20.12.2024 | 12:00

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.

Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн арыллыбытыгар улаханнык махтанабын уонна, бу ыарахан күннэрин, кэмнэрин санаппыппар бырастыы гынарыгар көрдөһөбүн. Онон, медик идэлээх, сылтан ордук өлүүнү-сүтүүнү илэ көрөн кэлбит, билигин олоҕун ыраас лиистэн саҕалаан эрэр дьоруойум аһаҕас, кырдьыктаах кэпсээнин чуумпуран олорон истиэҕиҥ, ааҕыаҕыҥ.

“Былырыын, 2023 сыл, сайын барбытым. Ийэбин, икки оҕолоохпун. Кэргэннээх этим. Нууччалыы эттэххэ, киһиэхэ “эмоциональное выгорание” диэн баар эбит. Хас да үлэҕэ үлэлиирим: балыыһаҕа постка турабын, операционнайбын, улууска баар улахан дьыссаакка  медсиэстэрэбин, диетологпын, ол быыһыгар дьоҥҥо дьиэлэрин өрөмүөннүүр этим. Мин олорбут сирбэр сыана аһара үрдүк, киһи баҕата баһаам буоллаҕа, ымсыыраргын сатаан ылбаккын, харчыҥ тиийбэт. Кэргэммин наһаа өрө тутар, таптыыр этим. Бураны кытта бэлэхтээн турардаахпын. Кини тымныы, тоҥуй сыһыаныттан наһаа соҕотохсуйан хаалбытым, олус иһэр киһи этэ. Кинини кытта билсэрбэр табах да таппат бэйэм сыыйа-баайа исиһэр буолан барбытым, ыллара сыспытым. Оҕолорбун иккитэ улаханнык хомотон турардаахпын...

***

Дьэ, онтон иэскэ киирдим эҥин, СВОҕа барарга толкуйдаатым. Өлөр да түгэммэр, оҕолорбор харчы кэлиэ этэ диэн. Икки уол оҕолоохпун.

Бастаан улахан уолбун кытта кэпсэппитим, кырабын көтөҕөн олоробун. “Маама син биир кэлиэҕэ, онно госпитальга эрэ сылдьабын, тыылга, ол оннугар харчылаһыам этэ, биир сыл тулуйуоххайыҥ”, – диэбитим, барахсаттарым сөбүлэспиттэрэ. Улахаммын кэллэхпинэ үөрэххэ киллэттэриэм диэн эрэннэрбитим. Кырам аҕатыгар хаалбыта. Кэргэним олох да утарбатаҕа, “бар” диэбитэ, теплоходка атааран баран, үөрбүт курдук сүүрэ турбута. Оннук сыһыаннаспытыгар наһаа хомойбутум, онтон саҕаламмыт эбит, арахсар туһунан санаа.

Куоракка кэлэн военкомакка медхамыыһыйа барбытым, сыыйбыттара, доруобуйам бүппүт эбит. Аҥаар бүөрүҥ хаппыт, кырдьаҕас эмээхсиннээҕэр анаалыстарыҥ мөлтөхтөр, онон алта ыйга отсрочка биэрэбит диэбиттэрэ. Медкииҥҥэ направление биэрбиттэригэр уон хонук сыппытым уонна, тахсаат да, барбытым. Отборнай пуун нөҥүө.

***

Баран иһэр кыргыттар алтыабыт этэ. Кыргыттар ханна баран иһэллэрин өйдөөбөттөр курдук, мин онуоха буойталаан, олох ким да уһаты-туора хаампат, үлэлии барабыт диэн өйдөтүү, турукка киллэрии бөҕөтө буолбутум. Медротаҕа түбэһиэхтээх этибит. Байыаннай чааска тиийдибит, биир нэдиэлэ учебканы аастыбыт. Поеһынан онно-манна быраҕаттаан, тарҕатан илдьибиттэрэ.

Украинаҕа тиийэн алдьаммыт таҥара дьиэтин анныгар таһырдьа хоннубут, хас да күн сыттыбыт, алта эр киһи баар, быраастар, 32 дьахтар. Ип-итии, 40-тан тахса кыраадыс, тыылга сылдьабыт. Биһиэхэ броник, каска кэтэрдэн баран окуопа хастараллар. Үһүс күммүтүгүгэр хамандыырга тиийэн биһиги медик эбээһинэһин толорор аналлаахпытын эттим. Сотору миигин хаайыылаахтар батальоннарыгар ыыттылар. Аармыйа диэн эн хантан сылдьаргын, тугу үлэлээбиккин, ситиспиккин, ким оҕото буоларгын билиммэт дойдутун онно аан маҥнай биллим.

Нууччалыы үчүгэйдик саҥарбаппыттан онно-манна киирэн биэриэм диэн куттанабын даҕаны. Тиийбит күнүм өйүүҥҥүтүгэр снаряд кэлэн штаб таһыгар түспүтэ, онно түөрт начальникпыт 300-й буоллулар, төрдүөннэрин быыһаабытым, иккис ракета көтөн иһэрин көрөн, ол аннынан сүүрдүм, сөҕөн (...) диэн позывной иҥэрбиттэрэ.  Ол кэннэ дьэ ааппынан, аҕам аатынан ыҥырар, убаастыыр, атын харахтарынан көрөр буолбуттара, онно барыларын быыһаабытым. Бастакы наҕараадабар онно түһэрбиттэрэ.

Сылтан ордук окуопанан, блиндаһынан сылдьан, элбэх киһини быыһаабытым. Икки мэтээллээхпин.

***

Антах киһи санаата уларыйар, сэрии буолбакка, тэҥҥэ сэриилэһэр дьонуҥ тыыннаах хаалалларын интэриэһэ эбит.

Түүн кимэн киирии буолар, кинилэр эбэтэр биһиги өттүбүтүттэн. 16 киилэлээх брониктааххын, 4 киилэлээх кааскалааххын, 4 киилэлээх аптамааттааххын, аптечкам 5 киилэ, онно эбии бааһырбыт байыастаргын соһоҕун. Атахтарын хаһыытаппытынан быһаҕын, танка иһигэр киирэҕин, өлүктэртэн күлүн ылаҕын, барыта кинилэр тустарыгар, саатар дьонноро харчы ыллыннар диэн.

***

Манна кэлбиппэр дьон туох буолбут дьахтарый, оҕолорун быраҕа-быраҕа барбыт, туох иһин мэтээл ылбытай дииллэрин истэбин. Оттон антах биир мүнүүтэ баҕалаах. Дьахтар буоллаҕым дии, араастаан үтэн-анньан көрүү да ханна барыай. Сылы быһа сыгынньахтаммакка, саалаах, быһахтаах утуйаҕын, охсуһан, хараахтаргын көрдөрөн эрэ баттаммакка сылдьаҕын, баттаҕым муус маҥан буолбута.

Бэйэм оннук харса суох, этиһэр-охсуһар киһи буолбатах этим манна, эйэлээх олоххо, оннукпун диир кыаҕым суох. Киһи быһыыттан-майгыттан уларыйар эбит. Испэр син биир барыттан куттанабын. “Баба-ежка” эҥин диэн дроннар бааллар, олортон наһаа куттанабын, сууккаҕа биирдэ эрэ тахсан ииктиибин, икки нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ тахсан киирэбин. Онтон ким эрэ 300-й эбэтэр 200-й буолла диэни истэбин да, били дроннарбыттан куттаммытым суох буолар, син биир тахсан сүүрэбин.

Өлүүнү көрөрбүттэн, суох, куттамматаҕым. Манна реанимацияҕа үлэлээтэҕим дии, эпэрээссийэ бөҕөтө оҥорсон. Билигин үлэлиэхпин баҕарбаппын, хаан уонна киһи өлүүтүгэр хайдах эрэ буолаҕын эбит, чааһынайынан барбыт киһи диэн толкуйдуубун.

***

Үчүгэй дьоннор ханна баҕар бааллар, барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Бүтүн батальоҥҥа соло буллум да ас астыыр этим. 50 киилэлээх бурдук уонна дьааһыгынан мас арыыта ылан, блины, араас истээх бэрэски оҥоробун, дьонум оҕо курдук үөрэллэр. Кыра оҕо курдук ытыыллар этэ, онуоха барыларыгар психолог да буолабын, эмиэ да хирурбун, эмиэ да терапевпын, ону барытын уоскутан, бэйэҥ куттаммаккын көрдөрөҕүн, оччоҕо истэн тураахтыыллар, кыбысталлар этэ. Билигин да суруйалларын, ыҥыралларын иһин, нүөмэрбин уларыттым.

Барыахпыттан кэлиэхпэр диэри сылдьыбыт дьонум бырааттарым, убайдарым курдук буолбуттара, баанньык эҥин отуннахтарына, бастакы уочарат эн суун дииллэр. Ол да буоллар, төһө да эрэннэргин, син биир кэтэнэ сылдьаҕын; гражданкаҕа күҥҥэ иккитэ суунар киһи, сиргэнниннэр диэммин, сууммат да этим. Аттыбытынан крыса, кутуйах сүүрэ сылдьар. Таһырдьа табахтыы тахсаары соҥҥун ылбытыҥ, иһэ барыта кутуйах, өлүктэри сиэн уойбут эмис кутуйахтар...

***

Онно тиийэн хайдах эрэ атыннык уларыйбытым, аһыллыбытым диэн курдук. Баҕар, сахаларга итинник эбитэ дуу, холобур, сарсыныгар туох эрэ буолаары гыннаҕына, тыа барыта хаан сыта буолар этэ, санаабар. Уу эҥин суох буоллаҕына, балтараа лиитэрэлээх ууну 1500 солкуобайга атыылаһар этибит. Байыастарым ис таҥастарын, наскыларын оһоххо уматаллар, онуоха мин “сахалар оһохпутун аһатабыт, киниттэн көрдөһөбүт, сүгүрүйэбит” диэн үөрэтэн, олох тосту уларыйбыттара, истэр, итэҕэйэр буолбуттара, туох эрэ сорудахха бараары гыннахтарына, алҕыыбын, ол дьонум төттөрү кэлэллэр, онон үксүлэрэ алҕатар буолбуттара. “Какая-то якутка батальон держала”, – дииллэр этэ.

Ким да көрбөтүгэр түүн төлөпүөммүн саамай хараҥаҕа туруорабын, хараҕыҥ уута эрэ сүүрэр, ытыыргын эҥин көрдөрбөккүн, биллэрбэккин.

***

Төрөппүттэрим бааллар. СВОҕа барардыы оҥостон кэлбитим, барарбын истэн, ийэм соһуйбатаҕа даҕаны, кытаанах майгылаахпын, санаатым да оҥорорбун билэр буоллаҕа. Ол курдук урут хаһан да көрбөтөх дойдубар хоту баран хаалбытым. Ковид саҕаламмытыгар куоракка бастакы уочарат сүүрэн кэлэн, гостиницаҕа олорон эрэн реанимацияҕа үлэлээбитим. Бастакы уочарат мин этим. Онон анал байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар бу кыыс барар буолла дии санаабыттар эбит.

Комбатым сахарнай диабеттааах этэ, комаҕа киирэ сыспытын быыһаабытым. Бэйэҥ быраас эбиккин, бырааска үөрэн диэбитэ.

***

Дьахтар киһиэхэ барыта ыарахан. Били этэллэр дии: “У войны не женское лицо”. Чахчы оннук. Бэйэҕин көрдөрүөххэр диэри атыннык толкуйдууллар.

Түүн утуйа сытан наар маатыралыыр эбиппин, түүн аайы, түүн аайы. Передоктан куоттарбыттара, “ты должна отдыхать” диэбиттэрэ. Байыаннай чааска кэлбиппэр төттөрү передокка ыыппыттара, уоппускаҕа да барбаккын диэбиттэрэ, ону комбатым өйдөөн уоппускаҕа ыыппыта уонна олох кэлимэ диэбитэ.

Оҕолорбун быраҕыахпын олох баҕарбаппын. Олох баран иһэр буоллаҕа. Харчы иннигэр барбыт, эр көрдөөн барбыт дииллэр, дьон саҥата ынырык. Онтон олох хомойбоппун, киһи диэн киһи, мин эмиэ баҕар оннук саныам этэ, боруоста саҥарымыахтарын, туттунуохтарын сөп этэ буоллаҕа. Билигин уоруйах киһи курдук умса көрөн баран сылдьар буолбуппун. Соҕотоҕун хаалар түгэммэр, наар төлөпүөммэр оонньуубун, аралдьыйабын, сарсыарда халлаан сырдыар диэри, оччоҕо биирдэ утуйабын. Бэйэм бэйэбэр хаала сатаабаппын.

Дьоҥҥо манныкпын көрдөрбөппүн, наар үөрэ-көтө, көмөлөһө сылдьабын, сүбэлээн да, харчынан, үлэнэн да. Төттөрү атыны ирдээбэппин. Киһи ып-ыраас төрүүр дии ийэттэн, онтон олох олорон иһэҕин, оскуолаҕа үөрэнэҕин, үлэһит буолаҕын, ыал буолаҕын, ийэ буолаҕын. Оҕо туһугар олоробут диэн тыл куһаҕан эбит, киһи бэйэтин туһугар олорор, оҕо туһугар барбытым диэни өйдөөбөппүн. Бастаан иэскэ киирэн, харчы туһа диэн бардаҕым дии, иэһэ суох кэллэхпинэ, оҕолорбун кытта дьоллоохтук олоруом диэн. Ханнык баҕарар кыһалҕаны, кыһарыйтарыыны киһи бэйэтэ оҥорор, онон дьоҥҥо хомойумуохха наада, ким да буруйа суох. Мин кирэдьиит ылбыппар ким буруйдаах буолуой? Кэргэммин сатаан туппатахпар ким буруйдаах буолуой? Кыһалҕаттан, кутталтан куоппакка, утары көрүөххэ наада. Уһаан-кэҥээн биэриэххэ наада эбит. Элбэҕи көрөн, араас ыараханы көрсөн, олох олоруохпун баҕаран кэллим. Ытаан-соҥоон бүтүөм, киһи бэйэтин аһынымыан наада. Ийэ киһи күүстээх буолуохтаах. Наһаа элбэҕи толкуйдуубун, бу эйигин кытта кэпсэтэ олорор эмиэ – дьол. Элбэх ийэлэргэ, уолаттарга көмөлөстөҕүҥ дии.

Араанньы буолбут уолаттар ынырыктаахай ыарыыга сыталлар, “түргэнник даа, быыһаа даа” диэн көрдөһөллөр, көмө оҥоро олордоххуна хабарҕалыыллар эҥин, сорохтор паникалаан хаалаллар, ону саанан дөйүтэҥҥин таһаараҕын. Сатаан соспоккун, ыарахаттар бөҕө буоллаҕа. Хаста да дөйүтэн баран соһон ылбытым. Ол оннугар тыыннаах хаалаллар.

Бастакы көмөнү барытын бэйэҥ оҥороҕун, бастаан этин-сиинин туппахтаан көрөҕүн, ханна бааһырбытын билээри, дабылыанньата түспүт буоллаҕына, таһаараҕын, чугас баар госпиталга эвакуацияҕа илдьэҕин. Сорохтор төннөн кэлэллэр. Биирдэ хас эрэ ый буолан баран арай саҥаны истэбин. Ким эрэ кэлэн: “Привет, я на перевязку”, – диир биир уол. Соһуйан хааллым, паникалыы сылдьар кэмим, ытыалаһыы буолбута оруобуна. Өйдөөбөтүм, араанньы буолбут уолум, атаҕын бэйэм быспытым, онтум турар эбит. Уолга протез кэтэрдэн баран эмиэ ыыппыттар. “Эн илииҥ сымнаҕас, миигин эмтиэҕиҥ”, – диэн үөрэн-көтөн турар этэ.

***

Мин кэпсээним ити курдук, чэпчиирим дуу, суоҕа дуу. Бэйэм балыктыырбын, бултуурбун сөбүлүүбүн, айдааны, кыараҕаһы тулуйбаппын, билигин киэҥ-куоҥ сиргэ кэлэн тыыммын таһаара, ыраас салгынынан толору тыына сылдьабын. Туундаранан элбэх сиргэ сылдьыбытым да, маннык кыраһыабайы көрө иликпин. Киһи көхсүтэ кытта кэҥиир курдук...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...