«Умнас» уонна «Нам» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суоллар учаастактарын тутуу түмүктэннэ
2024 сылга Дьокуускайга дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан «Умнас» уонна «Нам» өрөспүүбүлүкэ суолларыгар икки учаастак өрөмүөнэ түмүктэннэ.
Ол курдук, «Умнас» массыына суолун 11, 8 килэмиэтириттэн 20 килэмиэтиригэр диэри кэрчигин кэҥэтии Өлүөнэ күргэтин тутууну кытта ситимнээх.
Саха сиринээҕи Управтодор иһитиннэрэринэн, үлэ 2022 сылтан саҕаланан баран, былааннаах болдьоҕуттан биир сыл эрдэ түмүктэммит. Саҥа тутуллубут, кэҥэтиллибит 8,2 килэмиэтир усталаах суол оройуон суолталаах магистраль буолбут.
Оҥоһуллубут учаастак икки өттүнэн сатыы дьон сылдьар тротуардаах, онто перилалаах, 12 оптуобус тохтобула, 302 суол бэлиэтэ, 579 уот тирээбилэ, 75 светофор, итиэннэ дьон олорор секторын суол тыаһыттан харыстыыр экраннар оҥоһуллубуттар.
Куорат иккис өттүнэн «Нам» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах массыына суолун кэҥэтии 2021 сыллаахтан саҕаланан, 2022 сыллаахха 11,4 килэмиэтиртэн 18,5 килэмиэтиргэ диэри бастакы түһүмэҕи тутуу түмүктэммитэ. 7,2 килэмиэтир усталаах суол киин куораты «Үс Хатыҥ» этнокомплексы кытта ситимнээбитэ.
2023 сыллаахха тутуу иккис түһүмэҕин быһыытынан 7,9 килэмиэтиртэн 11,4 килэмиэтиргэ диэри учаастак былааннаах болдьоҕуттан биир сыл урутаан үлэҕэ киирбитэ. Түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтиллибит трасса оройуоннааҕы суолталаах магистраль буолбута.
Манна 7 оптуобус тохтобула, 346 суол бэлиэтэ, 271 тирээбил, 66 светофор туруоруллубуттара.
Тутуу сакаасчыттара – «Саха сиринээҕи массыына суолларын управлениета» уонна «Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэлэрэ. Генеральнай бэдэрээтчит – «Дороги Саха» САУо.
Санатар буоаллахха, 2025 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» бырайыагы «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыак салҕыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай куоракка Покровскайдыыр суолу кэҥэтии салҕаныаҕа, ол иһигэр Өлүөнэ күргэтигэр тиэрдэр суоллары оҥоруу саҕаланыаҕа, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.