Өлүөнэ күргэтигэр тиэрдэр массыына суоллара кэҥэтиллиэхтэрэ
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар Өлүөнэ күргэтин тутуу 2028 сыл бүтүүтэ түмүктэниэҕэ диэн турар.
Манан сибээстээн Дьокуускай куоракка Чернышевскай уулуссатыгар Краснояров уулуссатыттан Покровскайдыыр суолга диэри кэрчик, Михаил Николаев проспега – Чернышевскай – Красильников уулуссаларын быһа охсуһуулара кэҥэтиллиэхтэрэ.
Чернышевскай уулуссатыттан Покровскайдыыр суол ГИБДД поһугар диэри суол эмиэ түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтиллиэҕэ. Владимировка бөһүөлэгиттэн Табаҕаҕа салайыыга диэри суол эмиэ түөрт балаһаланара.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин Өлүөнэ өрүс күргэтин тутууну үбүлээһин болдьоҕун кылгатарга сорудахтаан турар. Аан дойдуга суох баараҕай бырайыак үс федеральнай уонна биэс өрөспүүбүлүкэ таһымнаах массыына суолларын ситимниир аналлааҕын билэбит. Ол түмүгэр Новосибирскай, Красноярскай курдук Сибиир атын даҕаны куораттарыттан таһаҕаһы тиэйиини тыһыынчанан килэмиэтирэнэн кылгатыахтаах. Ону сэргэ сылы эргиччи сырыы табаар сыанатыгар, ороскуот кээмэйигэр үчүгэйинэн дьайара сабаҕалананр.
Өлүөнэ эбэни туоратар күргэ, кытылга массыына киирэр суолун ааҕан, уопсай уһуна – 14, 5 км. Муоста бэйэтин уһуна – 4,6 км. РФ Экономика сайдыытыгар министиэристибэтин эспиэрдэрэ бу муостаны үлэҕэ киллэрии туһата-көдьүүһэ үйэ баараҕай тутуутугар угуллар үбүлээһинтэн 1,6 бүк үрдүк буолуоҕун сабаҕалаабыттара.
Санатар буоллахха, бырайыак быһыытынан икки балаһалаах күргэнэн сууккаҕа 5300 массыына туоруур кыаҕа олохтонуоҕа. Оттон тутуу болдьоҕо 2028 сыл бүтэһигинэн быһыллан турар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.