12.11.2024 | 17:14

Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла

Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр.


Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар.
Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу курданан баран, булдун кыҥыы турдаҕына, ох саатын оноҕоһун тумсугар булдун туппут чыычаах кэлэн олорор. Кырачаан булчут көтөр кынаттаах булчукка аралдьыйан, ону көрө турара – булчут дьону толкуйдатар ис хоһоонноох. 
Оттон бырайыак ааптарынан Лена Седелкова буолар. Лена Леонидовна дойду култуурунай эйгэтин олохтооһуҥҥа искусство уҕараабыт оруоллааҕын бэлиэтиир. «Бу скульптура биһиги нэһилиэкпит биир кэрэ миэстэтэ эрэ буолбакка, булт, доҕордоһуу, айылҕалыын, тыынар тыыннааҕы кытта или-эйэни олохтооһун, сомоҕолоһуу бэлиэтэ буолар аналлаах»,  – диир кини. 


Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, Арассыыйа юристарын Саха сиринээҕи ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ох саанан ытыы федерациятын бэрэссэдээтэлэ Виктор Бурцев кыттыыны ыллылар, бочуоттаах ыалдьыт буоллулар уонна култуура уонна искусство норуоту иитиигэ дириҥ суолтатын бэлиэтээтилэр. 
«Икки булчут» скульптурнай композиция номнуо нэһилиэнньэ болҕомтотун тарта, олохтоохтор сөбүлээн дьаарбайар, хаартыскаҕа түһэр миэстэлэригэр кубулуйда. Ол аата искусство норуоту сомоҕолуур аналын толорон эрэр, диэн иһитиннэрэллэр П.И. Кочнев аатынан Тулагы-Киллэм нэһилиэгин агро-оскуолатын юнкордара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....