Нолуок «вычета»: Быраапкын туһан!
Нолуок “вычета” диэн баарын үгүстэр билэр, бэлиэр туһаммыт, туһана да сылдьар буолуоххутун сөп. Сокуон быһыытынан, “вычет” ҮС иннинээҕи сылга төлөспүт нолуоктан оҥоһуллар. Ол эбэтэр бу 2024 сыл бүтүөр диэри сайабылыанньаласпыттарга 2021, 2022 уонна 2023 сылларга төлөөбүт нолуоккутуттан “вычет” ааҕыллар. “Саҥа дьыл кэннэ, тохсунньуга да тиийиллиэ” диэн уһата-кэҥэтэ сырыттаххына, 2021 сыллааҕы төлөбүргүттэн ылбаккар, көтүтэргэр тиийэҕин. Онон “вычеттаныахтаах” түгэҥҥэр туттумахтас!
*Ханнык “вычеттар” баалларый?
“Социальнай вычет”. Өскөтүн эн 2021 сыллаахха төлөбүргэ эмтэммит, сыаналаах эми туһаммыт эбэтэр төлөбүрдээх үөрэххэ бэйэҥ эрэ буолбакка, бэл, оҕоҥ да үөрэммит буоллаҕына, бу көрүҥ “вычеты” аахтарар бырааптааххын.
“Социальнай вычет” лимиитэ – бэйэҕэр ылыаххын сөп суумаҥ биир сылга – 120 тыһ. солк., оттон оҕону үөрэттэрбит буоллаххына – 50 тыһ. солк. буолар.
Ону таһынан “Баай-дуол вычета” диэн баар. Ол эбэтэр 2021 сыллаахха, оннооҕор ол иннинэ да олорор дьиэ атыыласпыт түгэҥҥэр аахтаран ылар кыахтааххын. “Вычет” бу көрүҥэр хайаан да дьиэни ылбыт сылгар эрэ сайабылыанньалаһаҕын диэн ирдэбил турбат. Ол гынан баран син биир бу 2024 сыл бүтэ илигинэ сайабылыанньастаххына эрэ 2021 сылга төлөөбүт нолуоккуттан ааҕыллар.
Оҕолоох дьон туһанар “вычеттара”. Өскөтүн 2021 сылга үлэлиир тэрилтэҕэр докумуон туттаран, оҕоҕор нолуок “вычетын” аахтарбатах, нолуоккун толору төлөспүт түгэҥҥэр, декларацияҕа тирэҕирэн, оҕоҕо көрүллэр “вычеты” төнүннэрэр кыахтааххын.
*Онуоха 2021 сыллааҕы декларацияҕын бэлиэр туттарбыт, ол эрээри “вычет” оҥорторорго сөптөөх атын, эбии ороскуот эбиллибит түгэнигэр, хаттаан чопчуламмыт (уточненнай) декларацияны туттарар бырааптааххын эбит. Чопчуламмыт декларация – бастааҥҥыга киирбэккэ хаалбыты эрэ ситэрии буолбатах, инники биэрбиккин толору солбуйар.
Мантан салгыы “По праву. Выплаты, льготы, пособия” телеграм-ханаал бу 2024 сыллааҕы нолуок “вычетын” кээмэйин санаппыт:
Олорор дьиэн атыыласпыт буоллахха – муҥутаан элбээбитэ 260 тыһ. солк. диэри буолар.
Ипотека бырыһыаныттан “вычет” – 390 тыһ. солк. диэри буолуон сөп.
Социальнай “вычет” – 19 тыһ. 500 солк. диэри, хас биирдии оҕону үөрэттэрии иһин – 14 тыһ. 300 солк. диэри.
Үрдүк төлөбүрдээх эмтэнии иһин – үөһэ көрүҥнэргэ курдук хааччах суох, төһө НДФЛ төлөөбүккүттэн тутулуктанан “вычет” ааҕыллар.