2024 сыл – маастар-былааны олоххо киллэрии маҥнайгы сыла
Ахсынньы 18 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев ааһан эрэр сыл сүрүн түмүктэринэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтэ дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан аҕыйах хонугунан үлэҕэ киирээри турар киин куорат 29 №-дээх кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуолатыгар эбии тутууга буолла.
Евгений Григорьев ааһан эрэр 2024 сыл дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллубут Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаанын маҥнайгы сылынан буолбутун, ол чэрчитинэн Ленин болуоссата, Сайсары эбэ кытыла, Роман Дмитриев аатынан кытыл курдук баараҕай уопсастыбаннай туоналар олоххо киирбиттэрин бэлиэтээтэ.
Суруналыыстар биир бастакы ыйытыылара оптуобус реформатыгар сыһыаннаах буолла.
Баһылык уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтин уларыта тутуу нэһилиэнньэттэн киирбит этиилэри сэргэ научнай чинчийии, кээмэйдээһин түмүгүнэн ыытылларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, реформа бастакы түһүмэҕэ оптуобустар пааркаларын саҥардыыга туһуланан, бүгүн куорат суолларыгар 124 саҥа оптуобус сүүрэ сылдьарын, чуолаан ЯПАК МУТ оптуобустарын паарката төрдүттэн саҥардыллыбытын эттэ. Ол кэннэ өҥөнү толорооччулары бөдөҥсүтүү барбытын, ол эбэтэр тиэйээччилэри үстүү маршруттаах лоттарга холбообуттарын быһааран биэрдэ. Эбэн эттэххэ, баһылык эһиил чааһынай тиэйээччилэри өйүүр былаан баарын бэлиэтээтэ.
Реформаны тоҕо сайын саҕалаабатыгыт диэн ыйытыыга Евгений Григорьев саҥа оптуобустар күһүн биирдэ кэлэн, докумуоннааһын, бэрэбиэркэлэри ааһыы сэтинньи 18-гар диэри баран тардыллыы тахсыбытын санатта. «Сааһы кэтэһэр кыахпыт суоҕа – 15-с, 25-с маршруттар тиэхиньикэлэрэ кыһыны туоруур кыахтара суоҕа”, - диир Евгений Григорьев.
Эппиппит курдук, баһылык пресс-конференцията 29№-дээх оскуола эбии тутуутугар буолла. Дириэктэр Марфа Анатольевна Яковлева суруналыыстарга иһитиннэрбитинэн, үс этээстээх, 8 тыһ. тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 350 миэстэлээх эбии тутуу оскуола сүрүн дьиэтин оруолун толорор кыахтаах. Онон алын сүһүөх кылаастар аҥаардара сотору манна үөрэнэр буолуохтара. Дириэктэр эппитинэн, эбии тутуу үлэҕэ киирэн уопсайа 12 тыһ. квадратнай миэтэрэҕэ тиийэ кэҥээбит оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 1464 оҕо үөрэнэр буоллаҕына, эһиилги үөрэх дьылыттан үөрэнээччи ахсаана биллэ эбиллэрэ күүтүллэр.
Оскуола барыйыагын, дизайнын учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр бука бары санааларын холбоон толкуйдаабыттарын түмүгэр билигин манна оскуола эрэстэрээнэ кытта баар. Миэбэл барыта анал сакааһынан оҥоһуллан, номнуо кэлэн турар. Саҥа оскуола биир киэн туттуута – электроннай учебниктар.
Эбийиэк атын үөрэх кыһаларыттан биир сүрүн уратытынан дьиэ үрдүгэр икки спорт балаһааккалааҕа уонна сүүрүүнэн-хаамыынан дьарыктанар анал зона баара буолар. Аллараа этээскэ алын сүһүөх кылаастар кабинеттара, медицинскэй блок, психолог кабинета үлэлиэхтэрэ. Үлэ уруоктарыгар болҕомто күүһүрбүтүнэн технология уруоктарыгар анал кабинеттар, 312 миэстэлээх остолобуой бааллар. Иккис этээскэ — компьютернай, лингафоннай кабинеттар, 224 миэстэлээх аактабай уонна спорт саалалара, үһүс этээскэ үрдүкү кылаастар үөрэнэр кабинеттара, душ хосторо бааллар, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолорго туһунан лифт тутуллубут.
Санатар буоллахха, оскуола эбии тутуутун бастакы сыбаайатын сиргэ түһэрии үөрүүлээх түгэнэ 2023 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр буолбута. «Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуу сакаасчыта – “Главстрой” МХТ, тутааччы – “Оптима-Строй” ХЭТ.
Дьокуускай куорат маастар-былаанынан 2030 сылга диэри уопсайа 12 оскуола уонна 18 уһуйаан тутуллуохтаах.