21.12.2024 | 12:00

Хотой кырыыhа

Хотой кырыыhа
Ааптар: Айсана
Бөлөххө киир

Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.

Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки көтөн күпсүйбүтэ.

Ууну-уоту ортотунан ааhан, бэрт өр көрдөөн, ыран-быстан, этэҥҥэ көрдөөбүт сирин дьэ булла быhылаах…

Yрдүк халлаан өрөҕөтүттэн анааран көрдөҕүнэ, алаата, оҕолоор, тоҕо бэрдэй!

Киэҥэ-куоҥа, салгына ырааhа, чуумпута-наскыта… Улаҕата биллибэт халыҥ тайҕата күндү түүлээҕинэн, араас кыылынан-сүөлүнэн, үүнээйитинэн, үөнүнэн-көйүүрүнэн, ырыаhыт чыычааҕынан толорута, кырылыы устар ыраас уулаах үрэхтэрэ-өрүстэрэ, күөллэрэ-чүөмпэлэрэ көмүс хатырыктааҕынан, баҕатынан-чохутунан аhара барбыта, өлөрсүүнэн-өhөрсүүнэн иирбит икки атахтааҕа аҕыйаҕа – тыынар-тыыннаах эрэ барыта олохсуйарыгар, төрүүрүгэр-ууhууругар анаммыт дойду эбит, доҕоттоор!

Ордук бу, халлааҥҥа харбаспыт үрдүк харыйалардаах, эрийэ-буруйа сүүрэр түргэн сүүрүктээх, сырдык уулаах үрэхтээх түҥкэтэх түөлбэ, сүрэҕин ортотунан киирдэ. Манна киhи-сүөhү суоҕун кэриэтэ. Хаhан эмит, буор сыбахтаах кыракый балаҕаҥҥа бүкпүт балыксыт оҕонньор үрэххэ киирэн, илимиттэн балык арааhын хоторор. Онтун ый баhыгар-атаҕар туос тымтайыгар сүгэн дэриэбинэҕэ киллэрэн, дьонугар-сэргэтигэр түҥэтэр. Онно өр буолбат, чэй-табах, бурдук оҕото булунан баран, ыыспатыгар  төннөн кэлэр.

Соҕотоххо ханыы, доҕор буолуохха диэн, Хотой кыыл бэрт өр чуҥнаан баран, оҕонньор илимин үтэр үрэҕин тоҕойугар үүммүт саамай үрдук харыйаҕа модун кынаттарын сараппытынан көтөн кэлэн, сахсас гына олоро биэрдэ, таныытын чардырҕатан, кини бэйэлээх кэлбитин биллэрдэ.

Уу-чуумпуга илимиттэн балыгын араара олорбут оҕонньор, күтүр улахан көтөр кыыл төбөтүн оройун үрдүнэн баараҕай кынаттарынан сири-сибиири сабардаан, биирдэ баар буола түспүтүттэн соhуйан, тыытын дуомун түҥнэрэ сыста, куhаҕан саҥаны таhаарда:

– Бачах-татат! hуу, бу туох үлүгэрэй? – нэhиилэ тыын ылан, тыытын көннөрөн, чарапчыланан өрө көрөн, кэлбит ыалдьыты одууласта.

– Аат-татай! Бу күтүр тоҕо миигин буулаата?! Киэр! Арах! Киэр буол! Көстүмэ! – диэн үргүтээри, суос бэринэн, баргыытаан хаhыытаата, илиитинэн далбаатанна.

Тоҕо эрэ, Тойон кыылы ытыктыахтаах, кэлбит ыалдьыты күндүлүөхтээх өбүгэтин үгэһин умунна: булдуттан-алдыттан, сириттэн-уотуттан көҥөннө.

Тойон кыыл, тойон тойон курдук, сүр баттаппата, үргүбэтэ, толлубата. Оӄонньору сытыы хараҕынан утары көрдө, «балыккыттан күндүлээ» диэн чардырҕаан соруйда, харыйаттан түһэн, утары хааман түөрэхтэнэн кэллэ.

– Куһаҕан тыын! Арааската эн миигин куһаҕаҥҥа буулаатыҥ! Төрүөхпүттэн ордууламмыт бэйэлээтэр бэйэм Оҕуй бараан дойдубуттан тэскилэтээри суоһурҕанныҥ быһыыта! Тыын-тыыҥҥа, хаан-хааҥҥа! Арах! Арах! – оҕонньор тыытын түгэҕиттэн субуйааҥкы саатын сулбу тардан, Хотой кыылы туһаайан ытан хабылыннарда.

Итини эрэ күүппэтэх көтөр барахсан хараҕа хараҥара түстэ, тыына-быара хаайтарда:

– Сорбуун! Оҕолорбун-урууларбын өрүһүйэр, быыһыыр-абырыыр аналлаах үтүө дойдуну буллум диэбитим, хара санаалаах икки атахтаах манна да баар эбит!

Абатыын! Көмүс чыычаахтарым, хотун кэргэним, эрэммит-түгэммит бииһим ууһа имири эстэр, суорума суолланыах быалара буоллаҕа?!

Хара дьайдаах улуу күтүр! Таҥнары саргылан, умса түөрэхтэн! Сэттэ үйэ тухары мин кырыыһым эн аймах-билэ дьоҥҥун ситэн сиэтин! Кырыыс! Кырыыс! Кырыыс!

Өһөн эрэр хараҕын оҕонньортон араарбакка, утары үнүөхтээтэ. Саа тыаһа иккиһин сатараата. Хотой барахсан эмискэ хараҥаҕа умуста…

Иннин-кэннин баардылаабат, үтүөҕэ-үгэскэ хараҕа сабыллыбыт урааҥхай баҕайы тыытын кытылга тиксиһиннэрдэ. Биэрэккэ харбыалаһан тахсан, суоһарбыт кыылын аттыгар кэллэ. Манна да аньыыны оҥордум диэн сүрэҕэ көппөтө, сыыһаны гынным диэн сүһүөҕэ хамсаабата.

– Сараһын! Умса түстүҥ ээ! – диэт хамсаабат буолбут кыылы ылан, олорбут харыйатын мутугар илдьэн таҥнары ыйаан кэбистэ, тугу эрэ үчүгэйи оҥорбуттуу, астынан, ытыһын суураланна. Тойон кыылы суулларан, улуутук сананна, үрдүктүк тутунна. Кыра ычалаах, убаҕас мэйиилээх буоларын хаттаан тоһоҕолоото. Тойон кыылы ытыктаан сиэри-туому тутуһан харайбата, аньыытын-харатын боруостаан, аат ааттаан бырастыы гынарыгар көрдөспөтө…

* * *

Нина аанньа утуйбата.  Ыалларын ыта, отой дьахтар ытаан суланарын курдук, түүнү быһа улуйан, уутун уйгуурдан, өрө мөхсө хонно.

Инньэ гынан сарсыарда ыбыс-ыарахан төбөлөөх тоҕус сорунан хойутаан турда. Суунан-тараанан, тэлэбиисэрин холбоон, чэйин сыпсырыйбыта буола-буола, «Сонуннарын» көрө олордо. Эмискэ аттыгар киһи күлүгэ барыс гыммытыгар, соһуйан чааскытын ыһыкта сыста.

– һук, Аана, хата, киһини соһуттуҥ! Киир, аас, көххө чэйдэ иһис, – диэн, өмүттүбүтэ ааһан, эбии чааскы ылан чэй куппутунан барда…

Ыалын, Аана эмээхсини, истибэтигэр «Түүлээх уллуҥах» диэн ааттыыр. Олох тыаһа-ууһа суох сыбдыйан биирдэ баар буола түһэр, кэлбитин курдук саҥара олорон эмискэ сүтэн хаалар идэлээҕин иһин.

Аанаҥ, хата, илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьар. Сугун барыанньалаах киирбит. Төһө да бытаан буоллар, барыны бары ким хайа иннинэ бүтэрбитэ-оһорбута, билбитэ-көрбүтэ эрэ баар буолар.

– Хайаа, Аана, сугуну бүтэрбиккин дии! Сорох быйыл тыаны өҥөйөн көрө илик. Олор, кэпсээ. Ону-маны түһээн, ыт улуйарын иһиллээн, аанньа утуйбакка хойутаан турдум, – Нина сугун барыанньатын иһиккэ кута-кута, күө-дьаа кэпсээни саҕалаата.

Аана, үгэһинэн, остуол биир өттүгэр чөм түһэн, чөкөллөн олордо. Уоһун үмүрүччү туттан чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа Нинаны өрө мыҥаата. Ити эмиэ кини идэтэ. Саҥата суох мылайан истэн олорооччу, онтон нэһиилэ сыыбырҕаан саҥа таһаарааччы уонна тохтооччута суох. Билигин эмиэ, кэтэтэн-манатан баран:

– Буолумуна! Куһаҕаны биттэннэҕэ! Эйиэхэ илдьит этэ киирдим. Чэйдээт, хонтуораҕа тиийиэҥ үһү.

– Тыый! Ол туох буолла?

– Оҕолор ууга былдьаммыттар… Дьэ, алдьархай диэтэҕиҥ…

– Кимнээх?!

– Ыалыҥ балтылара. Били Дьокуускайтан кэлэ сылдьар кыыс уонна сиэстэрэ Өрүүнэ уола Диимискэ…

– Оо, бу иэдээни –ии… Өрүүнэ барахсан иэдэйэр буо…

– Иэдэйэн… Муҥар, дьиэлэригэр суохтар үһү. Өрүүнэ били хаһан да дойдулаабат бэйэтэ уоппускатыгар дьоммун көрбөтөҕүм ыраатта диэн Лиэнискэйдээбит. Аҕалара ону илдьэ таарыйа дьиэ маһын тиэйэн кэлиэм диэн барсыбыт.

– Төннөөхтүүллэр буоллаҕа…

– Төннөн… Кыыс барахсан дьонун эмиэ ыҥыртарбыттар үһү. Эйигин ити хонтуораҕа кэлэн венок онорсуо этэ диэтилэр…

– Барыа-ан – баран… Диимискэ барахсан миэхэ детсадка сылдьаахтаабыта. Улаатан киһи киһитэ буолан эрэр диэн сэмээр үөрэ саныырым. Ити буолан хаалаахтаатаҕа…– Нина эбии чэй куттаары оһоҕор эргилиннэ. Чааскытын тутан төттөрү хайыспыта – Ааната мэлигир. Кураанахтаммыт чааскытын бүлүүһэтигэр умса уурбут уонна киирбитин курдук тыаһа суох сүтэн хаалбыт. «Ханна барда?» – диэн түннүгүнэн өҥөйбүтэ, олбуор аанын диэки аҕыйахтык көхсүтэ эрэ элэҥнээн хаалла.

Нина саҥата суох олорбохтоото, онтон сымсатык ойон турда:

– Уу, олорон хаалаары гынным… Иһити сайҕыы охсоот, хонтуоралыахха… Сатана ыта ол иһин улуйбут эбит буолбаат! Буолар да эбит.

Иһитин-хомуоһун үмүрү тутаат, тулламай саппыкытын сиирэ-халты анньынаат, хонтуора диэки тэбиннэ…

Хонтуораҕа уонча дьахтар мустубут. Бары саҥата-иҥэтэ суох остуол тула олорон, эрдэ бэлэмнэммит харыйа лабааларынан венок өрөн саҕалаатылар.

Ибир-сибир буолбут түбэлтэни тоокколоһон бардылар. Оҕолор барахсаттар сөтүөлүү сылдьан былдьаммыттар. Икки кыыс ууга түһэн аймалҕан буолбутугар, Диимискэ киирэн бастакы кыыһы таһаарбыт, иккистээн киирбитин уолуйа куттаммыт кыыс саба баттаан кээһээхтээбит…

– Олох амтанын билээхтээбэккэ бараахтаатылар барахсаттар… Эдэрдэрэ бөҕө… Олох тыйыһын! Диимискэ аҕата эмиэ ууга түһэн суох буолбута дии…

– Оннук! Диимискэ – бүтэһик Күөгэлэп этэ буоллаҕа. Ити хос эһэлэрин аньыыта-харата таайан… – баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут саамай кырдьаҕастара Сөдүөрэ саҥа таһаарда.

– Туох даа?!

– Өрүүнэ барахсан итини сэрэйэн уолун араспаанньатын уларыттара сатаахтаабыт эбит, иккистээн кэргэннэнэн баран… Ону ити аҕатын эдьиийдэрэ соҕотох Күөгэлэби суох оҥороҕун диэн түнэйдээн уларыттарбатахтара…… Күөгэлэптэр бүттүлэр… Бары биир дьылҕаланнылар...

– Хайдах ол?

– Бары, бары... ууга суорума суолланнылар…Хос эһэлэрэ, эһэлэрэ, Диимискэ аҕатын Куола бииргэ төрөөбүт убайдара Уйбаан, Мэхээлэ… Уонна ити Диимискэ…

– Эчи ынырыгын! Туох ааттааҕы ол хос эһэлэрэ гыммытый?

– Тугу да долоҕойугар тохтоппот, уһуну-киэҥи толкуйдаабат, иннин-кэннин барыарбат бүтэй күтүр этэ. Мин Борокуоппайым ол сайын сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн кэлээхтээбитэ. Хантан кэлэн хаалбыта буолла, кини ыырыгар Тойон кыыл кэлбитин ытыктаан айах тутан көрсүөхтээҕин, күтүр күтүрэ өтөн, балыгыттан көҥөнөн, ытан кэбиспит. Онно үтэһэтэ туолбакка, кини аҕай буолан: «Өссө куһаҕан баҕайытык кыланардаах баҕастаах», – диэн чабыланардаах үһү. Улуу кыыл улуу кыыл курдук мээнэҕэ саҥа таһаарбатах буолуохтаах. Туох барыта сэттээх-сэлээннээх… Ол күһүн тыыта түҥнэстэн, илимигэр иилистэн сытарын булбуттара…

– Киһи куйахата күүрүөх! Ол биир киһи аньыыта-харата бүтүн аймаҕы эһэрэ…

– Дьэ оннук. Икки атахтаахха бу орто дойдуга бэрт кылгас кэрчик бэриллэр.  Дьэ ону киһилии сүгүн олорбокко, бу сиргэ букатын кэлбит курдук дьүһүлэнэбит ээ… – Сөдүөрэ, абарбыттыы, тутан олорбут харыйатын лабаатын күүскэ эрийэ тутта.

– Онтон ону хайдах да көннөрүллүбэт дуу? – саамай эдэрдэрэ Настенька эмээхсин диэки быыһатыах-абыратыах курдук уу-хаар баспыт хараҕынан көрдө.

– Аны кэлэн туох көнүөй? Туох да көмөлөһөөхтөөбөт буоллаҕа-аа…Саха аймах сайыннаҕа аатыран өбүгэ үтүө үгэстэрин умунна-аа… Ону сөргүтэр да киһи хаалаахтаабата быһыылаах, – Сөдүөрэ дириҥник үөһэ тыынна…

Дьахталлар бары саҥата суох үлэлэригэр умса түстүлэр…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...