Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.
Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн олорон истэҕин аайы хас биирдии түгэни ырытан, ырыҥалаан көрөр буолар. Арааһа, ол кэмим кэлбитинэн буолуон сөп, билигин хас саастаахпар диирим уустук, ити ырыа тылын, матыыбын ким суруйбута миигин интэриэһиргэппитэ. Уонна субу-субу кэлэн түһэр ардахтарга бэйэм да билбэппинэн ити ырыаны ыллыыр буолбут этим. Мин эрэ буолуо дуо, саха киһитэ үксэ ыллыыр буолуохтаах.
Оттон былырыыҥҥыттан сананан, ити ырыа матыыбын ааптарын, биир дойдулааҕым Светлана Петрова айар үлэтин, дьылҕатын туһунан истээри, бииргэ төрөөбүт эдьиийиниин, Дьокуускай куорат олохтооҕо Людмила Степановалыын кэпсэттим.
– Людмила Дмитриевна, дьыл бу кэмэ кимиэхэ эрэ айар кут абылаҥын уһугуннарара, кимиэхэ эрэ, ааспыты санатан, ыараханнык дьайара саарбаҕа суох. Норуот тапталын ылбыт, уостан түспэт ырыа ааптара бииргэ төрөөбүт балтыҥ Светлана Петрова туһунан ааҕааччыларга сырдатан, ахтан аас эрэ.
– Саха дьонун кутун туппут олус табыллыбыт матыыптаах ырыалар ааптардара Петровтар дьиэ кэргэттэригэр 1952 сыллаахха ахсынньы 9 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар Бороҕоҥҥо бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Аҕабыт Дмитрий Григорьевич милииссийэҕэ үлэлиирэ. Тааттаҕа олохсуйуохпутуттан, НКВД-тан саҕалаан, милииссийэ начаалынньыгынан, биэнсийэҕэ тахсан баран Мясомолпромҥа дириэктэринэн үлэлээбитэ. Ийэбит Степанида Спиридоновна Филатова сэрии кэмиттэн маҕаһыыҥҥа атыыһыттаабыта. Света төрүөҕүттэн төрөппүт, бииргэ төрөөбүттэр тапталларыгар уйдаран улааппыта. Уйаҕас, элэккэй майгылааҕа. Ол иһин дьону бэйэтигэр тардар, сөбүлэтэр туспа күүстээҕэ. Айылҕаттан ырыа куттаах, муусукаҕа тардыһыылаах төрөөбүтэ оҕо сааһыттан биллибитэ. Эдьиийэ Лида муусука оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ону Света, ис-иһиттэн баҕарарын, муусуката суох сатаныа суоҕун иһин, эдьиийин оннугар кини үөрэммитэ. Төһө даҕаны дьоммут сөп курдук хамнастаахтарын иһин, элбэх оҕону көрүү-истии уонна оччоттон баччаҕа диэри муусука оскуолата төлөбүрдээҕэ атахтаабыта. Балтыбыт бэйэтин эйгэтигэр киирэн, олус сөбүлээн, фортепиано уонна байаан кылаастарыгар тэҥинэн үөрэммитэ. Ону тэҥэ саксофоҥҥа, гитараҕа оонньуура. Аны салайар, тэрийэр дьоҕура сөхтөрөрө. Кылааһын оҕолорун кини түмэрэ. Оскуолаҕа кинитэ суох баскетбол, волейбол ыытыллыбата. Мэлдьи кедатын, спортивнай форматын илдьэ сылдьара.
Онус кылааска үөрэнэригэр норуодунай тыйаатыр сыанатыгар аан бастаан турбут "Сир симэҕэ" балекка Света сүрүн оруолу үҥкүүлээбитэ. Онон оҕо сааһа былыта суох халлааҥҥа өрүү күн тыгарын курдук дьоллоохтук, ыраастык ааспыта.
– Оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киирэр...
– Света медик буолар баҕалааҕа. Баҕа санаатын толорон медицинскэй факультекка туттарсан киирбитэ. Үөрэххэ баҕа диэн кыра, баҕаны олоххо киллэрии баар ээ. Уонна оттон медик үөрэҕэ ыарахан, уустук. Күннээҕи үөрэҕи таһынан хойукка диэри анатомкаҕа үөрэнэллэрэ. Ол барыта мунньуллан, оҕо сааска биллэрбэтэх ыарыыта баарын биллэрэн, сүрэҕин ыгыта кууспахтыыра чаастатыйбыта. Күүстээх санаа, олоххо тардыһыы көмөлөрүнэн балтыбыт 1975 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетын бүтэрбитэ. Атырдьах ыйыгар аһы буһарар уорганнар ыарыыларын үөрэтэр научнай-чинчийэр лабораторияҕа үлэлии киирбитэ. Ити ыарыыга хас даҕаны научнай ыстатыйалаах.
– Ыччат сааска айар айылҕата өссө күүһүрэн биэрдэҕэ...
– Балтыбыт дэгиттэр сайдыылааҕа. Этэргэ дылы барытын тэҥҥэ тутан кэбэҕэстик оҥороро. Бастакы матыыбын өссө 1968 с., оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, дьүөгэтэ Галя Слепцова “Учууталга” хоһоонугар суруйан турар. Устудьуоннуур сылларыгар биллиилээх мелодист Виталий Андросовтыын билсэр. Үөрэх быыһыгар иэйиитэ аргыс буолан, Анна Григорьева "Күөх түүл", Саргылаана Гольдерова- Саргы куо "Ардахха санаа", Моисей Ефимов "Сулустар вальстара" хоһоонноругар үйэлээх ырыалары айар. Устудьуоннар уостарыттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыалара тарҕанан, хас биирдии саха киһитин сөбүлүүр, өлбөт-сүппэт тыыннаах кэм кэрэһиттэрэ буола тарҕаналлар.
– Хас ырыа матыыбын айбыта буолуой?
– Балтыбыт дьон кутун туппут мелодист буола үүммүтэ. Кылгас олоҕор барыта биэс уонча ырыаны матыыптаан хаалларбыта. Аҥаардас норуот бэйиэтэ Моисей Ефимов тылларыгар уон биэс ырыалаах.
– "Ардахха санаа" ырыаҕа тохтуохха. Бу ырыа тылларын ааптара Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо Светлананы “таптыыр сүрэх ырыаһыта” диэн ааттыыр. Уонна хоһооммун ырыа гынан көтүппүт киһибиниин дьылҕам көрүһүннэрэн турар диэн махтанар.
– Мелодист, хоһоону ааҕаат, “бу миэнэ” диэн быһаарар буолуохтаах дии саныыбын. Онно эбии хоһоон иэйиилээхтик суруллуута, дьыл кэмигэр сөп түбэһиитэ быһаарар оруоллааҕа саарбаҕа суох. Ити ырыаны суруйарыгар быйылгы курдук ардах тохтообокко түспүтэ.
– Ол аата ырыалара тус олоҕун кэпсииллэр дуо?
– Иэйии туруккуттан айыллар ыйаахтаах. Санаабар, ырыалара бары кини олоҕун кэпсиир курдуктар. Холобура, Александра Григорьева-Сандаарыйа "Күөх түүл" хоһоонугар ырыата олоҕун биир саамай уустук, таптыыр киһитэ “кэргэн таҕыс” диэбитигэр ыалдьарыттан аккаастаабыт кэмигэр айыллыбыта. Оттон “Ардахха санаа” ырыа – таһырдьа кыайан тахсыбат буолбут кэмэ этэ. Онон кини санаата, оччотооҕу ис туругун охсуһуута ити ырыаларынан кэпсэнэр.
– Өлүөр сылдьыбыта буоллар...
– Тапталлаах балтыбыт эдэркээн сааһыгар олохтон туораабыта. Төһөлөөх иэйиилээх матыыптар айыллыахтара, муусука айааччы, муусукаан буолар баҕа санаатын ситэн толоруо хааллаҕа... Светабыт 1978 с. Москваҕа сүрэҕэр эпэрээссийэҕэ барбыта, ол эрээри Дьылҕа хаан сөбүлэҥ биэрбэккэ, төннөргө күһэллибитэ. Ыарыыта туругу ыһан, тулуппакка, бэргээн, иккистээн 1982 с. Вильнюс куоракка эпэрээссийэлэнэ барбыта. Ол эрээри... наркозтан уһуктубатаҕа.
– Талааннаах ырыа айааччы кылгас, ол эрээри чаҕылхай олоҕо ырыаларынан салҕанар, үйэтитиллэр...
– Айылҕаттан айдарыылаах мелодист Светлана Петрова ырыаларын хас да көлүөнэ дьон уоһуттан түһэрбэккэ ыллыырыттан, кини олорон ааспыт олоҕун, тапталын мэлдьи саната туралларыттан үөрэбит, астынабыт. Биллиилээх мелодист Виталий Андросов Светабытыгар анаабыт биэриитэ Дьокуускайдааҕы араадьыйа пуондатыгар харалла сытар. Оттон «Саха» НКИХ ыытааччыта Георгий Белоусов Света 65 сылыгар «Ис сүрэхтэн” биэриини оҥорбута. Ол бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Бастаан ахсынньы 12 күнүгэр диэн болдьоспуттара, онтон ким эрэ кэлбэт буолан, ахсынньы 9 күнүгэр көспүтэ. Хайдах эрэ үөһээттэн эттэриллэн, төрөөбүт күнүгэр түбэспитэ бэйэтэ дьиктилээх. Бу биэрии эмиэ саха тэлэбиидэнньэтин пуондатыгар хаалбытыттан үөрэбит. Маны таһынан биһиги балтыбыт, мелодист Светлана Петрова "Күөх түүл" (А. Григорьева-Сандаарыйа), "Ардахха санаа" (С. Гольдерова-Саргы Куо), "Сулустар вальстара" (М. Ефимов) уонна "Умнуллубат маҥнайгы тапталым", "Кини хаалбыта Харьков таһыгар" (Г. Окороков кэриэһигэр, И. Эртюков тылларыгар) ырыалара Виталий Андросов “Күөх түүл” ырыаларын хомуурунньугар уонна Василий Парников таһаартарбыт Уус Алдантан төрүттээх дьахтар мелодистар ырыанньыктарыгар киирбиттэрэ.
– Тохтообокко ардах түһэр... бу курдук кини олоҕо ырыа буолан ылланарга айыллан, хас түһэр ардах аайы кэпсэнэ, олорботох олоҕо ырыанан салҕана туруоҕа.
Хаартыскалар: Л.Д. Степанова тус архыыбыттан