Евгений Григорьев тус приема буолан ааста
Бэнидьиэнньиккэ баһылык Евгений Григорьев уочараттаах приемугар суруйтарбыт Юлия Б. тиэргэни тупсарыы, ол иһигэр көҥүлэ суох тутуллубут гараастартан босхолооһун боппуруоһун көтөхтө.
Юлия Б. бэлиэтииринэн, Бестужев-Марлинскай уулуссатыгар турар элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэтин тиэргэнэ күһүн-саас киһи сылдьыбат бадараана буоларынан, тупсарыы үлэтин ыытар наада. Кини маны сэргэ дьиэ ойоҕоһугар турар гараастартан босхолуурга көрдөстө. Юлия Б. быһаарарынан, түөрт гараастан үһэ көҥүлэ суох тутуулар. Губинскай уокурук дьаһалтатын салайааччыта Александр Скрябин ити информацияны бигэргэтэр, маны сэргэ көҥүлэ суох тутуллубут гараастартан биирдэстэрин кэлэр нэдиэлэҕэ номнуо көтүрэн тиэйэргэ быһаарбыттарын иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев Сир сыһыаннаһыыларыгар агентствоҕа 2025 сылга бу дьиэ тиэргэнин «1000 тиэргэн» бырагыраамаҕа киллэрэргэ сорудахтаата. Маныаха дьиэни бас билээччилэр уопсай мунньах тэрийиэхтээхтэрин, управа докумуону толорорго көмөлөһүөхтээҕин быһаарда.
Санатар буоллахха, баһылык гражданнары кытта эрдэттэн суруйтарыынан көрсөр. Көрсүһүүгэ суруйтарарга Сурук отделыгар эбэтэр Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаҕа быһаартарыахтаах боппуруоһу сиһилии ыйар уонна инники өттүгэр атын инстанцияларынан туох быһаарыы ылыллыбытын сыһыарар наада. Маны сэргэ тус дааннайдары ыйар ирдэнэр: төлөпүөн нүөмэрэ, электроннай аадырыс.
Сайабылыанньаны ыытар ньымалар:
– yakutsk@sakha.ru Олохтоох дьаһалта официальнай электроннай почтатыгар;
– 40-80-76 төлөпүөнүнэн;
– Дьокуускай к., Ленин проспега, 15 аадырыска тиийэн;
– Сурук отделын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспега, 15, 113 кэб., үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри (эбиэккэ тохтобул – 13:00-14:00 чч.).