20.12.2024 | 19:28

«СоюзАвто»: маршруттарга киирбит уларыйыыларга уопуттаах суоппардар санаалара учуоттаммыта

«СоюзАвто»: маршруттарга киирбит уларыйыыларга уопуттаах суоппардар санаалара учуоттаммыта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын эйгэтигэр 1993 сылтан үлэлиир «СоюзАвто» чааһынай тэрилтэ салайааччыта  Андрей Косицкай маршруттар сырыыларыгар киирбит уларыйыыларга өр сыл ыстаастаах уопуттаах суоппардар этиилэрэ бастакынан учуоттаммытын, тэрилтэ куорат дьаһалтатын кытта биир ситимҥэ үлэлиирин туһунан сэһэргиир:
– 2024 сыл ахсынньы ыйынааҕы туругунан 16 бэдэрээтчиттээхпит (бу иннинэ 18 этэ). Бу тэрилтэлэр холбоон 430 оптуобустаахтар, онно 300 суоппар үлэлиир. 200 курдук эбии наада. 
Олохтоох дьаһалтаны кытта биир баайыыга үлэлиибит. Пассажирдарга, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоллун диэн. Холобура, ханнык эмэ маршрут салайааччыта айан-сырыы схеманы уларытар этиилээх таҕыстаҕына, куорат салалтатын кытта ону тэҥҥэ дьүүллэһэбит. Оптуобустар маршруттарыгар киирбит уларыйыыларга уопуттаах суоппардарбыт этиилэрэ бастакы уочарат учуоттаммыта. 
Сыллата куораппыт улаатан, кэҥээн иһэр. Ол курдук, холобура, куораты хааччыйыыга соторутааҕыта эрэ уонча эрэ маршрут баар буоллаҕына, билигин 18 маршрут сүүрэр. Онон куорат салалтата куораты, нэһилиэнньэни барытын уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн хабар схеманы оҥороро сөп.
Оптуобустар пааркаларын саҥардыы үчүгэй эрэ түмүктэри аҕаларын билэ-көрө сылдьабыт. Онон, төһө даҕаны биһиги үлэбитигэр сыһыаннаах үҥсүү элбэх буоллар, үтүө да тыл аҕыйаҕа суох.
Нэһилиэнньэттэн киирэр үҥсүүлэри, этиилэри тутатына быһаарарга дьулуһабыт. Холобура, 5 №-дээх маршрукка ЯПАКтан икки улахан оптуобуһу эбэн, тыҥааһын уһулунна. 
Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах, тиэхиньикэни үлэлэтэргэ уустук куоракка суоппардар, пассажирдар уонна салалта бары биир санаа тула түмүстэхпитинэ эрэ сатанар.
Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...