26.12.2024 | 14:00

Сайсарыга эрэ буолбакка, бүтүн куорат олоҕор дьоһун суолталаах түгэн

Сайсарыга эрэ буолбакка, бүтүн куорат олоҕор дьоһун суолталаах түгэн
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ахсынньы 18 күнүгэр Сайсары түөлбэтигэр дьоһун суолталаах,  үөрүүлээх күн үүннэ – «Маяк» библиотека хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн аанын тэлэччи арыйда! Уокурук олохтоохторун баҕа санаалара Саҥа дьыл аҕай иннинэ туолла – саҥардыллыбыт библиотека ааҕааччыларын сып-сырдык, тупсаҕай көстүүлэнэн көрүстэ!

Быйыл туһааннаах үбүлээһин көрүллэн, манна киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Дьиэ муостата барыта көтүрүллэн, бөҕө-таҕа гына оҥоһуллубут. Илин өттө (фасада), түннүктэрэ уларытыллыбыт. Уот, уу, ититии ситимэ бүүс-бүтүннүү, дьиэ үрдэ уонна эркиннэрэ – барыта саҥардыллыбыт. Киһи хараҕа кэрэхсиир кэрэ көстүүтэ, кута-сүрэ тохтуур сирэ буолбут.

Итини сэргэ, библиотека кэлэктиибэ «Норуот бүддьүөтэ» күрэххэ кыайан, «Привлекательная библиотека» бырайыагын олоххо киллэрбит: саҥа баннер ыйаммыт уонна саҥа күрүө оҥоһуллубут.

Манна эбэн эттэххэ, нэһилиэнньэ уонна кэлэктиип Сайсарыга саҥа библиотека тутулларын туруорсубута, муҥ саатар, өрөмүөннээҥ диэн көрдөспүтэ ыраатта. Кырдьыга даҕаны, бу иннинэ мас дьиэ лаппа эргэрэн, муостата иҥнэри түһэн, хаамтах аайы кыычыгырыы турара, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска уорааннаах, сииктээх буолара. Ол эрээри элэккэй, эйэҕэс үлэһиттэрдээх библиотека өрүү ураты сылаас эйгэлээх. Туох да диэбит иһин, ханнык да тупсаҕай усулуобуйатааҕар дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыан ордук күндү эбээт!

Бүтэһик чахчынан библиотека пуондатыгар 30 245 кинигэ хараллар. Ааҕааччы ахсаана – 24 тыһыынча 244, онтон 13 тыһыынча 657-тэ – оҕо аймах.

 

Уокурукка соҕотох култуура тэрилтэтэ

Библиотека хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыылаах ыалдьыттар, уопсастыбанньыктар, эрэллээх ааҕааччылар, спонсордар муһуннулар. Бу күн эҕэрдэ этигэнэ, махтал мааны тыллара этилиннэ. 

Владимир Владимирович Аржаков, куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы:

– Аныгы балысхан сайдыылаах олоххо, сыыппара үйэтигэр библиотека ааҕааччыларын сүтэрбэккэ, өссө элбэтэ турарын биһирии иһиттим. Манна киин куорат бары библиотекалара, чахчы, нэһилиэнньэни, оҕо аймаҕы тардар курдук интэриэһинэйдик үлэлииллэрин бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Биллэн турар, бу үгүс сыраттан, баай ис хоһоонноох айымньылаах үлэттэн ситиһиллэр.

Саҥардыллыбыт библиотека ааҕааччылары, уокурук олохтоохторун үөрдэ, үтүө түмүктэри аҕала туруоҕа диэн эрэнэбин. Эһиги сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир үлэҕитин үрдүктүк сыаналыыбыт.

Индира Петровна Ли, Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунаска управлениетын салайааччыта:

– Мин санаабар, бу бүтүн куорат олоҕор бэлиэ суолталаах түгэн тосхойдо. Тоҕо диэтэххэ ааһан эрэр сылга Сайсары түөлбэтигэр собус-соҕотох култуура тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Бу уокурук уопсастыбаннай киинэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Манна араас тэрээһиннэр буолаллар.

Былырыын Арассыыйа Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтиттэн кэллиэгэбит кэлэ сырыттаҕына, бу библиотекаҕа арыаллаан аҕалбыппыт. Чиэһинэйдик эттэххэ, киирэн иһэн муостата кыычыгыраатаҕын аайы «иҥнэн, сууллан түспэтэх эрэ киһи» дии санаабыппыт. Кырдьык, кутталлаах баҕайы этэ.

Билиҥҥи уустук кэмҥэ саҥа дьиэ тутуллара кыаллыбатын, үп-харчы көстөрө ыараханын бары да өйдүүбүт. Куорат дьаһалтатын кытта кэпсэтэн, өйөбүл ылан, уопсай сүбэнэн хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга быһаарбыппыт. Библиотека ичигэс, тупсаҕай уонна кэрэ көстүүлээх буоллун диэн. Ол үлэ түмүгүн бүгүн көрөҕүт. Итинэн тохтоон хаалбаппыт, эһиил Сайсары олохтоохторугар табыгастаах буоллун диэн электроннай өҥөнү оҥорор секторы арыйар, аныгы ФИТ технологияны киллэрэр санаалаахпыт.

Библиотекаҕа махталлаах ааҕааччылары, кэрэхсэбиллээх айар бырайыактары баҕарабын.

Калькарина Георгиевна Карадчина, өр сылларга Куораттааҕы библиотека тиһигин салайбыт, үгүс көлүөнэ үлэһити иитэн таһаарбыт настаабынньык:

– Быйылгы хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн библиотека сып-сырдык, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолбут!  Мин өйдүүрбүнэн, бу дьиэ үлэҕэ киириэҕиттэн биирдэ эрэ өрөмүөннэммитэ, ону даҕаны бэрт кыра харчы көрүллүбүтэ. Ол да буоллар бэйэтин кэмигэр сүрдээҕин тупсубута, киэркэйбитэ.

Сайсары түөлбэтигэр урут «Айхал» киинэ тыйаатыра баара, оттон билигин «Маяк» библиотека – уокурукка соҕотох култуура тэрилтэтэ. Оччоттон баччааҥҥа диэри библиотека түөлбэ оскуолаларын уонна уокуругу кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытан кэллэ. Онон уопсастыбаҕа уонна нэһилиэнньэ сайдыытыгар суолтата улахан.

Мин санаабар, бу саамай бигэ туруктаах, иллээх-эйэлээх кэлэктиип. Манна идэлэригэр олус бэриниилээх дьон үлэлииллэр. Сайсары библиотекатын бырайыактара өрүү чаҕылхай, ураты буолаллар. Төһө да бу иннинэ соччото суох усулуобуйаҕа олорбуттарын иһин, ааҕааччылара аҕыйаабатаҕа, манна өрүү дьон-сэргэ кэлэ турар.

Ааттыын даҕаны сырдыкка сирдиир аналлаах «Маяк» үлэһиттэригэр ситиһиилэри баҕарабын. Санаабыккыт барыта сатаныа диэн эрэнэбин!

Нюргуяна Петровна Решетникова, Дьокуускай куораттааҕы «Библиотека тиһигин киинэ» МБТ дириэктэрэ:

– Олохтоохтор өрөмүөн хаһан түмүктэнэрин долгуйа күүппүттэрин билэбин. «Библиотекабыт хаһан арыллар?» – дииллэрин элбэхтэ үөрэ истибитим.

Кырдьык, Индира Петровналыын былырыын Арассыыйа таһымнаах үрдүк сололоох ыалдьыппытын SMART-библиотека кэнниттэн манна аҕалбыппытыгар, улаханнык соһуйбута. Төһө да библиотека айымньылаахтык үлэлээбитин, ааҕааччыта элбэҕин иһин, аныгы оҕолор сырдык, дьэрэкээн эйгэҕэ баҕараллара чуолкай.

Кэнники кэмҥэ кинигэ, хаһыакка сурутуу сыаната наһаа ыараата, онно тырааныспар ороскуота, тиэрдии өҥөтө эбиллэр. Инники сылларга тэҥнээтэххэ, куорат библиотекаларыгар комплектованиебыт икки бүк улаатта. Олохтоох дьаһалтаҕа өйүүрүн иһин махтанабыт.

Библиотека үлэһиттэригэр ситиһиилэри, чэчирии, сайда тураргытыгар баҕарабын.

Светлана Попова, СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрин солбуйааччы:

– Библиотека боруогун атыллаан киирдэххэ, искэр ураты алыптаах иэйии үөскүүр. Өрөмүөн кэнниттэн сырдык уонна сылаас буолбутун, дизайна ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаммытын бэлиэтии көрдүм.

«Маяк» ааҕааччыларын сырдык уонна сөптөөх суолга сирдиир. Эдэр көлүөнэ үлэһиттэр уруккуттан илдьэ кэлбит үгэһи салҕыы турдуннар. Ааҕааччыларга ааҥҥыт өрүү аһаҕас буоллун. Библиотека эркиннэриттэн куораппытын, өрөспүүбүлүкэбитин аатырдар, үөрэххэ-билиигэ, олоххо тардыһыылаах үтүө-мааны дьон үүнэн, иитиллэн таҕыстыннар. Саха сирэ саамай ааҕар регион үрдүк статуһа бигэргэтиллэ турдун!

Инна Евгеньевна Акимова, Дьокуускай куорат 20-с №-дээх орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:

–  «Маяк» библиотека оскуолалары кытта быһаччы үлэлиир, иитэр үлэбитигэр күүс-көмө буолар. Кырдьык, биһиги уокурукпутугар соҕотох култуура тэрилтэтэ. Онон библиотекабытыгар махталбыт муҥура суох. Мантан ыла тупсаҕай усулуобуйаҕа ааҕааччылар үөрэ-көтө кэлиэхпит. 

***

Библиотека Маяковскай уулуссатын 81 нүөмэрдээх дьиэтигэр 1970 сыллаахтан үлэлиир. Ол саҕана библиотека пуондата 59 154 кинигэлээҕэ. 19 тыһ. 815 ааҕааччылааҕа, онтон 16 тыһ. 999-һа  оҕо аймах этэ.

2022 сыллаахха библиотека «Маяк» диэн ааты ылыммыта. Манна сыл аайы 200-тэн тахса араас тэрээһин ыытыллар. Аҕам саастаах ааҕааччыларга «Кэпсээ», оттон оскуола үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарга «Говорит история» диэн кулууптар тиһиктэрин быспакка үлэлииллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ Сайсары түөлбэтин оҕолоругар «Ааҕар тиэргэн»  тэриллэр.

2014 сыллаахха библиотека Куораттааҕы култуура уонна искусство күрэҕэр лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. Нөҥүө сылыгар «Сыл бастыҥ библиотеката» ааты ылан, И.И. Крафт аатынан бириэмийэнэн наҕараадаламмыта.

 

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...