Куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт
«Киин куорат» телеграм-ханаалыгар «Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?» диэн суруйууну үтүктэн, бэйэм санаабын этиэхпин баҕардым.
- Биһиги дьиэ кэргэн «Прометей» микрооройуоҥҥа бастаан тутуллан эрдэҕинэ дьиэ атыылаһан көһөн кэлбиппит уонча сыл буолла. Онно киһи да аҕыйах быһыылаах этэ, дьиэ да аҕыйах тутулуннаҕа. Онон 14-с оптуобуһунан Автодорожнайга тахсаммыт, үөрэхпитигэр, үлэбитигэр айанныыр этибит. Онтон кэлин дьиэ эбиллэн истэҕин аайы саамай куораппыт киинигэр тиийэр 14-с оптуобуспут иһирдьэ киирэн тахсар буолбута. Ол наһаа табыгастаах этэ.
Онтон төһөнөн дьиэ-уот тутуллан, киһи элбээн истэҕин аайы бу оптуобуспут биһиги айаммытын толуйбат, эппиэттээбэт буолан испитэ. Тоҕо диэтэххэ наһаа элбэх эдэр, үлэлиир ыал олорор, киһи барыта массыыналаах буолбатах, наһаа элбэх оҕо үөрэнэ барар, кэлэр. Ол аайы бу оптуобуска сорох ардыгар баппакка, иккис, үһүс оптуобуһунан да барбыт-кэлбит дьон элбэх буолааччылар. Куруутун айанныыр буоламмыт, бэйэ икки ардыгар кэпсэтэбит эҥин буоллаҕа. Онон саамай абырыыр, куорат киинигэр барар оптуобуспут наһаа ноҕоруусканы көрсөр, элбэх киһилээх буолан хаалбыта.
Онтон сиэммит улааппыта, оскуолаҕа барбыта, оччолорго «Прометейга» оскуола баар буоларын туһунан кэпсэтии да суох этэ. Оҕобутун куорат 26-с оскуолатыгар эмиэ бу 14-с оптуобуһунан сарсыарда илдьэбит, киэһэ аҕалабыт. Онтон орто сүһүөх кылаастартан бэйэтэ сылдьар буолбута. Оҕоҥ киэһэ хойут наһаа элбэх киһи симиллибит оптуобуһунан айаннаан кэлэрэ эмиэ ыарахан буоллаҕа. Онон наһаа эрэйдэммиппит. Өссө иккис сменаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ оптуобуһу кэтэһэн-манаһан киэһээ аҕыс чааска кэлээхтиир этэ, ыарахан баҕайы рюкзагын сүкпүтүнэн. Онтон билигин аттыбытыгар оскуола аһыллан, оҕолор да, төрөппүттэр да олох абыраммыт буолуохтаахтар.
Ааспыт ыйтан аны микрооройуоммутугар 5-с нүөмэрдээх оптуобус биһигинэн эргийэн куорат киинигэр тиийэр буолбутугар, кырдьык, наһаа үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ аны икки араас оптуобуһунан барабыт, кэлэбит, талан олоробут. Аны бу 5-с оптуобус куорат киинигэр эрэ буолбакка, биһигини салгыы куорат балыыһатыгар тиийэ илдьэр. Онон биир эмит ыарыһаҕыҥ, билэр киһиҥ сытар буоллаҕына, ону көрсө барарга, көрдөрө да барар буоллаххына, олох чопчу тиийэҕин, мин онтон наһаа үөрдүм. Ааспыт ыйга оруобуна миигин Свердлов ууулуссаҕа турар харах балыыһатыгар ыыппыттара. Онно оруобуна медколледж таһыгар тохтобулга түһэн, балыыһабыттан олох чугас тиийдим. Уопсайынан, бу оптуобус биһигинэн эргийэн сылдьарын наһаа хайҕаатым уонна сөбүлээтим. Кырдьык, нэһилиэнньэ элбээтэ. Онон биһиэхэ наһаа наадалаах уонна бу оптуобус сылдьыбыта наһаа хайҕаллаах диэммин, сыта-тура, этэргэ дылы, сахалыы уу иһэ-иһэ хайҕыыбын. Урут кыайан тиийбэт элбэх сирбитигэр айанныыр буоллубут. Биирдэ эмэ мал-сал атыылаһа Строительнай ырыынакка да чуо тиийэбит. Онон бу маршруту киллэрбит куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт.
А.И. Михайлова, «Прометей» олохтооҕо
Хаартыска: https://vk.com/prometey_yakutsk