Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.
— Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.
— Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт бэһиэ этибит, билигин биир бырааттаахпын, икки балтылаахпын.
Төрөппүт ийэм үстээхпэр суох буолбута, онон букатын өйдөөбөппүн. Аҕам кэлин кэргэн ылан иккис ийэбинэн Петрова Ксения Николаевна буолбута, “Үлэ Албан аата” уордьаннаах ыанньыксыт этэ, үйэтин тухары үлэлээбитэ. Аҕам Васильев Тит Степанович сэрии бэтэрээнэ, Ильмен Күөл кыргыһыытын кыттыылааҕа, дойдутугар биригэдьииринэн эҥин үлэлээбитэ. Сэрииттэн 1945 сыллаахха “За отвагу” мэтээллээх бааһыран кэлбитэ. Кыайыы 75 сылыгар “Подвиг” диэн сайтка сиэнэ кыыс эһээтэ “Албан аат” уордьаҥҥа 1944 сыллаахха түһэриллибитин булан ылбыта, аҕам бэйэтэ ол туһунан кэпсээбэт этэ. Сержант званиелаах, Прибалтикаҕа икки дэриэбинэни босхолооһуҥҥа хорсуннук кыттыбытын иһин түһэриллибит, ис хоһооно оннук этэ. Онтубутун ирдэһэ сатаабыппыт да, кыаллыбатаҕа, онтон Ил Дархан булларан биэрэн, аҕабыт уордьанын ылбыппыт. Онон дьоммут иккиэн “Албан аат” уордьаннаахтар диэн киэн туттабыт. Оннук мээнэ суоҕа буолуо.
Онтон араанньы буолуута Ильмеҥҥэ, кини өрүһү арыый эрдэ тахсыбыт, улахан буомбалааһын саҕалана илигинэ.
— Оскуоланы дойдугар бүтэрбитиҥ дуо?
— Хадан аҕыс кылаастаах этэ. Биһиги Бордоҥҥо олорбуппут, онно 1970 с. орто оскуоланы бүтэрбитим. Икки сыл дойдубар ытык иэспин төлүү аармыйаҕа сылдьыбытым. Ол кэннэ СПТУ-га үөрэнэн суоппар идэтин баһылаан дойдубар 1977 сылга диэри суоппардаабытым. Онтон Улан-Удэҕа гидромелиоративнай Иволгинскай техникумҥа үөрэнним. Гидротехник буоллум, дойдубар кэлэн сопхуоска мелиоратордаабытым, сири нүөлсүтүүгэ. Идэбинэн биир сыл үлэлээн баран 1980 с. Намҥа Хатырыкка көһөн кэлбиппит, онтон ыла бу сири иккис дойдум оҥостон олоробун.
— Кэргэниҥ оччоҕо Хатырык кыыһа буоллаҕа?
— Оннук. Улан-Удэҕэ үөрэнэ кэлбит этэ, онно билсибиппит. Кини тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэммитэ. Сахалар буолунай этибит, сүүсчэкэ устудьуон баара. Култуура институтугар кыраһыабай кыыс бөҕөтө элбэх этэ. Үҥкүүһүттэр эҥиннэр, мин олору көрбөккө, дьылҕам Тамараны булуһуннарбыта, саамай билигин махтанарым кэргэммин көрсүбүппүттэн, бу мин олохпор улахан табыллыым буолар. Бэйэм землячество бэрэссэдээтэлэ этим, оҕолору мунньаммын арааһынай сирдэргэ күүлэйдиирбит, араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Ол сылдьаммын көрдүм уонна таптаатым. Оннук холбоһон бастаан мин дойдубар олорбуппут, онтон Намҥа кэлэн уруу тэрийбиппит. Бастаан утаа Максим Аммосов аатынан сопхуоска диспетчеринэн, мелиораторынан, хонуу биригэдьииринэн эҥин үлэлээбитим. Түөрт оҕолоохпут, уонча сиэннээхпит.
Тамарам аҕыс оҕолоох ыал улахан кыыһа, Хатырык ытык киһитэ. Иккиэн биир санаалаахпыт, биири толкуйдуубут, биир хайысханы көрөбүт. Сарсыарда тоҕустан киэһэ биэскэ диэри үлэлиибит, сопхуоска курдук. Мастарыскыайбытыгар тахсан олоробут, кэпсэтэ-кэпсэтэ иистэнэбит. Ол быыһыгар оҕолорбутун кытта кэпсэтэбит, биир сиэммит аттыбытыгар баар, ону үөрэттэрэбит. Кыра уолбут Москваҕа олорор, кини кэллэҕинэ дьиэнэн бары мустабыт.
— Кэргэниҥ аҕатын аатын дьиибэргии иһиттим. Үгүс киһи интэриэһиргиирэ буолуо. Тамара Галиновна диэни?
— Сөпкө бэлиэтээтиҥ. Дьон наһаа соһуйар. Аҕата Галин диэн. “А” буукубаҕа күүһүрдүүтэ түһэр. Галин 1935 сыллаах төрүөх. Сопхуос боростуой үлэһитэ этэ. Хаалын дииллэр эбит. Аатын сөбүлээбэтэ үһү. Ол саҕана уларыттарыы эҥин диэн толкуй суох буоллаҕа. Галиннар диэн ааттыыллар эбит. Оҕолоро ГАлинович, ГАлиновна диэннэр.
Дьэ оччолорго ити ааты хантан ылбыттара буолуой диэн толкуйга түһэр этим. Галин төрүүрүгэр сэбиэскэй байыаннай, гражданскай сэрии дьоруойа Василий Константинович Блюхер диэн баар этэ. Уһук Илин региоҥҥа главнокомандующайынан эҥин олорбут, Сэбиэскэй Сойуус маршала. Киниэхэ Гален диэн псевдоним иҥэрбиттэр. Ол саҕана патриотическай өйдөөх-санаалаах буоллахтара, Сэбиэскэй Сойуус маршалларын билэттииллэр, ол иһин ааттаабыттара буолуо диэн сабаҕалыыбын.
— Мелиоратор үөрэхтээх киһи билигин туоһунан дьарыктанаҕын, ол туһунан кэпсээ эрэ.
— ОДьКХ учаастак начаалынньыгынан үлэлии сырыттахпына 2014 сыллаахха сарбыйыыга түбэһэн үлэбиттэн уураппыттара. Уурайыам иннинэ этэ, Намтан кэлэн, УПК диэн баара (учебно-производственный комплекс) дьону үөрэтэр, олор хатырыктары туос кистэлэҥнэригэр үөрэппиттэрэ. Тамарам онно сылдьыбыта, мин үлэтэ суох киһи кэргэммэр көх-нэм, илии-атах буолан көмөлөспүтүм. Биирдэ өйдөөбүтүм, туоска абылатан, сыстан киирэн бардым.
Ол курдук ылсан, ыаҕайалары эҥин тигэн саҕалаабыппыт. Куруһаалаҕа быыстапкаҕа ыҥырдылар. Онно аҕыйах ыаҕайа тикпиппит, сыанатын да билбэппит, саҥа туттаран истэхпитинэ хаһый дии-дии туура тутан ыллылар. Соһуйдубут аҕай. Онтон таах олорор киһиэхэ туоһунан иистэнэн килиэптэниэххэ сөп эбит дуу диэн толкуйдаатыбыт.
Ол толкуйбутун өр иитиэхтии сылдьыбатыбыт, дьиэбит биир хоһун мастарыскыай оҥорон баран үлэлээн бардыбыт. Ол иннинэ Тамара кылынан дьарыктанар этэ, сэлээппэ баайан, куонкурустарга бастаан эҥин, ситии хатыытын онон сатыыр. Онтон ылсаммыт куонкурустарга, быыстапкаларга кыттан, миэстэлэһэн, сороҕор бастаан эҥин санаабыт кэллэ. Дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр харчы киирэр буолла. Бассаап үөдүйбүтүгэр сакаас ылар буоллубут, тугу баҕаралларын оҥорон биэрэбит.
— Туос кистэлэҥиттэн кэпсиэҥ дуо?
— Туос, дьиҥинэн, сылы быһа хастанар, саамай үчүгэйдик хастанар кэмэ бэс ыйын ортотуттан от ыйын ортотугар диэри. Онно үчүгэй хаачыстыбалаах, бэйэтэ хоҥнор буолар. Туос хастыы диэн олох ыраах барабыт, үчүгэй хатыҥ чараҥы киһи алдьатыан баҕарбат, уонна олор туостара мөлтөх. Уонча килэмиэтирдээх сиргэ ойуур иһигэр үүнэр хатыҥтан ылабыт. Хатыҥ өлбөт, туоһа тирии курдук үүнэн тахсар, биэс-алта сылынан чөлүгэр түһэр. Хатыҥы өлөрөҕүт, айылҕаны харыстаабаккыт диэччилэр бааллар, биһиги үчүгэй хатыҥы хастаабаппыт, суулларбаппыт-хайаабаппыт ээ.
Туос ураһаны туталларыгар матырыйаалларын соҕурууттан аҕалаллар, манна атыыланар даҕаны, соҕуруу дойду хатыҥын туоһа улахан, кэтит буолар, иһит тигэргэ барбат, ураһаҕа эҥин эрэ барсар. Мин уончалаах уол эрдэхпинэ Хаданҥа томторук оҥороорулар хатыҥ хастаппыттара. Ону ойуур иһиттэн хастааҥ диэбиттэрэ, ол хастаабыт хатыҥнарбын былырыын хаартыскаҕа түһэттэрбитим, наһаа үчүгэйдик үүнэн силигилээн тураллар.
— Оҕо сылдьан туосчут буолуом диэн санаа да суох буоллаҕа.
— Биир дьиктигэ түбэспиппин кэпсиэм. Аармыйаттан кэлэн баран табаарыстарбыныын Хадан устун туохха эрэ ыксаан-бохсоон хааман истибит. Дэриэбинэбитигэр туоһунан дьарыктанар биир эмээхсин баара. Ол эмээхсин уонча оҕоттон миигин тутан ылла, маллаах иһит тикпит, тута сылдьар, онтун көрдөрө-көрдөрө, чаас аҥаара кэпсээтэ, иһит эрэ дии-дии. Мин бараары гынабын, ыксыыбын, уолаттарым бара турдахтара дии, ону тохтуу түс диир уонна миэхэ кэпсиир да кэпсиир, мин наадыйбаппын буоллаҕа. Дьэ ол уонча уолтан чопчу миигин талан ылан тохтоппута дьиибэ. Ону бу кэлин саныыбын ээ, туоһунан дьарыктанарбын өтө көрбүт дуу, хайдах дуу диэн. Ол кырдьаҕас наһаа үчүгэйдик тигэр этэ, Ылдьаана диэн Хадан олохтооҕо, ол саҕана 70-чалаах этэ. Оччолорго туоһунан наһаа дьарыктанар эбит, тикпит иһиттэрэ билигин оҕолоругар бааллар.
— Сиэри-туому тутуһаҕыт?
— Эбэһээт тутуһабыт. Туос хастыы барыахпыт иннинэ алаадьылаан көрдөһөбүт. Сороҕор наһаа үчүгэй туостаах хатыҥҥа киһи илиитэ барбат, онтон турдун диэн баран атын сиргэ ааһаҕын.
Айылҕа киһини кытта кэпсэтэр дии саныыбын, сарсыарда аайы хаамаммын эбэбин кытта дорооболоһобун, кэмиттэн кэмигэр аһатабын, кини син биир тыыннаах. Оҕолорбутун үөрэтэбит, ойуурга таһааран көрөн турдахтарына аһатабыт, кыра сиэннэрбитин эмиэ кэмиттэн кэмигэр илдьэ сылдьабыт, айылҕаҕа барарбытын сөбүлүүбүт. Туос хастааһыныгар кыра оҕо сылдьыбат, саамай куйаас, саамай кумаар кэмнэрэ.
— Туос иһит уһун үйэлэнэрин наадатыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Ынах арыытынан чап-чараас гына сотоҕун, оччоҕо сымныыр, хайа барбытын тигэн эрэ тохтотуоххун сөп, сааһыран, эргэрэн оннук алдьанар. Күн уотуттан күлүк сиргэ ууруохха наада.
Биһиги киллэрэн бараммыт тас өттүн ыраастыыбыт, бурҕаҥныы сылдьар буолар. Ыраастаан баран сөрүүн сиргэ ыбылы баттатан кэбиһэбит. Туоспут баатыман лиис курдук буолар, бу хатыҥыттан эмиэ тутулуктаах, наһаа суон, улахан, кырдьаҕас хатыҥтан ылбаккын. Онтубутун дьэ кыһын ылан тигэн, араас бэйэлээх оҥоһуктары оҥорон барабыт.
Тигэргэ араас быраабылата элбэх. Сааһын устун тикпэккин, сааһын туора тигэҕин. Оргуйа турар ууга угаҕын, оччоҕо тэллэйэн тахсар, түгэҕин тигэргэ.
Дьону ыҥыран үөрэтэбит, маастар-кылаас ыытабыт. Дьиэҕэ наһаа быыллаах диэммит мастарыскыай оҥостубуппут. Атын улуустарга баран ыҥырыынан эмиэ үөрэтэбит. Иккиэн норуот маастара буолбуппут, бастаан “Мастер народных промыслов”, онтон “Народный мастер РС (Я)” иҥэрбиттэрэ.
— Оҕолоргут ханна баалларый, тугунан дьарыктаналларый?
— Икки кыыс учууталлар, тигэллэр, иистэнэллэр, маһынан, фанеранан да уһаналлар, кыра кыыс барытын оҥорор, арааһынай гипсэнэн эҥин, кыыллары, табалары, ынахтары, аттары. Биир Хатырыкка, биир Намҥа олороллор. Улахан уолбут Нам военкома, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, Кавкаһынан эҥин сылдьыбыта. Кыра уол физкультурнайы бүтэрэн баран билигин Москваҕа олорор, урбаанньыт. Икки сыллааҕыта ылла да аатын барытын уларытан кэбиспитэ. Васильев Демьян Валентинович этэ, билигин Басылаев Дархан Эрчим уола диэн. Мин улууһум хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммин, Тиит уола Эрчим диэн псевдонимнаахпын. Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэбин.
Билигин дьаһалтабар пресс-киин тэрийэммин дьаһалта үлэтин-хамнаһын бассаабынан нэдиэлэ аайы таһаарабын. Ийэбит иллэрээ сыл улуус бастыҥ ийэтэ буолбута.
1999 сылга бэрэсидьиэн Михаил Николаев бастакы гранын ылбыппыт. Ол граммынан бөһүөлэкпэр “Аҕа балаҕана” диэни туттарбытым, , “Хатат” диэн ааттаах Хатырык аҕаларын түмсүүтүн салайа сылдьыбытым. Кулууппут оччолорго эргэ этэ, онон балаҕаммыт кулууп буола сыспыта. Уратыта диэн, аҕалар эрэ киирэллэрэ.
— Кэпсээниҥ иһин барҕа махтал, ааҕааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Кэлэр сылга саамай баҕарабыт диэн эйэлээх олоҕу, уоннааҕыта аргыый аҕай ситэн иһиэ буоллаҕа.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан