Үҥсүүтээҕэр үтүө тыл үгүс...
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускай куорат 25-с №-дээх орто оскуолатыгар Сайсары уокуругун 2024 сылы түмүктүүр отчуота буолан ааста. Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга уопсастыбанньыктары, партнердары наҕараадалааһынтан саҕаланна. Управа салайааччыта Владимир Владимирович Слепцов уокурук олоҕор көхтөөхтүк кыттар, күүс-көмө буолар дьоҥҥо барҕа махталын тиэртэ.
Быйылгы отчуот ураты көрүҥүнэн ыытылынна. Урукку курдук уһун дакылааты истибэтибит, ол оннугар хаартысканан, видеонан, сыыппараларынан, судургу уонна өйдөнүмтүө тылынан сыллааҕы үлэни кэпсиир 17 мүнүүтэлээх бэрт тэтимнээх ролигы биир тыынынан көрдүбүт. Маннык сонун халыыбы дьон-сэргэ сэргээтэ уонна ылынна. Үгүстэр: «Бэртээхэй эбит!» – диэн саҥа аллайан, биһирээбиттэрин биллэрдилэр.
Этиллибит чахчылар:
Сайсары уокуругар 2024 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан 40 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор. Улахан киһи ахсаана – 30 тыһ. 500, оҕо аймах – 7 тыһ. 776.
Хаарбах туруктаах мас дьиэ элбэҕэ – сүрүн кыһалҕа
Сайсары түөлбэтигэр 567 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баарыттан баһыйар өттө мас дьиэ – 422, оттон таас дьиэ ахсаана – 145. Уокурук биир сүрүн кыһалҕата – хаарбах туруктаах мас дьиэ элбэҕэ. Кэлиҥҥи чахчыларынан 272 дьиэ олохтоммут бэрээдэгинэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит. Кинилэргэ ураты болҕомто ууруллар.
2024 сылга Сайсарыга 7 хаарбах мас дьиэ көтүрүллүбүт:
- Маяковскай уул., 85;
- Чайковскай уул., 34 уонна 117;
- Широких-Полянскай уул., 11/2;
- Билибин уул., 42/1, 46/2;
- Ново-Карьернай уул., 12.
Манна эбэн эттэххэ, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү салҕанар.
Биир кэлим диспетчерскэйгэ Сайсары нэһилиэнньэтиттэн сыл устата 578
сайаапка киирбит, онтон 577-тэ толоруллубут.
ОДьКХ, тупсарыы үлэтигэр – ураты болҕомто
Сайсары курдук уулаах-хаардаах, чааһынай уонна мас дьиэлэринэн толору уокурук кыһалҕата элбэҕэ чахчы.
Уопсастыбаннай туоналары тупсарыы, көҕөрдүү, бөҕү-сыыһы хомуйуу, уулуссалары, оптуобус тохтобулларын ыраастык тутуу, оту, хомуһу охсуу, субуотунньуктары тэрийии, хаары тиэйии, чалбаҕы оборторуу уо.д.а. курдук управа күннээҕи түбүгүн ааҕан сиппэккин. Онно дьэллик ыттары тутуу эбиллэр. Эмиэ сыл устата тохтообот, суһал быһаарыыны эрэйэр үлэ. Ол курдук, быйыл «СРБЖ» ХЭТ, дворниктар, управа исписэлиистэрин күүстэринэн 273 дьэллик кыыл тутуллубут. Барыта 146 сайаапка киирбит.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн быйыл Макаренко, Притузов, Винокуров уулуссаларыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Икки бүтэһик эбийиэккэ үлэ эһиил салҕанар.
Маны таһынан, 2024 сылга 48 тиэргэн территориятыгар, 38 кыбаартал иһинээҕи ааһар суолга уонна 8 суолга кутуу үлэтэ барбыт. Онуоха 4698 куб. миэтэрэ үлтүркэй таас туттулунна диэн отчуоттаатылар.
Куорат үрдүнэн көҥүлэ суох сыбаалка күн-түүн элбии турара кистэл буолбатах. Сайсары управата быйыл 2001 куб. миэтэрэ тутуу уонна да атын бөҕү тиэйбит.
Сайын устудьуоннар уонна оскуола үөрэнээччилэрэ тупсарыы үлэтигэр кыттыыларын бэлиэтиир тоҕоостоох. «Острог» этэрээт эрчимнээх уонна эдэр байыастара ырааһырдыы, көҕөрдүү үлэтигэр көмөлөрө көмүөл күүскэ тэҥнээх.
Ханнык баҕарар уокурукка ОДьКХ салаата нэһилиэнньэҕэ тыын суолталаах боппуруостары быһаарар. Дьиэбит-уоппут сылаас буолара, гаас, уот, уу ситимэ, канализация эҥкилэ суох үлэлиирэ бу тутаах хайысха үлэтиттэн быһаччы тутулуктаах. Ону Саха сирин тымныы кыһына тургутан көрөр. Этэргэ дылы, ким бэлэмнээх – ол кыһыны этэҥҥэ туоруур.
Быйыл «Теплоэнергия» АУо Мерзлотнай, Лонгинов, Ново-Карьернай, Яков Потапов, Кеша Алексеев, Билибин уулуссаларыгар өрөмүөн, саҥардыы үлэтин ыыппыт. Оттон «Якутскэнерго» ПАУо уонна Дьокуускайдааҕы ТЭЦ Маяковскай уул., 85, 87, 87/1; Широких-Полянскай уул., 8/2 туһааннаах үлэни оҥорбут.
«Сахатранснефтегаз» тэрилтэ Билибин, Эллэй, Притузов уул. гааһынан хааччыйар магистральнай турбалары уларыппыт. «Водоканал» АУо Билибин уул., 19/2-гэр канализация систиэмэтин саҥардыбыт.
Уокурук киэн туттуута – уопсастыбаннай түмсүүлэрэ
Быйыл Сайсары уокуругар 46 араас хабааннаах тэрээһин, ол иһигэр 2 онлайн күрэх ыытыллыбыт. Үксэ нэһилиэнньэни түмэргэ, көҕүлүүргэ, экологияҕа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, социальнай эйгэҕэ туһуламмыт.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» өйөбүлүнэн Билибин, Лермонтов, Ново-Карьернай, Мерзлотнай, Ильменскэй уул. уонна 1-кы Борисовка олохтоохторугар ыытыллыбыт «Тиэргэн бырааһынньыктара», ону таһынан «Кыстыкка бэлэмнэнии» норуот тэрээһинэ нэһилиэнньэ киэҥ сэҥээриитин ылбыт. Маны сэргэ, дьон-сэргэ босхо юридическай көмөҕө наадыйара бэлиэтэммит.
Уокурук уопсастыбаннай түмсүүлэринэн киэн туттар. Дьахталлар, Аҕалар, Урбаанньыттар, Спортсменнар, Инбэлииттэр, Бэтэрээннэр, Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр сүбэлэрэ түөлбэ сайдарын, чэчириирин, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын туһугар кыһаллаллар.
Бэтэрээннэр сэбиэттэрин хамаандата быйыл Дьокуускай куорат Спартакиадатыгар саахымакка бастакы миэстэни ылбыт, оттон волейболга иккис миэстэҕэ тахсыбыт. Сайсары бэтэрээннэрэ сыл аайы бастыҥнар кэккэлэригэр киирэллэрин иһин тэрийээччилэр «Саамай өйдөөх уокуруктан» атыннык ааттаабаттар эбит. Аҕам саастаахтар управаҕа махталларын тиэртилэр.
– Эдэр салайааччыбытын мөхпөт-эппэт буола сатыыбыт, ол оннугар сүбэ-ама биэрэн, этии киллэрэн көмөлөһөбүт. Сороҕор мөккүһэн турабыт, ол эрээри биир санааҕа син биир кэлэбит. Управабыт үлэтин туйгуннук сыаналыыбыт.
Итиэннэ Бэтэрээннэр сэбиэттэрин чилиэнэ Мария Ивановна уопсастыбаннай сирдэргэ ыскамыайка наһаа аҕыйаҕын бэлиэтээн туран, элбэтиҥ диэн этии киллэрдэ.
Көмө тохтообот
Управа социальнай боппуруостары быһаарар салаата нэһилиэнньэни кытта ыкса ситимнээх үлэни, чуолаан олох ыарахаттарыгар түбэспит, көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэри өйүүр тэрээһиннэри ыытар.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аһынан-үөлүнэн уонна аадырыстарынан көмө (мас, муус тиэйиитигэр, сантиэхиньикэҕэ) тохтообот. Манна сыл устата 385 ыал хабыллыбыт.
Быйыл уокурукка «В семье помоги – установи АДПИ» аахсыйа чэрчитинэн мас дьиэлэргэ 450 баһаары сэрэтэр тэрил туруоруллубут.
Нэһилиэнньэ махтанар, ыйытар уонна туруорсар...
М.В. Угапьева, Дьахтар сүбэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Видеонан отчуоту көрдүбүт. Уокурук, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарыгар үтүмэн үлэ ыытыллыбытын бэлиэтиибит. Управабыт салайааччыта Владимир Владимировичка уонна кини хамаандатыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биһиги Сайсарыбыт сайдар, үүнэр. Атын уокурук олохтоохторо сороҕор ымсыыраллар. Уокурукпут куорат уопсастыбаннай олоҕор өрүү көхтөөхтүк кыттар, биһиги куруук да инники күөҥҥэ сылдьабыт, элбэх күрэххэ бастыыбыт, миэстэлэһэбит. Управа үлэтин үрдүктүк сыаналыыбыт.
Е.И. Софронова, Лонгинов уул. олохтооҕо:
– Уулуссабыт хараҥа, сырдатыы үлэтин туруорсабыт. Быйылгы былааҥҥа киирдэ диэбиттэрэ, сыл бүтэн эрэр, хамсааһын суох.
В.В. Слепцов, Сайсары уокуругун управатын салайааччы:
– «Сырдык киин куорат» диэн муниципальнай бырагырааманан киирбит сайаапканы Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаҕа тиэрдэн иһэбит. Уочараты кинилэр оҥороллор. Боппуруоскутун боротокуолга киллэрдибит, хонтуруоллуохпут.
Билибин уул. олохтооҕо:
– Биһиги күөлбүтүгэр сайын аайы ассенизатор массыыналар сүөкэнэллэрин наар көрөбүт. Итиннэ тоҕуохтаахтар дуо?
В.С. Парфенов, Куорат Дууматын дьокутаата:
– Итинник быһыы-майгы сокуонунан да, тупсарыы быраабылатынан да көҥүллэммэт. Анал ыстаансыйаларга эрэ сүөкүөхтээхтэр. Дьокуускайга оннук үс туочука баар: ГРЭС, ДСК оройуоннарыгар уонна Маҕан суолун, 3 км.
Ыстараап кээмэйэ кыра – 1500 солк. Арай айылҕа харыстабылын хонтуруоллуур уорганнар балачча суумаҕа ыстарааптыыр кыахтаахтар.
Манна Красноярскай куорат практиката холобур буолуон сөп. Онно ассенизатор массыыналары ыстараап стоянкаҕа туруораллар, сүүһүнэн тыһыынчаҕа ыстарааптыыллар. Ирдээн көрөр үлэ ыытыллар кэмигэр онтулара эбиллэ турар. Ол иһин суоппардар чиэһинэйдик үлэлииргэ күһэллэллэр.
Маны таһынан түөлбэ олохтоохторо уопсастыбаннай тырааныспар боппуруоһун көтөхтүлэр. Сорох маршруттар куһаҕаннык сылдьаллар, оптуобус кэлэрин өр күүтэбит диэн үҥүстүлэр.
«СоюзАвто» тэрилтэ салайааччыта Андрей Косицкай суоппар тиийбэт кыһалҕата сытыытык турарын, ардыгар тиэхиньикэ алдьанан, суоппардар линияҕа тахсыбаттарын бэлиэтээтэ. Үҥсүүлэри, этиилэри 300-900 «Тута линияҕа» эрийэн иһитиннэрэргэ сүбэлээтэ.
Автодорожнай техникум социальнай педагога С.П. Петрова:
– Уокурукпут улаата, нэһилиэнньэтэ элбии турар, үгүс саҥа дьиэ тутуллан киирэр. Ону кытта уопсастыбаннай тырааныспарбыт кыһалҕата сытыырхайда. Бүлүүлүүр суол, 5 км 25-с маршрут тохтотуллуоҕуттан, устудьуоннар үөрэхтэригэр хойутууллара элбээтэ. Сылаас тохтобулбут, билэргит курдук, суох.
Биһиги кыһабыт 400-чэ устудьуоннаах, 180 үлэһиттээх. Аттыбытыгар 300-чэкэ оҕолоох Саха политехническай лицей Инженернэй оскуолата, элбэх үлэһиттээх Росгвардия управлениета бааллар. Бу эргин үлэлиир дьон, үөрэнэр оҕолор ааттарыттан 12-с №-дээх оптуобус Бүлүүлүүр суол, 5 км тиийэрин туруорсабыт.
***
Бу киэһэ уопсастыбаннай тырааныспар боппуруоһа сытыытык турда. 16-с маршрут Лонгинов тохтобулугар туолан кэлэрэ, урукку 8-с маршрут ахтылынна, 15-с, 25-с оптуобустары сөргүтэр этии киирдэ. Ыйытыы, этии барыта боротокуолга бэлиэтэннэ.
Туох да диэбит иһин, үҥсүүтээҕэр үтүө тыл, махтал элбэх буолла.
Ааптар түһэриилэрэ