Евгений Григорьев тус приема буолан ааста
Куорат баһылыгын ахсынньы 23 күнүнээҕи тус приема сир боппуруоһун тула буолла.
Онон Евгений Григорьевы кытта гражданнары кытта Сир сыһыаннаһыыларыгар агентство салайааччыта Сергей Тимошенко, Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департамент куораты тутууга салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Анисимова уонна Быраап департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Яна Маслова көрүстүлэр.
«Утум-Строй+» тутар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ тутуллан иһэн тохтотуллубут дьиэ турар учаастагын туһунан ыйытыыларыгар Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департамент бэрэстэбиитэлэ Мария Анисимова тустаах дьиэҕэ уонна учаастакка сыһыаннаан туох дьайыылар оҥоһуллуохтаахтарын сиһилии быһааран биэрдэ.
Валентина Г. кэргэнигэр 1992 сыллаахха үлэлиир тэрилтэтэ Покровскайдыыр суолга сир учаастага биэрбит. Ыал бу учаастакка дьиэ туттаары гыммыттара, кинилэргэ анаммыт территорияҕа атын учаастак киирбитэ уонна онно номнуо дьон олороро биллибит. Сир сыһыаннаһыыларыгар агентство салайааччыта Сергей Тимошенко быһаарбытынан, чахчы, хас да учаастак үрүт-үрдүгэр оҥоһуллубутунан, Росреестрга сурук ыытыллыбыт. Салгыы туох дьаһал ылыллара бу сурукка хоруйтан тутулуктаах.
Наталья Р. сир боппуруоһунан уонна киин ититиигэ холботуунан баһылык приемугар иккиһин кэлбит. Кини анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа кэргэниниин дьиэ туттубуттара, кэлин биллибитэ, оҥоһуллубатах сир буолан тахсыбыт. Евгений Григорьев бу боппуруоһунан суукка үҥсэргэ, итиэннэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ буолалларынан, босхо учаастак ылар бырааптаахтарын санатта.
Санатар буоллахха, баһылык гражданнары кытта эрдэттэн суруйтарыынан көрсөр. Көрсүһүүгэ суруйтарарга Сурук отделыгар эбэтэр Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаҕа быһаартарыахтаах боппуруоһу сиһилии ыйар уонна инники өттүгэр атын инстанцияларынан туох быһаарыы ылыллыбытын сыһыарар наада. Маны сэргэ тус дааннайдары ыйар ирдэнэр: төлөпүөн нүөмэрэ, электроннай аадырыс.
Сайабылыанньаны ыытар ньымалар:
– yakutsk@sakha.ru Олохтоох дьаһалта официальнай электроннай почтатыгар;
– 40-80-76 төлөпүөнүнэн;
– Дьокуускай к., Ленин проспега, 15 аадырыска тиийэн;
– Сурук отделын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспега, 15, 113 кэб., үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри (эбиэккэ тохтобул – 13:00-14:00 чч.).