньа күүһүрдүллүбүт квалификациялаах эбэтэр судургу да электроннай илии баттааһыннаах буолара ирдэнэр.
Оннук сайабылыанньаны тэрилтэ үлэтин-хамнаһын автоматизациялыырыгар туттар информационнай тиһигин туһанан эбэтэр СФР иһитиннэриини атастаһар сервиһин нөҥүө босхо туһаныыга сылдьар ПО көмөтүнэн ыытыан сөп.
Үлэһиккэ наадыйар тэрилтэ “Работа в России” Кэлим цифровой платформаҕа “Тус кэбиниэт” арынан, дьарыктаах буолуу сулууспатыгар сайабылыанньа ыытыахтаах. Ону кытта тэҥинэн туох идэлээхтэргэ наадыйалларын, туох дуоһунаска вакансия баарын туһунан иһитиннэриини эмиэ угар (Оччотугар дьарыктаах буолуу сулууспата үлэнэн хааччыйабын диэбит тэрилтэҕэ үлэһити таларыгар, буларыгар көмөлөһүөхтээҕэ этиллэр).
Дьэ, ол кэнниттэн тэрилтэ субсидия ананар тэрилтэлэрин реестиригэр киирэр гына, СФР-га сайаапка ыытыахтаах. Пуонда ол сайабылыанньаны тутан баран, үлэнэн хааччыйааччы тэрилтэ уонна үлэнэн хааччыллыбыт гражданнар дааннайдарын бэрэбиэркэлиир. Быһаарыы ылынар.
Бу маннык дьаһаныы иккис үтүө өрүтэ – үөһэ этиллибит, нэһилиэнньэ өйөбүлүнэн туһаныахтаах араҥата үлэ булунар кыаҕа биллэ улаатар.