15.11.2024 | 18:24

Куорат кэлэр 2025-2027 сыллардааҕы бүддьүөтэ социальнай хайысхалаах

Куорат кэлэр 2025-2027 сыллардааҕы бүддьүөтэ социальнай хайысхалаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, сэтинньи 14 күнүгэр, Олохтоох дьаһалтаҕа Куорат дууматын «Дьокуускай куорат кэлэр 2025 уонна былааннаах 2026-2027 сылларга бүддьүөтэ» бырайыагынан публичнай истии буолла. Бүддьүөт барыла дьокутааттар көрүүлэригэр сэтинньи 6 күнүгэр ыытыллыбыта.
Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Георгий Гаврильев салайааччылаах истиилэргэ Куорат дууматын дьокутааттара, куорат салалтата, Олохтоох дьаһалта структураларын, тэрилтэлэрин салайааччылара, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Үп-экономическай институтун устудьуоннара уонна уопсастыбаннас кыттыыны ыллылар. Истиилэри ыытар туһунан биллэрии Олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар, «Эхо столицы» хаһыакка уонна социальнай ситимнэргэ тахсыбыта.
Сүрүн дакылаатчыттарынан Экономика уонна стратегическай былааннааһын департаменын начаалынньыга Максим Прокопьев уонна Үп департаменын начаалынньыга Ольга Максимова буоллулар.
Дакылааттарга этиллэринэн, Дьокуускай куорат кэлэр 2025 уонна былааннаах 2026-2027 сыллардааҕы бүддьүөтэ социальнай хайысхатын сүтэрбэт, куорат инфраструктуратын уонна экономикатын сайыннарыы сүрүн болҕомтоҕо ылыллар. Бастакы уочарат үбүлэнэр салааларынан үлэһиттэр хамнастара, үөрэх, култуура, спорт тэрилтэлэрин көрүү-истии, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл буолаллар. Баһаартан, террортан сэрэхтээх буолуу тэрээһиннэрэ, үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин хааччыйыы, хапытаалынай өрөмүөн, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйэ эмиэ болҕомто киинигэр тураллар.
Түмүккэ 2025 уонна былааннаах 2026-2027 сыллардааҕы бүддьүөт диписиитэ суох оҥоһуллубут: 2025 сылга – 15 929 мөл. солк., 2026 сылга – 17 368 мөл. солк., 2027 сылга – 18 652 мөл. солк.
Куорат бүддьүөтэ 22 муниципальнай бырагырааманы уонна 4 национальнай бырайыагы үбүлээһиҥҥэ кыттар – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Үөрэхтээһин» уонна «Култуура». 
Дьүүллэһии кыттыылаахтара туруоруллар былааннары олоххо киллэрии нэһилиэнньэ көхтөөх кыттыытыттан уонна үрдүкү былааһы кытта ситимнээх үлэттэн тутулуктааҕын бэлиэтээтилэр. 
Экспертэринэн Куорат дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Үп-экономическай институтун доцена, Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ Афанасий Федоров, СӨ Стратегическай чинчийиилэргэ киинин макроэкономическай ырытыыга салаатын салайааччытын солбуйааччы Анна Луковцева уонна СӨ үп миниистирин солбуйааччы Николая Старостин үлэлээтилэр.
Публичнай истиилэр түмүктэрэ «Эхо столицы» хаһыакка уонна Олохтоох дьаһалта yakutskcity.ru официальнай саайтыгар тахсыаҕа. 
Бүддьүөт бырайыагын дьокутааттар сэтинньи 25 күнүгэр бастакы ааҕыыга көрүөхтэрэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....