Элбэх оҕолоохторго Бүлүүлүүр суол 16 км 960-тан тахса учаастагы тыырыахтара
Евгений Григорьев алтынньы 8 күнүгэр Бүлүү суолугар элбэх оҕолоохторго сир учаастагын биэрии хаамыытын хонтуруоллаата.
«Cир сыһыаннаһыыларыгар агентство» МХТ салайааччыта Сергей Тимошенко иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүүлүүр суол 16 км уопсайа 176 га иэннээх 964 учаастак оҥоһуллубут (биир учаастак иэнэ 770 кв. м кэриҥэ).
Кэнэҕэһин манна оскуола, оҕо саада, маҕаһыын о.д.а. курдук бастакы уочарат суолталаах социальнай эбийиэктэри тутар былаан баар.
Ити курдук, элбэх оҕолоохторго Бүлүүлүүр суол 16 км уонна Намцыр 8 км 1978 учаастагы оҥорор сорук турар.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, куорат социальнай инфраструктуратын сайыннарыыга элбэх оҕолоохторго табыгастаах усулуобуйаны тэрийии дьоһун хардыынан буолар.
Баһылык эбэн эппитинэн, Бүлүү суолун 16 км суол тутарга, инженернэй ситимнэри тардарга анаан солооһун ыытыллыбыт.
«Бу сыл бүтүөр диэри манна уочаратынан сири үллэриини былаанныыбыт. Онуоха бастаан суолун, салгыы электричество уотун хааччыйыахтаахпыт. Ол кэннэ Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытта гаастааһын боппуруоһун быһаарыахпыт», - диэтэ Евгений Григорьев.
Санатар буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоохторго босхо сир учаастагын аныыр сокуон үлэлиэҕиттэн Дьокуускай куорат Хатас, Табаҕа, Киллэм, Маҕан, Тулагы, Сыырдаах нэһилиэктэригэр, «Севернай» кыбаарталга, Птицефабрикаҕа 3 448 учаастак оҥоһулунна, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.