24.12.2024 | 19:18

Киһи хантан күүс ыларый...  

Киһи хантан күүс ыларый...  
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр. 

Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Үлэ бэтэрээнэ, «Салют Победы» диэн Кыайыы 75 сылыгар анаммыт Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт наивнай ускуустуба куонкуруһун кыайыылааҕа, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище 2023 сыллааҕы выпускницата Татьяна Дмитриевна Попова айар суолун арыйар, тутар суолун сэһэргиир түгэнэ тосхойдо.


Кини санаатыгар киһи күүс ылар, сэниэ сомсор сирэ – кини дьиэ кэргэнэ. Хайыы үйэ 46 сыл бииргэ олорор кэргэннии Татьяна Дмитриевна уонна Дмитрий Дмитриевич Поповтар күн бүгүн дьиэлээх-уоттаах, аҕа ууһун ааттатар уоллаах, ийэ ууһун тэнитэр кыргыттардаах, сиэннэрдээх, силистэрэ-мутуктара дириҥээбит дьоһун ыал. Саха дьонугар ыал диэн бу икки таптаһар сүрэх холбоһон, оҕолонон-урууланан, силис-мутук тардан, дьиэлэнэн-уоттанан эрэ буолбатах, ыал диэн бу сиппит-хоппут култуура, үөрэтии-такайыы оскуолата, олох бөлөсүөпүйэтэ, киһи күүс ылар сирэ диэнтэн сиэттэрэн, ыал аҕа баһылыга Дмитрий Дмитриевич күн бүгүҥҥүгэ диэри үлэни үҥэр таҥара оҥостон, тоҥору-хатары аахсыбакка, куйаастан куттаммакка, силлиэттэн сиҥнибэккэ, буурҕаттан саллыбакка, туппут илиитин араарбакка, «Алмазы Анабара» диэн тэрилтэҕэ биир бастыҥ тарбахха баттанар үлэһит. Дмитрий Дмитриевич ыал буолуу диэн дьол, киһи оҕо-уруу, сиэн оҕо туһугар диэн олордоҕуна тирэхтээх, көмөлөөх буолар, киһини үлэ киһи оҥорор диэн бигэ санаалаах. Дьиэ кэргэн ис эйгэтэ ил-эйэ тыыннаах буоларын тус бэйэтин холобурунан үөрэппитэ диэн кэргэнин аҕатыгар Петров Дмитрий Петровичка дириҥник махтанар. Дмитрий Петрович дьиҥ саха эр киһитинии мындыр толкуйдаах, инникини өтө көрүүлээх, туох да үлэттэн саллыбат, ис иһиттэн сэмэй этэ диэн ахтар. Киниттэн үөрэнэн тыа дьонун түбүктээх олоҕун үлэтин-хамнаһын сылайыы-элэйии, сыра-сылба бараныыта курдук көрбөккө, сайдар-үүнэр суолу арыйар, ил-эйэ эйгэтин иилиир-саҕалыыр ньыма курдук ылыммытым диэн сэһэргээтэ. Этэр эттэҕинэ, олох сөп курдук дии – тыа олохтооҕун үлэтин соҕотох киһи оҥороро уустуктардаах – сырылас куйаастаах сайыны баттаһа кыһыҥҥыга бэлэмнэнэн оттооһун, маһы-оту бэлэмнээһин, аһы-үөлү хаһааныы, таҥаһы-сабы оҥостуу барыта элбэх буолан саба түһэн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн оҥордоххо ырыа курдук ылбаҕай, хоһоон курдук хомоҕой буолара мөккүөрү үөскэппэт.


Татьяна Дмитриевна – эрэллээх кэргэн, дьиэ кэргэн олоҕун сүрүннүүр, муударай, мындыр, сатабыллаах, сайдарга-үүнэргэ куруутун бэлэм, айбыта айхаллаах, оҥорбута уруйдаах Далбар Хотун. Кини ыал дьон төһөнөн тургутуулары, моһоллору, олох очурдарын туоруурга бэлэмий даҕаны, соччонон кинилэр олорор нэһилиэктэрэ, куораттара, дойдулара, бүтүн норуот күүстээх, кыахтаах, туруктаах диэн этиини сүүс бырыһыан өйдүүбүн, билэбин диэн кэпсээтэ. 
Биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар анаарар толкуйдара, ыараҥнатан-ырытан көрүүлэрэ күүстээх буолан, ыра санаалара ыраахха тиэртэҕэ, баҕа санаалара барҕаны аҕаллаҕа. Ол барыта дьиэ кэргэнтэн саҕалаан оҕо киһи быһыытынан уһуйуллуута, чөл куттаах-сүрдээх буолуута, тулалыыр эйгэҕэ эйэҕэс сыһыана холбоһон, саха омук дьоно диэн киэн тутта ааттанар норуоту үөскэттэҕэ “    диэн туран, Дмитрийдаах Татьяна тапталларын туоһута, сылаас сыһыаннарын сыдьаана буолан күн сирин көрбүт оҕолоро кимнээҕин билсиэххэ.


Улахан кыыстара Дальвина кэргэнэ Иван Кардашевскайдыын олохторун суолун оҥкулун булан, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах ыал. Дальвина Дмитриевна СГУ ИТФ бүтэрбитэ. Билигин тутуу тэрилтэтин смета оҥорор салаатын начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар, күтүөт Иван Анатольевич автомобильнай тырааныспарынан хааччыйар сулууспа тутаах үлэһитэ. Кыыстара Настя ХИФУ тас дойдулар филологияларын үөрэтэр факультет 4-с кууруһун устудьуона, дьоһун киһи. Поповтар кыра кыыстара, ыал орто оҕото Татьяна Дмитриевна, Ион Павлович Афанасьевтыын кыыстара Анналыын, уоллара Ильдардыын ньир-бааччы олороллор. Татьяна Дмитриевна ХИФУ филологическай факультетын бүтэрэн, төрөөбүт нэһилиэгэр, үөрэммит оскуолатыгар үөрэ-көтө, үүнэ-сайда, олус көхтөөхтүк үлэлиир-хамсыыр, нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕор биллэр-көстөр суоллаах-иистээх тумус туттар киһибит. Нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэн, элбэх докумуоннары хасыһан, учуонайдары кытта тэҥҥэ үлэлэһэр хамыыһыйаҕа киирэн, дьоһун кинигэ биир тутаах түһүмэҕин оҥоруста. Ион Павлович инженер үөрэхтээх, СӨ музыка үрдүкү оскуолатыгар үлэлиир-хамсыыр. Анна Ионовна “Айар уустар” диэн аата даҕаны этэринии айар-тутар аартыгы арыйар креативнай индустрия колледжыгар үөрэнэр. Ильдар Хатас орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ.


Поповтар уоллара, эрэнэр эркиннэрэ Денис Дмитриевич Мария Иннокентьевналыын аҕа ууһун ааттатар уолаттардаахтар - Дима, Рома. Денис Байкальскайдааҕы судаарыстыбаннай университет экономика уонна быраап факультетын бүтэрэн, финансист буолбута. Билигин “Саха” ХЭТ тэрилтэҕэ тутууга үлэлиир. Биллэн турар, ааҕа-суоттуу үөрэммитэ үлэтигэр, олоҕор даҕаны көмөлөөх буолара чуолкай. Денис саха эр киһитин сиэринэн айылҕаҕа чугаһын, бултуур-алтыыр диэни сурах хоту буолбакка, дьиҥнээхтии тоҥон-хатан, сонордоһон, эккирэтиһэн, ирдэһэн, Баай Байанай бэлэхтэриттэн бэриһиннэрэн билэрин астына-дуоһуйа бэлиэтиэм этэ. Кэргэнэ Мария Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, аспытын-үөлбүтүн чөл-чэгиэн оҥорорго аналлаах технолог идэтин ылбыта. Күн бүгүн кини кырачаан  Романы көрөн олорор. Улахан уол Дима Дьокуускайдааҕы инновационнай технология колледжыгар 1 кууруска үөрэнэр.
Дьэ, онон, истибиппит, көрбүппүт курдук, ил-эйэ тыыннаах улахан дьиэ кэргэн оҕолоро бары анал үрдүк үөрэхтээхтэр, олохторун суолун оҥкулун булан, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах дьоһун ыаллар. Киһи хантан күүс ыларый диэҥҥэ маҥнайгы эппиэппит бу буоллаҕа.      

Саха дьахтар таҥаралаах, 
Саҥаны саҕалыыр, сонуну сэргиир,
Ситиһиитэ быстыбат ситимнээх,
Олоҕун суола субурхай,
Айанын аартыга аламаҕай,
Айбыта айхаллаах, оҥорбута уруйдаах –
Саха дьахтара! 
Саха дьахтар таҥаралаах! 

Татьяна Дмитриевна, чахчыта даҕаны, бу хоһооҥҥо этиллибитинии, айбыта айхаллаах, оҥорбута уруйдаах. Киһи олоххо хайдах, хантан күүс ыларый диэҥҥэ эппиэттиир түгэннэри, быһыыны-майгыны үөскэтэр олохтоох далбар кини буолар. Киһи кэрэттэн, айар-тутар эйгэттэн, оҥорор-тутар суолуттан күүс ылар. Кини биир саамай тахсыылаах үлэлээх, киэҥ аартыкка таһаарбыт хайысхата  – ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба. “Тускул” КК иһинэн 2017 сылтан үлэлиир “Уруһуй” холбоһукпут биир саамай тутаах киһитэ. Бу хайысхаҕа нэһилиэкпит аатын үрдүк туоналарга ааттаппыт дьоһун киһибит буолар. Кини бу холбоһук дьоно баһыйар үгүс өттө үтүктэн суруйан саҕалаабыт буоллахтарына, хара маҥнайгыттан сүрэҕэ-дууһата этэринэн, сөбүлээбит көстүүлэрин, кыылларын-сүөллэрин бэйэтин көрүүтүнэн дьүһүйэн саҕалаабыта. Өссө биир уратыта – кини дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын хартыына нөҥүө кэлэр көлүөнэ ыччакка кэпсиир-сэһэргиир, көрдөрөр үтүө үгэстээҕэ. Айар-тутар эйгэ хайа баҕарар хайысхатыгар айымньыны оҥоруу, айыы, суруйуу, тигии, уһаныы оҕо төрөтөр кэриэтэ дьикти, кэрэ, умсугутуулаах, иэйиилээх, минньигэс, күндү. Ол эрэн бу түгэн, бу үөрүү хайдах кэлэрэ, үөскүүрэ-төрүүрэ киһи аайы тус туһунан суоллаах-иистээх, устуоруйалаах. Сороҕор «от атах тэппэтэҕинэ» хас эмэ хонугу, хонугу эрэ буолуо дуо, ыйы да, сылы да быһа тирэччи тэбинэн туран халлаан диэки көрөн ыла-ыла (онно баары баһан ылыахтыы…) эрэйдэнэбит. Онтон табыллыы, таба тайаныы кэллэҕинэ, тохтоло суох тохтуо, сынньалаҥа суох кутуо.
Айар-тутар киһиэхэ саамай күндү, күүтүүлээх кэмэ – Айыы Кэмэ буолар, бу саха киһитин олоҕун оҥкулун туох барыта кэмнээх-кээмэйдээх, күннээх-дьыллаах диэн биир сүрүн өйдөбүлүн өркөн түгэнэ. Онон Айыы Кэмин мүлчү туппакка, сиргэ-буорга бырахпакка, күөдьүйбүтү, үөскээбити күөттээн, күүһүрдэн, ситэрэн-хоторон биэрдэххэ, Ийэ куппут иэнигийэн, салгын куппут сайыннаран, буор куппут бөҕөргөтөн биэрэр. Ол түмүгэр маастардар, сатабыллаах, талааннаах-дьоҕурдаах дьоммут үйэлээҕи, кэрэни, дьиктини айаллар, ол да иһин олоҥхобут айылыннаҕа, улуу айымньылар сурулуннахтартара...


Киһи сүрэҕэр-дууһатыгар оҕо саас дьоллоох кэмин илдьэ сылдьар буоллаҕына, олоҕун ханнык баҕарар кэрчик кэмигэр дьиктини-кэрэни булар, дьикти, кэрэ, соһуччу үөрүү, үтүө баарыгар итэҕэйэр. Онтон оннук киһи оҥорбута-туппута дэлэҕэ даҕаны оҕолуу ыраас, сырдык диэн уос номоҕор сылдьыа дуо?! Бу көстүү Татьяна Дмитриевнаҕа олус дьэҥкэтик, сырдыктык баар. Быйылгы аптаах-алыптаах Саҥа дьылы көрсөр харыйата кини илиитин сылааһын, санаатын ырааһын, сатабылын, тапталын иҥэриммит 50 устуука бэйэ оҥоһуута харыйа оонньуура – баата куукуланан киэргэммитэ, этэргэ дылы, хайыстыҥ – харах хайҕала, эргийдиҥ – сүрэх үөрүүтэ буоллаҕа. 
Биһиги, сахалар, ханна даҕаны тиийдэрбит, ис туруктуун, тас көрүҥнүүн дьоһун, толору буолар омукпут. Кэрэ аҥаардар киэргэнэн-симэнэн киирэн хааман сайбаарыйдахтарына, харах халтарыйар кэрэтэ, сүрэх өрүкүйэр үтүө көстүүтэ буолар. Онтон ол көстүүнү бэйэҥ илииҥ иһиттэн таһаардаххына, биир оччо үрдүккэ көтүү буолар буолар. Бу чааһыгар куруутун уурбут-туппут курдук ис киирбэх көрүҥнээх, мэлдьи кыраһыабай Татьяна Дмитриевна тикпитим-оҥорбутум диирэ хара баһаам элбэх. Төрүт иистэн саҕалаан, оҕуруонан тиһиллибит илин-кэлин кэбиһэргэ тиийэ. Бу оҥоһуктары оҥорорго көмө-тирэх буолбут маастардарыгар Дегтярева Мария Сергеевнаҕа, Кожурова Степанида Васильевнаҕа  махтала улахан. Дьэ ити курдук киһи күүс ылар түгэнэ Ойуу тыла буолар. Сахалар бары тумус туттар киһибит Борис Неустроев – Мандар Уус бэлиэтээн эппитинии, киһи туппутун, оҥорбутун, тикпитин хаһан даҕаны ойуута суох килэгир ньуурдаах гыммат. Ол ойуу-бичик, өй-дьүһүн дьүөрэлэһиитэ төрүт дьоммутун кытта сибээстиир буолан, Ойуу тыла, кэрэ эйгэтэ, үтүө туоната биһиги күүс ылар сирбит буолар.  


Үйэтитии – дириҥээһин, кэҥээһин, тэнийии, өй-санаа өттүнэн байыы-тайыы. Татьяна Дмитриевна үйэтитиигэ үлэлээн саҕалаабыта уонунан сыллар буолбут. Бу хайысхаҕа бастакы хардыылара киинэ хроника тэрилтэтин салаатыгар үлэлии сылдьан оҥорсубут, үлэлэспит. Омос санаатахха, оччолорго ити тэрилтэ ааҕар-суоттуур салаатыгар олорон туох кыттыгаһа кэлиэй диэн курдук гынан баран, Татьяна дойдуга бэриниилээх, уһуну-киэҥи толкуйдуур буолан, бэриллибит түгэни мүлүчү туппатах. Онон төрөөбүт төрүт нэһилиэгин үйэтитиигэ ыкса ылсан үлэлээн, Федорова Парасковья Павловнаҕа киирэн тус бэйэтин тутан кэпсэтэн, былааннаһан, уһуллар дьону-сэргэни булууга үлэлэһэн түбүгүрбүтэ дьыл-күн аастаҕын аайы өссө күндүтүйэн, суолтата улаатан иһиэ буоллаҕа  диэн сыаналыыбыт. Онтон 2017 сыллаахха Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын эдэркээн исписэлииһэ Ольга Васильева салайааччыта Парасковья Афанасьевна сорудаҕынан Хатас нэһилиэгин салайбыт дьон туһунан араас матырыйааллары мунньан таһаарбыт истиэндэтигэр олоҕуран салгыы дириҥэтэн үлэлиэҕиҥ диэн сүбэ мунньахха ыҥырыллан кэлэн, хаан-уруу аймах-билэ киһитэ Захаров Николай Алексеевич, убаастаан-ытыктаан “Человек” диэн анал ааттаах чаҕылхай салайааччы туһунан матырыйаал хомуйан саҕалыыр. Дьэ уонна хаһан да буоларын курдук ылыста да дириҥээн, кэҥээн, киирдэр киирэн, буллар-булан, өссө хаһыстар хасыһан, киэҥ аймахха эрэ буолбакка, бүтүн Хатас нэһилиэгин дьонугар үгүс элбэҕи кэпсиир дириҥ ис хоһоонноох ахтыы кинигэтин таһаартарда. Николай Алексеевич сүрдээх сытыы-хотуу, киһилии майгылаах, дьон туһугар диэн сыаллаах-соруктаах үлэлээх, соруммутун ситэр, саҕалаабытын ситэрэр-хоторор идэлээх буолан,  Максим Горькай уот харахха эппит “Человек – это звучит гордо!”  кынаттаах тылларыгар олус сөп түбэһэр эбит. Кинигэни олохтоох нэһилиэк музейыгар, библиотекаҕа бэлэхтээбитин бары ытыспыт тыаһынан доҕуһуоллаатыбыт.


Түмүккэ «Киһи хантан күүс ыларый?» диэн ыйытыыга толору хоруйу ыллыбыт! Ыраата, уустугурда, эргитэ-урбата барбакка,  дьиэ кэргэнтэн, тапталтан, айар-тутар эйгэттэн, дойдумсах буолууттан, доҕоттортон-атастартан диибит. Ол аата хас биирдиибит олох олорорго күүс-уох ылыыны дьиэ кэргэнтэн, бэйэҥ тиэргэҥҥиттэн саҕалаан, төрөөбүт дойдугар, норуоккар тиийэ таһымҥа тахсыаххын сөп. Туох барыта кыраттан, илииҥ иһиттэн саҕаланар, эн ону тобулуоххун, өйдүөххүн эрэ наада.
Бу туһунан Татьяна Дмитриевнаны эҕэрдэлии кэлбит чугас дьонноро, эҕэрдэ кэнсиэр кыттыылаахатара, «Тускул» КК араас түмсүүлэрин дьоно-сэргэтэ сөҕө-махтайа, астына-дуоһуйа көрдүлэр-иһиттилэр, киэн тутуннулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...