26.12.2024 | 12:00

Биирдиилээн киһи моҥкуруут буолуута

Биирдиилээн киһи моҥкуруут буолуута
Ааптар: Росреестр Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Ылыллыбыт иэс, биллэн турар, төлөнүөхтээх. Ол эрээри араас төрүөтүнэн иэһи-күүһү кыайан төлөспөт туруктаныы эмиэ баар буолар. Оннук түгэҥҥэ тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар моҥкуруукка бараллар. Ол тэҥэ 2015 сылтан саҕалаан биирдиилээн киһи (физическое лицо) да моҥкуруут буолбутун биллэрэр кыахтаммыта. Ол бэрээдэгэ “Моҥкуруут буолуу туһунан” (“Закон о несостоятельности (банкротстве)” 127 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа эбиллэн биэрбит 10-с баска сиһилии сурулла сылдьар.  
Биирдиилээн киһи моҥкуруут буолуутун, моҥкуруукка барыы хаамыытын туһунан «Киин куорат» хаһыакка анаан Судаарыстыбаннай регистрация, кадастр уонна картография федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Ольга Николаевна Егорова кэпсиир:

Гражданин ханнык түгэннэргэ моҥкуруут буолбутун биллэриэн сөбүй?

Сокуон этэринэн, гражданин иэс ылбыт тэрилтэтигэр мунньубут иэһэ 500 тыһ. солк. тахсыбыт уонна иэһин 3 ый устата кыайан төлөөбөтөх түгэнигэр, “моҥкуруут бардым” диэн сайабылыанньа суруйар эбээһинэстээх.

Оттон өскөтүн гражданин иэһэ 500 тыһ. солк. кыра буоллаҕына, ол иэһин төлүүр кыаҕа суох уонна ыйдааҕы төлөбүрүн төлүүр кыаҕа суоҕун эрдэттэн билбит буоллаҕына, бэйэтин баҕа өттүнэн моҥкуруукка барар туһунан сайабылыанньалаһар бырааптаах.

 

Моҥкуруут буолууну туох быһаарара

Иэстээх киһи моҥкурууттаабытын суутунан быһааттарар гына, сайабылыанньатын Арбитражнай суукка туттарыахтаах. Итинник сайабылыанньаны киниэхэ иэс биэрбит тэрилтэ (кредитор) эбэтэр оннукка боломуочуйалаах Нолуок сулууспата эмиэ туттарыан сөп.

Моҥкуруут буолууну суут быһаарар. Ардыгар сайабылыанньалаһааччы үбүн-харчытын хаттаан көрөргө уураахтыан сөп. Моҥкуруукка барыы чэрчитинэн, иэһи реструктуризациялатыы, хамсаабат хапытаалы атыыга туруоруу уонна эйэлээх сөбүлэҥи  түһэрсии ыытыллыан сөп.

Суут бу гражданин моҥкуруукка барда диэн быһаарыыны ылынна да, иэс бырыһыана ааҕыллара, ыстыраап, пени эбиллиитэ тохтуур.

Моҥкурууттаабыт киһи бириистэптэри, коллектордары кытта алтыһар кыһалҕаттан, “иэскин төлөө” диэн эрийэллэриттэн быыһанар.

 

Баҕа өттүнэн моҥкуруукка барыан баҕалаах киһи туруорсуута оруннааҕын маннык чахчылар туоһулууллар:

— төлүөхтээх иэһэ баар баайыттан-дуолуттан улахан. Аахсар дохуота ыйдааҕы төлөбүрүн нэһиилэ 10 эрэ %-нын сабар.

— үбүгэр, малыгар-салыгар хааччах ууруллубутун, атын атыыланар баайа-дуола суоҕун туһунан ФССП уурааҕа тахсыбыт.

— кирэдьиитин төлүүр кыаҕа суоҕун көрдөрөр докумуоннардаах – бааҥҥа счётуттан выписка, кирэдьиит дуогабара, иэстээҕин туһунан толоруллубут аакта.

Ону тэҥэ иэстээх киһи бу иннинэ иэһин кэмигэр төлөһөн испитэ, иэс ылбыт тэрилтэтин кытта үөскээбит кыһалҕаны кыаҕа тиийэринэн быһаарса сатаабыта учуоттанар.

Иэстээх киһи бэлэми кэтэһэн олорбот, үлэлиир эбэтэр үлэ көрдөнөөччү быһыытынан учуокка турар.

 

Сайабылыанньаны суукка биэрии ньымалара

Моҥкуруукка барааччы сайабылыанньатын олорор сиригэр баар Арбитражнай суут канцеляриятыгар илдьэн туттарыан, почтанан биитэр куйаар ситиминэн «Мой арбитр» диэн тиһиги туттан, ыытыан сөп.

 

Ирдэнэр докумуоннар

Моҥкуруут барбыты туоһулуур суругу ыларга маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

1. Пааспар, ИНН, СНИЛС, ыал буолуу сибидиэтэлистибэтэ уо.д.а.

2. Иэһи салгыы төлөһөр кыаҕа суоҕун көрдөрөр докумуон, бааҥҥа счётуттан выписка, кирэдьиит дуогабара, иэстээҕин туһунан аакта.

3. Баайын-дуолун уонна дохуотун туһунан докумуон: үлэлиир сиртэн 2-НДФЛ ыспыраапка, СФР-тан биэнсийэ, көмө ыларын туһунан ыспыраапка, тус счётуттан выписка, үлэ киниискэтэ.

4. Бүтэһик 3 сылга илии баттаспыт докумуоннара: баайга-дуолга сыһыаннаах докумуоннар, сыаналаах кумааҕылар, устааптаах хапытаалга баар өлүүскэ куоппуйата; атыы-тутуу, бэлэх-туһах, баайы-дуолу солуок ууруу докумуоннарын куоппуйата уо.д.а.

5. Иэһин төлүүр кыаҕа суох буолбутун кэрэһилиир докумуон (баар түгэнигэр: үлэлиир кыаҕа суох буолбутун, инбэлииккэ тахсыбытын туоһулуур ыспыраапка, онтугар үгүс үбэ-харчыта бараммытын туһунан сибидиэнньэ буолуон сөп).

 

Суут моҥкуруутунан билиннэҕинэ...

Суут иэстээх киһи сайабылыанньатын ылынан, гражданины моҥкуруутунан билиннэҕинэ, салгыы туох дьаһал ылылларый? Иэһэ толору сотуллуон сөп дуо?

Суут дьыаланы үөрэтэн көрөн баран, моҥкуруут буолбутун туоһулуурга туох үлэ барарын быһаарар. Иэстээх киһи уонна кредитордар интэриэстэрин көмүскүүр үп салайааччыта ананар.

Суут, балаһыанньаттан көрөн, моҥкуруукка барыы араас түһүмэхтэрин туттуон сөп. Холобур, иэс реструктуризацията диэн баар. Сүрүн сыала – иэстээх уонна кредитор сөбүлэҥ түһэрсэн, үөскээбит кыһалҕаны биир сүбэнэн быһааралларын ситиһии. Онно төлөһүү болдьоҕун уһатыы, бырыһыан ыстаапкатын кыччатыы, иэс сорох чааһын сабарга кэпсэтии киириэн сөп. Иэстээх киһи бу саҥа эбэһээтэлистибэлэри толорон, кирэдьииккэ историятын, үбүн туругун көннөрөр кыахтаах.

Реструктуризация кыаллыбат түгэнигэр, иэстээх киһи ходатайствотыгар олоҕуран, моҥкуруут барбыта билиниллэр. Иэһин сабар туһуттан иэстээх гражданин бас билиитигэр баар баайын-дуолун (холобур, иккис дьиэтин-уотун, сирин, массыынатын, атыыга турар кыахтаах малын-салын) атыыга туруораллар уонна хамнаһын, биэнсийэтин тутан, эмиэ куонкуруснай маассаҕа киллэрэн, иэстэрин суотугар тутталлар.

Үбү салайааччы моҥкурууттаабыт киһи баайын булан, быһааран, описьтаан баран, инвентаризация ыытар, куонкуруска киллэрэр. Аукцион нөҥүө атыыга таһаарар. Атыыттан киирбит харчынан моҥкурууттаабыт киһи иэһэ төлөнөр.

Оттон иэстээх киһи баайа-дуола дьиэ кэргэнин кытта кыттыгас бас билии буоллаҕына, киниэхэ тиксэр өлүүскэтэ атыыланар.

Үһүс көрүҥ суол – иэстээх уонна иэс биэрээччи икки ардыгар эйэлээх сөбүлэҥ түһэрсиитэ. Икки өрүт уопсай быһаарыыга кэлэн, иэс боппуруоһун быһаарсаллар.

 

Туох баар баайа-дуола олоччу атыыланар дуо?

Суох. Моҥкуруукка барыы туһунан сокуоҥҥа ол чопчу этиллэр. Холобур, иэстээх киһи биир эрэ олорор дьиэлээх, оччотугар онтун атыыга таһаарыы бобуллар. Ол дьиэтэ турар уһаайбата эмиэ атыыламмат. Ону тэҥэ ылар социальнай төлөбүрэ, оҕолорун босуобуйата, инбэлиит босуобуйата, алимент төлөбүрэ, ону таһынан хамнаһыттан туһааннаах кэмҥэ олохтоммут тииһинэн олоруу алын кээмэйин саҕа кээмэйэ иэс суотугар тутуллубат.

Иэстээх киһи ончу туох да баайа-дуола суоҕа быһаарылыннаҕына, моҥкурууттаабытынан, иэһэ сотуллар.

 

Суут аккаастыан сөп. Өскөтүн ...

Үп салайааччытынан анаммыт үлэһит тэрилтэлэргэ ыйытык түһэрэн, иэстээх киһи үпкэ туругун сиһилии үөрэтэр. Ол иһигэр моҥкуруукка сайабылыанньалаһааччы кэнники 3 сылга туох сөбүлэҥнэри түһэрсибитин, атыыны-тутууну ыыппытын бэрэбиэркэлиир. Албын-түөкэй быһыы суох түгэнигэр: “Үп-харчы  өттүнэн туруга чахчы мөлтөх, соруйан моҥкурууттуу сатыыр чинчитэ суох”, - диэн түмүк таһааран, “иэһиттэн босхолооҥ” диэн, суукка ходатайство суруйар. Эбэтэр иэстэн босхоломмотун туһунан буолуон сөп. Дьэ, ол кэнниттэн суут быһаарыыта тахсар.

Ити курдук, төлөһөр кыаҕа суоҕуттан моҥкурууттуурга күһэллибит гражданин  иэс хабалатыттан босхолонуон сөп.

 

Моҥкуруукка барыы үтүө-мөкү өрүтэ

Моҥкуруукка барыы дьыалатын оҥорторуу төлөбүрдээх. Үп салайааччытыгар төлөһүү, моҥкурууттуурга ирдэнэр ЕФРСБ саайтыгар, «Коммерсантъ» хаһыакка иһитиннэриини таһаартарыы, юрист өҥөтүн туһаныы – бохсо буолбатах. Ону иэстээх киһи эбэтэр сайабылыанньаласпыт кредитор төлүүр. Ону таһынан:

- өскөтүн гражданин моҥкуруут барбытын кэннэ 5 сыл иһигэр кирэдьиит көрдүүр буоллаҕына, бааны моҥкуруут барбытын туһунан сэрэтэрэ булгуччулаах, ол түмүгэр баан киниэхэ кирэдьиит биэриэ суоҕун сөп. 10 сыл үп-харчы тэрилтэтигэр салайар дуоһунаска анаммат, 5 сыл инвестиция, страховка, биэнсийэ пуондатын тэрилтэлэригэр үлэҕэ ылбаттар, 3 сыл биир да тэрилтэни салайбат.

 

Сокуоҥҥа туох уларыйда?

Ирдэнэр докумуоннар испииһэктэрэ уларыйда. Сорох докумуон биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы тиһик нөҥүө бэриллэр буолла. Госдуума бастакы ааҕыыга ылыммыт сокуонун барыла этэринэн, иэстээх киһи соҕотох дьиэтэ ипотекаҕа ылыллыбыт да буоллаҕына, онто иэс биэрбиттэр туһаларыгар атыыга таһаарыллыбат.

Түмүктээн эттэххэ, моҥкуруукка барабын диэн сайабылыанньалаһыах иннинэ барытын ымпыгар-чымпыгар диэри ыйыталаһан, чопчулаһан баран быһаарынар ордук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...