14.12.2024 | 13:15

Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?

Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар.
Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум. 
Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар. Ону кытта куораппыт кэҥээн иһэр буоллаҕа. Онон бу реформа син биир хаһан эрэ оҥоһуллара чуолкай. Кытыы оройуоннары, урут оптуобус таарыйбат уулуссаларын хаба сатаабыттар диэн өйдөөтүм. Куорат чааһынай сектордарыгар олорор дьон кыһын үгүстүк таксиланалларын билэбин. Суол-иис оҥоһулуннаҕына, биһиги да уулуссабытыгар оптуобус кэлиэҕэ диэн буоллаҕа! Мин санаабар, ити курдук үчүгэйгэ эрэниэххэ уонна ону чугаһатар дьоҥҥо көмөлөһүөххэ наада. 
Кэнники сылларга оптуобустарбыт саҥардыллан, урукку “пазиктарга” холоотоххо, уһун, киэҥ-куоҥ, сүрүнэ, ыраас, сылаас, түннүгэ кырыарбат, ханна тиийбитиҥ көстөн олорор тимир көлөнөн айанныыр буоллубут. Ол куһаҕан дуо? Ханнык тохтобул чугаһаабытын, оптуобус ханна кэлбитин сахалыы- нууччалыы биллэрэн иһэллэр. Онтуларынан өссө, түөкүттэр албыннарыгар кииримэҥ диэн, “баан каартатын дааннайдарын, кэннигэр суруллубут сыыппараларын кимиэхэ да этимэҥ” диэҥҥэ тиийэ сэрэтэллэр.  
Тохтобуллар, сыыйа-баайа да буоллар, биир тэҥ, майгыннаһар моһуоннанан эрэллэр. Тохтобул аата үөһэ, көстүүлээх гына суруллар.
Салон түннүгэр Саха сирин биллэр-көстөр дьонун, суруйааччыларын, бэйиэттэрин айымньытыттан быһа тардыыны, кэс тыл кэриэтэ хаалларбыт этиилэрэ суруллубут. Ким билбэт – билиитин хаҥатар, умнубут – онтун саныыр. Бэрт буолбаат? 


Хас тохтобул аайы бөх быраҕар ууруна баар. Тохтобул хаара ыраастанар. Уот-күөс – толору.
Дьэ, уонна саамай сүрүнэ – сылаас тохтобул элбиир. Тымныы дойдуга мантан ордук абыраллаах дьаһаныы баар үһүө! Урукку курдук буолсу дуо, сылаас тутуу иһигэр ыскаамыйаҕа олорон эрэ кэтэһэҕин. Оптуобус хаһан кэлэрин, ханна тиийбитин экрантан манаһа тураҕын. “Биллэн турар, вандаллар алдьаппатахтарына”, – дииргэ тиийиллэр. Да-да, киһи хомойуох, кэлэйиэх, сылаас тохтобуллар монитордарын, ыскаамыйаларын, онно туруоруллубут банкоматтары соруйан алдьатыы, монитору тутан барыы кытта баар! Хайыахтарай, дьон син хаһан эмэ харыстыы үөрэниэ диэн, куорат уокуруга ону чөлүгэр түһэрэр аатыгар сылдьар. 
Аны, сорох сылаас тохтобул иһигэр сылаас ас, утах кытта атыыланар буолбут! Сарсыарда, холобур, хойутаан туран, үлэҕэ- үөрэххэ сулугур уу иһээт ойбут дьоҥҥо бэртээхэй. Биитэр үлэҕэр тардыллан хойутаабыт, маҕаһыынынан эргийэрин ыарырҕатар киһи, ыксаатаҕына, үссэнэр аһын да итинтэн булунар кыахтаах. 
Ити курдук, тупсуу, үтүө өттүгэр уларыйыы, өйдөөн көрдөххө, үгүс.  Ол эрээри киһи үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр, буолуохтааҕын курдук ылынар үгэстээх. Дьэ, оттон куһаҕаны, итэҕэһи ыһа-тоҕо, эбэ-саба, хабаатыннара-хабаатыннара сэлэһии – киһи аймах «ыарыыта» буолаахтыа! Маршрут уларыйар мучумаанын тутуу баттаһа, күөртээн, күүркэтэн, дьон олоҕор кутталы үөскэтэн, техническэй бэрэбиэркэтин барбатах оптуобуһунан маршрукка тахса сатааччы кытта көстөн таҕыста. Олохтоох, бэйэбит эр дьоммут үлэлииллэрэ буоллар, итинник тахсыа этэ дуо диэх курдук. «Оптуобуска суоппардар наадалар. Үөрэниҥ, кэлиҥ, үлэлээҥ», «олорор сиринэн кытта хааччыйабыт» дииллэрин олохтоохтор ылсарга ыксаабаппыт. Ол оннугар, киһи да хомойуох, «биһигинэ суох сатаммаккыт», диэччилэргэ хос сыҥаах буолаахтыыбыт. Хаһан үчүгэйи көрөргө үөрэнэбит?
Үйэм тухары учууталлаабыт буоламмын, идэбинэн эмиэ үөрэттим. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар, түөн да саҕа үрүҥ санаа сахам дьонугар кэрэни, үтүөнү өйдөөн көрөргө угуйдун диэн. «Киин куорат» эрэдээксийэтэ сурукпун бэчээттииригэр эрэнэн туран, Елена Петровна, бэтэрээн учуутал

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Сонуннар | 05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Саҥа дьылга диэри хаалбыт кэм иһигэр уот төлөбүрүгэр иэһи эмиэ пенитэ суох төлүөххэ сөп. Бу аахсыйаны “Якутскэнерго” АХ тэриллибитэ 50 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытар эбит. Каассаларын өрөбүл күннэргэ кытта үлэлиир оҥорбуттар. Маннык аадырыстары ыйбыттар: Б.Чижик уул., 4/1 (10.00–17. 00 чч.), Дзержинскэй уул., 2 (ЛОРП дьиэтэ, 09.00–17.15 чч.) уонна 13/3 нүөмэрдээх...