Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.
Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун тула кэпсэтиэхпит. Кини Мытаах музей-галереятын дириэктэрэ, элбэх бырайыак ааптара, иилээччи-саҕалааччы, быһата – салайар, тэрийэр талба талааннаах эр хоһуун.
Музей-галерея үрдүк кирилиэһин дабайан тахсааппытын кытта хаһаайын бэйэтинэн көрсөн, кэпсээнин киирээти кытта турар хартыына историятыттан саҕалаата. Дьиикимдэ дьикти кэрэ айылҕатын, тугунан тыынан олорорун, дьарыгын, хонноҕор-быттыгар кистэнэ сытар сирин баайын кытта арыйар бэрт дириҥ ис хоһоонноох хартыынаны эдэркээн нуучча кыыһа ойуулаабыта бэйэтэ эмиэ дьикти. Бу үтүө-мааны сири араҥаччылыы турар намылыйар уһун суһуохтаах Далбар Хотун биһигини эмиэ арчылыы көрсөргө дылы.
– Артур Николаевич, билэрдии, кэпсэтиибитин чугастан, “Дьиикимдэ дьээбэлэриттэн” саҕалыах. Дьону күллэрэри киһи, артыыс эрэ сатаабат, бэл, күлүүлээҕи айар суруйааччы, режиссер да кэмчи быһыылаах. Эһиги хайдах саҕалаабыккытый?
– «Дьиикимдэ дьээбэлэрэ» көр-күлүү тыйаатыра тэриллэригэр кыттыгастаахпыттан астынабын. Бу ааппытынан биһиги олорор түөлбэбитин, дойдубутун эмиэ ааттатабыт. Дьиикимдэ диэн сир ханнык улууска баарын, онно кимнээх төрөөн-үөскээн ааспыттарын туһунан билэргэ, үөрэтэргэ көҕүлүүрбүт эмиэ баар. Мин билигин бу тыйаатыр репертуарын ааптарабын, артыыһабын, режиссерабын, салайааччытабын, продюсерабын диэххэ сөп. Бэйэм 2000 сылтан сынньалаҥ киинигэр худругунан, дириэктэринэн үлэлээбитим. 2003 сыллаахха Дьокуускай куоракка култуура колледжын үөрэнэн бүтэрбитим уонна “педагог организатор”, “режиссер театрализованных представлений” идэлэри баһылаабыппын туоһулуур дипломнаахпын. 2009 сылтан күн бүгүнүгэр диэри Мытаахха музей-галерея дириэктэринэн үлэлиибин. Онон бу бэйэм үлэм сүрүнүн тутар биир хайысхам буолар.
Кэпсэтии жанрын артыыс идэлээх эрэ барыта кыайа-хото туппат. Сүрүн ыарахана диэн, манна муусуканан доҕуһуол суоҕа буолар. Ол эбэтэр артыыска уобараһын арыйарыгар бэйэтин куолаһын интонацията, туттара-хаптара эрэ көмөлөһөллөр. Иккиһинэн. оруолун бэйэтэ итэҕэйбэт буоллаҕына, көрөөччүгэ тиэрдэрэ ыарахан. Хас биирдии оонньуур оруолун бэйэтэ итэҕэйэн туран толоруохтаах.
– Тыйаатырга оонньуур дьон кимнээҕий?
– “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” тыйаатырга бу сыллар усталарыгар нэһилиэкпит араас идэлээх дьоно кыттан кэллэ – ким эрэ библиотекарь, ким эрэ хачыгаар, баһылык солбуйааччыта, дьиэҕэ олорор аҕа саастаах эдьиийдэрбит, администрация үлэһиттэрэ, ыччаттар, тэрилтэлэр техүлэһиттэрэ, почта сэбиэдиссэйдэрэ, учууталлар уо.д.а. Бастаан оонньоспут оҕолорбут билигин туһунан суолланан-иистэнэн, атын улуустарга, куораттарга таһаарыылаахтык араас эйгэҕэ үлэлии сылдьаллар. Билигин бэйэбит төрөппүт оҕолорбут кытталлар, сотору сиэннэрбит кыттыһыахтара.
Бары араас идэлээх, үлэлээх дьон буоларбытынан, репетицияларбытын бириэмэбитин аттаран оҥорорбут чуолкай. Хайа уонна оттон тыа дьоно буоларбытынан үгүспүт хаһаайыстыбалаахпыт. Ону барытын былааннаан, сүбэлэһэн, 25 сыл устата тыйаатырбытын илдьэ кэллибит.
– Ааттыын көр-күлүү тыйаатырыгар бу үйэ чиэппэрэ кэм устата сценкаттан туһунан умнуллубат, күлүүлээх түгэннэр баар буолуохтара. Оннуктары ахтан аастахха?
– Көрүдьүөс түгэннэр, элбэхтик да буолбатар, син буолааччылар. Биирдэ драма оонньуу сылдьабыт. Мин Аҕа дойду сэриититтэн кэлбит киһи оруолун оонньуубун. Улаханнык ыалдьыбыт үөлээннээхпэр кэпсэтэ кэлэбин («Дьиикимдэ дьээбэлэрэ» тыйаатыр айылҕаттан айдарыылаах импровизатор артыыһа – А.Е.)... итиниэхэ диэри барыта сценарийынан баран иһэр. Эмискэ, били ыалдьа сытар үөлээннээҕим оронугар олоро биэрдэ да, сценарийга суох Сталин туһунан ырыаны ыллаан ыыра барда! Мин соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыстым. Оннук эмиэ буолааччы.
Биирдэ эмиэ гостуруолга Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир нэһилиэккэ тиийдибит. Биир артыыспыт быраас буолар оруоллаах. Сценаҕа киирдэ. Биһиги быыс кэннигэр киирээри бэлэмнэнэ сылдьабыт. Арай киһибит сценарийга суох кэпсэтиини саҥарар, кими эрэ “Арыый хойутуу көрүөм” эҥин диир. Дьиктиргээммит быган көрбүппүт, биир холуочук көрөөччү киһи сценаҕа тахсан сылдьар эбит. Бырааспыт ону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ оонньуу сылдьар эбит. Итинник ыксаллаах да түгэннэр баар буолааччылар.
– Артур Николаевич, Мытаах музейын иһинэн бэрт элбэх онлайн куонкурус, күрэхтэһии ыытылларын өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ да билэр-истэр буолуохтаахтар.
– Оннук. Бастакы онлайн бырайыагы 2017 сылга Семен Данилов 100 сылыгар ыыппыппыт. Онтон саҕалаан сылга биирдиитэ“Күн аайы салпакка олоҕу таптыахха”, “Кустук өҥнөөх кыраасканан дьүһүйүүлэрим”, “Улахан дьол сыдьаайа”, “Олох үөһүгэр", “Ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ” диэн бырайыактары ыытаммыт, дьон-сэргэ биһирэбилин ылабыт. Кыттааччы ахсаана биллэ улаатта. Сылга ортотунан 500-700 улахан киһи, оҕо кыттар. Оҕолорго, учууталларга уонна төрөппүттэргэ даҕаны сырдык, сылаас сүүрээни саҕар бырайыактар. Уонна оттон нэһилиэкпититтэн төрөөн-үөскээн суруйааччы, худуоһунньук буолан үүнэн тахсыбыт улуу дьоммут айымньыларын кэнчээри ыччакка тириэрдии, билиһиннэрии, биллэн турар, дириҥ суолталаах.
Онон музейбыт үлэтигэр интэриниэт күүһүн туһанан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыбыт.
– Аатырбыт Бор алаас туһунан билиһиннэр эрэ, баһаалыста. Бу эмиэ Сахабыт сирин биир бэлиэ, айылҕа маанылаабыт, киэҥ, дириҥ историялаах сир буоллаҕа.
– Бор алааһа урут Мытаах нэһилиэгин киин уһаайбата эбит. “Ленин” аатынан холкуос киинэ турбут. Гражданскай сэрии сылларыгар 1922 сыллаахха Борго Стручковтар дьиэлэригэр үрүҥнэр штаб гынан олорбуттар, 1927 сыллаахха ол дьиэҕэ аны Павел Васильевич Ксенофонтов, Саха сирэ союзнай статустаах буоларын туруорсан, 100-тэн тахса дэлэгээттээх конфедералистар сийиэстэрин ыыппыт. Борго 1929 сыллаахха бастакы оскуола арыллыбыт. Бу оскуолаҕа саха норуодунай суруйааччылара ини-бии Семен, Софрон Даниловтар уонна үс төгүллээх норуодунай худуоһунньук, сахалартан бастакы академик Афанасий Осипов үөрэммиттэр. 1944-1954 сылларга манна детдом үлэлээбит. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, куораттарыттан 100-тэн тахса оҕо кэлэн олорон үөрэнэн, иитиллэн, киһи-хара буолбут.
– Бэрт киэҥ, баай, дириҥ историялаах, көстүүлүүн ураты кэрэ алаас. Маны эһиги туристыыр маршрут быһыытынан үлэлэтэргитин билэбин.
– Оннук, оскуоланы, детсады кытта үлэлэһэр бырайыакпыт. Нэһилиэкпитигэр туризмы сайыннарыыга анаан "Өбүгэ үгэһин сөргүтэн” уонна “Үс айар” диэн ааттарынан үлэлэтэбит. Туристарга Бор алааһыгар “Литературная тропа”, “Суон тиит” маршруттар үлэлииллэр.
“Үс айар” былырыын бастакытын ыытыллыбыта. Манна 4 хамаанда кэлэн кыттыбыта. Үс киһилээх хамаандаҕа хоһоонньут, уруһуйдьут уонна фотограф киирэр. Кинилэр Бор алааһа саамай ситэн, тупсан турар кэмигэр сайын кэлэн, кэрэ көстүүтүн хоһуйан хоһоон суруйаллар, хартыына уруһуйдууллар, хаартыскаҕа түһэрэллэр. Бу бырайыакпыт туризм сайдыытыгар сүрдээх инникилээх дии саныыбыт.
– Бүтүн нэһилиэк култуурунай эйгэтин эргийэр киинигэр сылдьар үлэлээххин. Бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥэр, кэтэх хаһаайыстыбаҕар эмиэ илииҥ тиийиэн наада буоллаҕа дии. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ, Артур Николаевич.
– Биһиги биэс оҕолоох, алта сиэннээх ыалбыт. 1968 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Орто оскуоланы Далырга чиҥ ортонон бүтэрбит киһибин.
Аҕа быһыытынан оҕолорбор үтүө-үлэһит дьон буолалларыгар баҕарабын. Бэйэм холобурбунан иитэбин. Үлэҕэ да буоллун, сынньалаҥҥа да буоллун оҕолорбутун кытыннарабыт. Сүөһү ииттэн, сибиэһэй үүтүнэн, сүөгэйинэн, арыынан, этинэн бэйэбитин хааччынабыт. 20 тахса кууруссалаахпыт, уонча куруолуктаахпыт, сибиинньэ, индюк, бройлер иитэн идэһэлэнэбит. Сир аһыгар бары сылдьабыт. Оҕолорбутун кытта кэнсиэртэргэ кыттабыт. Бэйэбит дьиэ кэргэнинэн эмиэ кэнсиэртиибит. Кулуупка мээнэ ыллаппаттарын иһин, тамадалыыр кэммэр дэлби ыллаан кэлээччибин.
– Хааһахтан хостоон эрэр курдук талаан талбата, дьоҕур уратыта киһитэ эбиккин. Ылсыһан үлэлэһэ сылдьар бырайыактаргар өссө даҕаны саҥаттан саҥа саҕахтар саҕыллан истиннэр. Дьолу-соргуну!
Хаартыскалар:
дьоруой тус архыыбыттан