Саҥа дьылы чэгиэн көрсүөх
Аҕыйах хонугунан 2025 сылы көрсөр үөрүүлээх түгэммит тосхойуо. Бука бары да бу аптаах, бэйэтэ туһунан алыптаах, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, ыра санаа туолуутугар эрэли саҕар, ас эгэлгэтэ тардыллыбыт баай-байылыат остуоллаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын күүтэн эрдэхпит.
Хас биирдии ыал Саҥа дьылга остуол уйарынан таптаабыт аһын бэлэмниир үгэстээх. Дьон үксэ сылы быһа хаһааммыт эбэтэр эрдэ атыылаһыан туттуна сылдьыбыт күндү аһын бырааһынньыктааҕы остуолугар уурарга кыһаллар. Уһун өрөбүллэргэ сынньанар, доҕоттордуун, чугас дьоннуун ыалдьыттаһар, көрсүһэр тоҕоостоох түгэни арай доруобуйа туруга мөлтөөн буортулуон сөп. Ол үксүн туттуммакка сыыһа аһыыртан, эрэсиими кэһииттэн, аһыы утаҕынан аһара үлүһүйүүттэн тахсар. Бу маннык хаарыан кэми ыалдьыбакка, былааны ыспакка атаарарга сөпкө аһыырга аҕыйах сүрүн быраабылалары тутуһуҥ диэн сүбэлииллэр.
Ол курдук, бырааһынньыктааҕы остуол аһа хайаан да сибиэһэй бородуукталартан астанарын болҕойуҥ. Олус элбэх аһы элбэх буолбакка, сөп буоларынан бэлэмнээҥ. Өрөбүл күннэргэ ас астаан түбүгүрүмээри, хас да күн сыһан-соһон аһыырга, салааты тааһынан астыырбыт баар суол.
Биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар доруобуйаны айгыраппат курдук сөпкө аһыыр туһунан үрдүкү категориялаах эндоскопист-быраас, СӨ үтүөлээх бырааһа Владимир Николаевич Федотовтан сүбэлииригэр көрдөстүбүт.
Элбэх ууну иһиэххэ
– Бырааһынньык остуола араас аһынан, деликатеһынан толору буолар. Күн аайы сии үөрүйэҕэ суох аспытын эмискэ элбэхтик сиирбитин эппит-хааммыт ылыныа суоҕун сөп. Маны таһынан күннээҕи нуорматтан таһынан элбэҕи сиэтэххэ, аһы буһарар уорганнарбыт кыайбакка, үлэлэрэ кэһиллэр кутталлаах. Онтон сылтаан гаас үөскээһиниттэн ис үллүөн, кырках көбүөн, үөс туолуон сөп. Манна элбэхтик көннөрү ууну иһэр туһалаах эрэ буолуо. Бастатан туран, ууну истэххэ, “обмен веществ” тэтимэ түргэтиэ. Ону тэҥэ ууну элбэхтик иһэр киһи кыраҕа да топпут курдук буолар. Инньэ гынан сиэри таһынан наһаа аһыыртан туттунар. Гаастаах утаҕы иһэртэн аккаастанар ордук. Маннык утахтар, билэрбит курдук, саахардара олус элбэх. Оттон бырааһынньык остуолугар онто да суох саахардаах ас дэлэй буолар. Аһыы утаҕы иһии кэннэ ыраас уу эмиэ эти-хааны ыраастыырга абыраллаах.
Бырааһынньыгы күүтэн, күнү быһа аччыктаамаҥ
– Саҥа дьылы көрсөөрү түүн оройо буоларын күүтэн аһаабакка олоруу, онтон түүн ортото ис кэлиэр диэри аһааһын хайа да чэгиэн истээх-үөстээх киһи доруобуйатын айгыратыан сөп. Ол кэриэтэ күн устата кыра-кыра аһыы сылдьыбыт ордук. Оттон түүнүн саҥа сылы көрсөргө туттуна аһыахха сөп.
Аһыы утаҕы кээмэйдээн иһиэххэ
– Бэйэҥ да, тулалыыр дьонуҥ да бырааһынньыктааҕы настарыанньаларын алдьаппат курдук, аһыы утаҕы иһиинэн олус үлүһүйбэт ордук. Оттон бырааһынньык онто суох отой табыллыбат буоллаҕына, арыгыны кураанах искэ иһэртэн туттунуохха наада. Арыылаах-сыалаах, эт ас арыгы иҥиитин бытаардаллар. Оттон газировкалаах утахтар эбии итирдэр айылгылаахтар. Маны сэргэ аһыы утаҕы иһиэх иннинэ “активированнай уголь” курдук сорбеннары иһэн, арыгы эккэ-хааҥҥа дьайыытын “чэпчэтиэххэ” сөп.
Оҕуруот аһын, фруктаны хото сиэххэ
– Оҕуруот аһа уонна фрукта минньигэстэрин таһынан, искэ-үөскэ чэпчэки аһылыктарынан биллэллэр. Ол эрээри бу астарбыт хаачыстыбаларын болҕойорбут хайаан да наада. Сибиэһэйэ суох ас туһалыан оннугар буортулуон сөп. Сибиэһэй оҕуруот аһа иҥэмтиэлээх битэмиининэн да, туһалаах ферменнэринэн да ис уоргаҥҥа үчүгэйдик эрэ дьайыа. Аллергията, дьарҕа буолбут ис-үөс ыарыыта суохтар цитрусовай фрукталарынан, С битэмииннэрин хааччыныахтарын сөп.
Саҥа дьыл салааттара – остуол сүрүн астара
Саҥа дьылга үгэс быһыытынан “мясной”, “оливье”, “Селедка под шубой” курдук салааттары дьон үксэ астанар. Бу салааттар, биллэн турар, майонезтаах буолаллар. Манна майонеһы атын, арыыта аҕыйах эбэтэр бэйэ оҥоһуга соуһунан солбуйуохха сөп. Оттон майонеһы остуолга ууруллар порцияҕа эрэ кутар ордук. Хас да хоммут салааты тоҕуоҕу кэрэйэн сиир дьон баар буолар. Маннык гынан ас сыанатынааҕар доруобуйаҕа улахан хоромньуну оҥостоллор. Салаат холодильникка уһаабыта икки эрэ күн харайыллар. Ол кэннэ буортулаах аска кубулуйар. Тохсунньу ыйга астан сүһүрүү төрүөтэ биир үксүн эргэрбит, буорту буолбут аһы сиэһинтэн тахсар.
Хамсаныы – чэгиэн турук төрүтэ
– Өрөбүл күннэргэ сынньалаҥ эрэ диэн тиэрэ түһэн сытартан туттунар ордук. Хамсанан, хааман-сиимэн, күүлэйдээн, үҥкүүлээн ылыы эт-хаан туругун эрэ тупсарбакка, настарыанньаны кытта көтөҕүө.
Ис-үөс ыарыылаахтарга, ас буһарар уорганнара аһааҕырыылаахтарга
– Доруобуйаларын туругунан астан туттунарга, диетаны тутуһарга күһэллэр дьон элбэх. Холобур, саахар диабеттаахтар, үөстэригэр таастаахтар, куртахтарыгар, оһоҕосторугар баастаахтар, ханнык эмэ дьарҕа ыарыылара көбө сылдьааччылар, эпэрээссийэ кэнниттэн чөлүгэр түһэринээччилэр уо.д.а. Маннык ыарыылаахтар диетаны хайаан да тутуһуохтарын наада. Туттуммакка сыыһа аһааһын кэннэ туруктара мөлтөөн өр ыалдьыахтарын, үтүөрэн испит ыарыыны хат көбүтүөхтэрин сөп.
Бырааһынньык иннинэ диеталаабат ордук
– Ырар диетанан ордук кэрэ аҥаардар үлүһүйэллэр. Бырааһынньык, бэлиэ күн чугаһаатаҕына, ыраары, хас да күн аччыктыыр дьон баар. Бу доруобуйаҕа олус охсуулаах. Аччыктаан, ыран, баҕалаах былаачыйаҕа батан баран, ол кэннинээҕи күннэргэ эмискэ элбэҕи аһаан кэбистэхтэринэ, эт-сиин аһара ноҕоруускаланар. Аны туран, аччыктыы сылдьан эмискэ аһааһыҥҥа эт-сиин сыаны хаһаанара күүһүрэр, оччотугар бу иннинээҕи диета олох да туһата суох буолан тахсар. Онон ырарынан үлүһүйүү эмиэ кээмэйдээх, аҥаардас аччыктааһынтан эрэ турар буолуо суохтаах.
Сөпкө аһыахха
– Эт аһы оҕуруот аһын кытта сиир ордук. Итии аһылык кэннэ тута тымныыны сииртэн туттунуҥ. Куртах бопторуон (спазм), аһы ситэ буһарыа суоҕун сөп. Көннөрү аһыыргытынааҕар элбэҕи аһыыр түгэҥҥэ, ас буһарар ферменнэри (“Мезим”, “Панкреатин”) көмөлөһүннэриэххэ эмиэ сөп.
Уопсайынан, биир бырааһынньыктааҕы остуол өр кэмҥэ доруобуйаны айгыраппатын курдук, аһылыккытыгар болҕомтолоох буолуҥ. Кэлэр сылы бука бары үөрэ-көтө, чэгиэн көрсүҥ, доруобай буолуҥ, чөл сылдьыҥ!
Хаартыска В.Н. Федотов тус архыыбыттан