Евгений Григорьев Марха 1 №-дээх оскуолатыгар эбии тутууну арыйыыга кыттыыны ылла
«Үөрэҕирии» нацбырайыагынан Дьокуускай куорат Мархатыгар 1 №-дээх оскуола дьиэтигэр эбии тутуу үлэҕэ киирдэ. Аныгылыы саҥа оскуола Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас уонна Марха дьоҕус оройуона төрүттэммитэ 165 сылларыгар сөп түбэспитэ кэрэхсэбиллээх.
Үөрүүлээх күнүнэн мустубут дьону СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, тутуу миниистирэ Виктор Романов, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтилэр.
Анатолий Семенов саҥа тутуу биир симиэнэнэн үөрэнэр кыаҕы биэрэрин таһынан, эбии үөрэхтээһини сайыннарыыга усулуобуйа тэрийэн, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр сүрүн үктэл буоларын бэлиэтээтэ.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Марха олохтоохторо аныгылыы тутуулаах оскуолаҕа хаачыстыбалаах үөрэҕи ылар ыра санаалара олоххо киирбитин, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата саҥа оскуолалары тутууну биир сүрүн сорук оҥосторун тоһоҕолоото.
«Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан биһиги куораппытыгар саҥаттан саҥа аныгылыы үөрэх кыһаларын дьиэлэрэ үлэҕэ киирэллэр. Владимир Владимирович 2024 сыл түмүгүнэн этиитигэр олус суолталаах санааны бэлиэтээбитэ – Арассыыйа бэйэтэ суверенитеттаах буолуохтаах, ол иһигэр үөрэх эйгэтигэр эмиэ. Биһиги оҕолорбутугар талан ылар идэлэрин баһылыылларыгар сөптөөх билиини, үөрэҕи биэриэхтээхпит», – диэтэ Евгений Григорьев.
Тутуу миниистирэ Виктор Романов Саха Өрөспүүбүлүкэтэ быйыл олорор дьиэни, социальнай эбийиэктэри тутууга үрдүк көрдөрүүнү ситиспитин иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Марха 1 №-дээх оскуолатыгар 5700 кв. миэтэрэ иэннээх 3 этээстээх, 326 миэстэлээх эбии тутуу баара-суоҕа тоҕус ыйга тиийбэт кэминэн үлэҕэ киирдэ. Үөрэх кылаастарын сэргэ манна хореография, медицина кабинеттара, библиотека, видеотека, спорт саалата, аактабай саала, мастарыскыай, остолобуой о.д.а. бааллар. Оскурла тиэргэнигэр спордунан дьарыктанар уонна оонньуур балаһааккалар оҥоһуллубуттар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.