22.12.2024 | 12:00

Чэй култууратыгар үөрэнэр... устудьуоннар

Чэй култууратыгар үөрэнэр... устудьуоннар
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Ахсынньы 15 күнүгэр чэй күнэ бэлиэтэнэр. Биһиэхэ сахаларга чэй иһиитэ Азия, соҕуруу Сибиир, алтай омуктарыттан киирбитэ биллэр.

Оттон 2014 сыллаахха «Саха чэйэ» кулууп арыллыбыта. Сонун хамсааһыны К.Д. Уткин-Нүһүлгэн, К.Д. Дьячковскай-Анаарар, С.Я. Яковлев-Ырыа Ыстапаан, М.Т. Тимофеева, В.В. Левочкин, Л.В. Васильева, Р.П. Васильева уо.д.а. өйөөбүттэрэ.

Аны быйылгыттан Саргылана Семеновна Игнатьева ректордаах АГИКИ устудьуоннарын  “Саха чэйин сиэрин-туомун толорооччу” диэн идэҕэ үөрэтии саҕаланна. Оннук. Устудьуоннар чэй иһии сиэригэр-туомугар үөрэнэллэр. Кинилэри чэй култууратын чинчийээччи, “Якутский чайный дом” бырайыагынан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Гранын кыайыылааҕа, “Чай Кучу в культуре народа саха” кинигэ ааптара, “Чайная культура Евразии” бырайыак салайааччыта Туйаара Григорьева-Кучу Туйаара үөрэтэр.

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун 4-с кууһурун устудьуона Матрена Иванова «Кийиит чэйэ» бырайыакка үөрэммитин туһунан кэпсиир:

Биһиги институппутугар чэй култууратын үөрэтии киирбитэ олус үчүгэй. Бу бэйэтэ наһаа астык, ураты паара. Бу паараҕа үөрэнээри, нэдиэлэ аайы чэппиэр күнү күүтэр курдукпун. Биһиги манна бэйэбит даҕаны, атын омуктар даҕаны чэйдэрин үөрэтэбит. Отун хомуйартан саҕалаан, оҥорорго, иһии сиэригэр-туомугар тиийэ.

Монголия Чингиз диэн куоратыттан кэлэн хореограф идэтигэр үөрэнэр Оргилбаяр Нямжав Саха чэйин олус сөбүлээбитин кэпсиир:

– Саха сирин ото-маһа олус иҥэмтэлээҕинэн биллэр. Ону сэргэ чэй оҥостон иһэргэ арааһа элбэҕэ сөхтөрөр. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбор бэйэм Монголиям чэйин култууратын эмиэ билиһиннэрэбин. Чэй култууратыгар үөрэнэрим миэхэ инникибэр олус туһалаах буоларыгар саарбахтаабаппын.

Даҕатан эттэххэ, АГИКИ устудьуона Оргилбаяр бу оптуорунньукка Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна искусство киинигэр «Крылатый сын степей» диэн ааттаах айар киэһэтигэр бэйэтэ туруорбут монголлуу, кавказтыы, сахалыы уонна аныгылыы тэтимнээх үҥкүүлэрин көрөөччү сөҕө-махтайа көрдө.

Монголия биир тарбахха баттанар удьуор талааннаах ыччата, Монголия норуодунай артыыһын, биллэр композиторын хос сиэнэ Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан чуолаан Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун талан үөрэнэ сылдьара биһигини үөрдэр. «Мин эбэлээх эһэбэр иитиллибитим. Эбэм эдэр сылдьан профессиональнай үҥкүүһүт этэ. Эһэм төрөөбүт куораппар бастакы култуурунай эйгэни олохтообут убаастанар киһи. Хос эһэм биллиилээх композитор, норуодунай артыыс. Онон кыра эрдэхпиттэн култуура эйгэтигэр улааппытым. Билигин идэтийбит үҥкүүһүт буолар сыаллаах үөрэнэ сылдьабын», – диэн нууччалыы ыраастык кэпсиир Оргил. Сахалыы эмиэ билэрин этэр.

 

Чэй туһунан кэпсэппиччэ, Кучу Туйаара кучу уонна моонньоҕон сэбирдэхтэриттэн  оҥоһуллубут чэйин кытта билсиэххэ.

«Айыыһыт Хотун»

Бу чэйи күн аайы иһии күүрүүттэн көмүскүүр, сүрэх–тымыр ыарыыларын сэрэтэргэ көмө буолар. Хагдарыйбыт сэбирдэхтэн бэлэмнэммит чэй ордук минньигэс уонна ураты дыргыл сыттаах буолар. Сылааны аһарар, күүс-уох эбэр, тымыры  ыраастыыр, хаан баттааһынын көннөрөр, утуйар ууну чөлүгэр түһэрэр, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарар.

 

Көөнньөрүү бэрээдэгэ: Хатарыллыбыт чэйи чаанньыкпытыгар кутан баран, итии уунан саба биэрэбит. Ол ууну тутатына төттөрү сүөкүүбүт. Бу кэннэ иккистээн оргуйбутунан итии уунан толорон баран, 10-15 мүн. көөнньөрөбүт.

 

Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...