05.10.2024 | 14:00

Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп

Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Ааптар: Марианна НАУМОВА
Бөлөххө киир

2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.

Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да барбаккын. Ирина Елизарованы, норуот элбэх иэйиилээх ырыа ааптарын, 90-с сыллардаахтан саха эстрадатын чаҕылхай сулуhун, талааннаах ырыаhыт быһыытынан билэр даҕаны, билинэр даҕаны. Онтон кыhамньылаах истиҥ доҕор, амарах ийэ быhыытынан олох аҕыйах дьон билэр буолуохтаах. Мин дьүөгэм Ира олоҕун ити өттүн дьоҥҥо-сэргэҕэ, истээччилэригэр, сүгүрүйээччилэригэр сырдатыахпын ол күнтэн күүскэ баҕарар буолбутум.

Кэскил бөһүөлэгэр Галина Нельбисова «Ураты. Ирина Елизарова» кинигэ презентацията. Тураллар: Уола Рудольф, Марианна Наумова; олороллор: «Кыым» хаһыат суруналыыһа Саргылана Багынанова, Ирина Елизарова учуутала Ольга Степановна Охлопкова. 2024 сыл, кулун тутар ый 

Туох барыта кыраттан саҕаланар, ылсыахха, дьулуһуохха, бастакы хардыыны оҥоруохха эрэ наада. Ыар сүтүктэммит күммүттэн саҕалаан кини сырдык аатын үйэтитиигэ тугу эрэ гыннахпына сатанар диэн санаа үүйэ-хаайа туппутугар доҕотторбут көмөлөрүнэн Ирабыт төрөөбүт-үөскээбит дойдутун Томпо Кэскил бөһүөлэгин библиотекатыгар оҕо уонна улахан киһи кинигэлэрин, оскуола саастаах оҕолорго аныгы мас оонньуулары бэлэхтээбиппит. Хас биирдии оонньуу, кинигэ Ирабыт туһунан истиҥ тыллардаах уонна доҕотторун, сүгүрүйээччилэрин ааттарыттан диэн анал суруктаах гына бэлэмнээбиппит. Биир дойдулаахтара, чуолаан үүнэр көлүөнэ, дойдутун ыччата Ирабыт туһунан билиэх тустаахтарын өйдөөн турар. Ити биһиги дьүөгэбит, норуот тапталлаах ырыаһыта Ирина Елизарова аатын үйэтитиигэ бастакы хардыы этэ.

Былырыын, 2023 сыллаахха, оҕо сааһын доҕотторун, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин, биир дойдулаахтарын, кэллиэгэлэрин ахтыыларын, урукку интервьюларын, бэйэтэ күннүккэ тиспит суруйууларын хомуйаммын, суруйааччы, суруналыыс Галина Нельбисова ааптардаах «Ураты. Ирина Елизарова» диэн кинигэ күн сирин көрбүтэ. Хас биирдии ахтыыга Ирабыт хайдах курдук чараас, уйан дууhалааҕын, дьоҥҥо ыраастык, истиҥник сыhыаннаhарын, оҕотугар, соҕотох уолугар эрэлин суруйбуттара…

Сквер пааматынньыгын эскииһэ (боруонса, гранит)

2022 сыл муус устар ыйыттан Ирина Елизарова курдук үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһар чаҕылхай сулус курдук ырыаһыкка пааматынньык туруорар туһунан толкуйдааммын, Сергей Лукин диэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр скульпторга, архитекторга санаабытын этэн, сакаас оҥорбуппут. Сергей Николаевич биллэр үлэлэриттэн аҕыннахха, 2014 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Александр Самсонов-Айыы Уолугар аналлаах пааматынньык, Аммаҕа ыччат скверигэр «Сардаана» диэн скульптурнай композиция уонна да атыттар бааллар.

Ирина Елизароваҕа аналлаах пааматынньыктаах сквер биһиги санаабытынан кини дьон-норуот билиниитин ылбыт, эдэр сааһын чаҕылхай, дьоллоох кэмнэрэ ааспыт, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ ыччата тоҕуоруһар куоратыгар Дьокуускайга туруохтааҕын өйдөөн, хас да сиргэ учаастак көрдөөн, туһааннаах структураларга суруйтаабыт суруктарбытыгар, ол иһигэр инженернэй коммуникациялар ааһалларынан аккаас кэлбититтэн хомойон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Николаевка суруйарга быһаарыммыппыт. Сотору кэминэн муниципальнай сири бас билэр тэрилтэ «кэлэ сылдьаар, көрүөхпүт, көрдүөхпүт» диэн хоруйдаан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Сайын аайы Ира төрөөбүт күнүгэр дойдутугар Томпоҕо барар үгэстээхпин. Быйыл айанныам эрэ иннинээҕи күн «кэлэ сырыт, сир ыларгар дьаһал таҕыста» диэн биллэрэн үөрдүбүттэрэ. Биир дойдулаахтарыгар оннук наһаа үчүгэй, үтүө сонуннаах тиийбитим.

Ира Томпоҕо олорор дьонун, доҕотторун, аймахтарын кытта олус истиҥ сыһыаннаахпыт. Билсэбит, куруутун бырааһынньыктарынан эҕэрдэлэһэбит, бэйэ-бэйэбитигэр наар күүс-көмө, өйөбүл буолабыт. Күндүтүк саныыр киһитигэр – учууталыгар Ольга Степановнаҕа хайаан да сылдьан ыалдьыттааччыбын. Ираны санаан, урукку кэнсиэртэрин дискаларын көрөөччүбүт, инникигэ былааннарбытын үллэстээччибит. 

Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатыгар Ирина Елизарова аатынан сквер тутуллар миэстэтэ

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка пааматынньыктаах сквери туттараары, бүддьүөттэн үбүлээһиҥҥэ кыттар «Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама» күрэҕэр кыттан эрэбит. Сайаапка биэрэргэ докумуон хомуйсуутугар сылдьабыт. Бассаап ситимигэр Ира доҕотторун, аймахтарын, биир дойдулаахтарын кытта пааматынньык боппуруостарын быһаарсар, санаабытын үллэстэр, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолар бөлөхтөөхпүт.

Сквер сирэ киин куорат Лермонтов уулуссатыгар бэрилиннэ. Билиҥҥи туругунан көрүүтэ-истиитэ суох сир. Ортотугар кулуумбалаах, аҕыйах эргэрбит ыскамыайкалаах. Аттынааҕы дьиэ олохтоохторо этэллэринэн, уота-күөһэ суох, хараҥа соҕус сир буолан, ускул-тэскил сылдьар дьон мустар түгэннэрэ да баар эбит. Биһиги туттараары гынар сквербит бырайыагынан сырдатар банаардардаах, олорор сирдэрдээх, хачыаллардаах, сибэкки, от-мас олордуллар кулуумбалардаах буолар. Ону таһынан хас ыскамыайка аайы куйаар-куодунан киирэн Ирина ырыаларын, килииптэрин көрүөххэ-истиэххэ сөп буолуоҕа.

Ирабыт эдэркээн сылдьан ыраах Томпо сириттэн кэлэн аата ааттанар, биллэр-көстөр, норуот тапталын ылар ырыаһыт буоларыгар ырыа алыптаах эйгэтин аспыт тапталлаах Дьокуускай куоратыгар пааматынньык турара кэрэхсэбиллээх.  

Сотору кэминэн куоластааһын арыллыаҕа. Ирина ырыатын сөбүлээн истээччилэр, сүгүрүйээччилэрэ, доҕотторо, биир дойдулаахтара көмө буолуохтара, өйүөхтэрэ диэн эрэллээхпин. Ирина аатынан сквергэ сибэкки кэрэтэ олордуллубута, от-мас арааһа, кыра-улахан дьон сынньана, күүлэйдии сылдьаллара харахпар көстөр.

Баҕа санаабыт хайаан да туолуо диэн бигэ эрэллээхпит.

 

">Ирина Елизарова бастакы клибэ. «Маҥнайгы тапталым»

 

">«Саха» НКИХ устуутугар кэнсиэр

 

Хаартыскалар: Ааптар архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...