Суоппардыыр быраабы ыла иликкин? Аах.
Тимир көлөнү (ТС) ыытар быраабы ыларга ирдэнэр практическай эксээмэн быраабылатыгар уларыйыы киирдэ. Бу чуолаан "В", "С", "D", "ВЕ", "СЕ" уонна "DE" категорияҕа, "С1", "D1", "С1Е" уонна "D1E" хос-категорияҕа туттарсааччыларга сыһыаннаах.
Ол курдук, ахсынньы 2 күнүттэн саҕалаан эксээмэни тутууну тохтотор уонна “туттарбата” диэн түмүгү таһаарарга төрүөт буолар алҕас, сыыһа-халты туттуу испииһэгэ биллэ халыҥаабыт. Холобур, оннук алҕаска уҥа-хаҥас салайыах иннинэ “поворотнигы” холбообокко хаалыы; суолга баар быһыыны-майгыны кэмигэр өйдөөн көрбөт, учуоттаабат буолуу; массыынаны эрэлэ суохтук ыытыы, бэйэҕэ эрэммэт буолууттан дубук-дабык туттуу оннук алҕаска киирэр буолбуттар. Хас алҕас аайы баал эбиллэр. Ол 7-ҕэ тиийдэ да, эксээмэннэнэн бүтэҕин. Хаттаан билиигин, уопуккун чиҥэтиэххин наада буолар.
*Бастайааннай өрүккэ дойду тас өттүгэр олорор уонна Арассыыйа пааспара суох дойду олохтоохторо эксээмэннэнэр көҥүлү уонна суоппар дастабырыанньатын ылалларыгар кыраныысса таһынааҕы пааспары көрдөрүөх тустаахтар.
Бу уо.д.а. итиннэ сыһыаннаах уларыйыылары сиһилии 2024 с. алтынньы 14 күнүнээҕи "О внесении изменений в Административный регламент МВД РФ по предоставлению госуслуги по проведению экзаменов на право управления ТС и выдаче водительских удостоверений, утвержденный приказом МВД России от 20 февраля 2021 г. № 80" Арассыыйа ИДьМ 608 №-дээх бирикээһигэр билсиэххэ сөп.