15.11.2024 | 14:00

Сымыйа кафелары уодьуганныыр биир эрэ суол баар: сокуон барыларыгар биир буоларын ситиһии

Сымыйа кафелары уодьуганныыр биир эрэ суол баар: сокуон барыларыгар биир буоларын ситиһии
Ааптар: Алина ЗАХАРОВА
Бөлөххө киир

Бэнидиэнньиктээҕи былаанныыр мунньахха куорат баһылыга Евгений Григорьев сымыйа кафелары кытары охсуһууга Ил Түмэн дьокутааттарын өйөбүлэ баар буолбутун иһитиннэрдэ.

Сокуон сорох ардыгар тойон буолбат...

Ол курдук, куорат баһылыга Евгений Григорьев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корниловы кытта 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлиир «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын бытархай атыытын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуур туһунан» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуон тула хоннохтоох кэпсэтии буолбутун иһитиннэрэн турар.

Ол туһунан «Эхо столицы» хаһыат куорат баһылыгын пресс-сэкирэтээрэ Роман Мандзяктан кэмэнтээрий ылбыта:

– «Наливайкалар» уонна «сымыйа кафелар» үлэлэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ икки нуорма-быраап аактатынан бэрээдэктэнэр. Ол курдук, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгылаах бородууксуйа бытархай атыытын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччаҕы олохтуур туһунан» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуон арыгылаах утаҕынан эргинэр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин дьиэтин иэнэ 75 кв. м итэҕэһэ суох буолуохтаах диэн ирдэбили туруорар.

Иккис сокуон куорат таһымнаах. Чуолаан, 2022 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 118-п №-дээх уурааҕа маннык тэрилтэлэр олорор дьиэлэртэн уонна социальнай тэрилтэлэртэн төһө тэйиччи туруохтааҕын быһаарар.

Инньэ гынан, билиҥҥи сокуонунан, маннык тэрилтэ иэнэ 75 кв.м буолла даҕаны, Олохтоох дьаһалта уурааҕыгар ыйыллар ирдэбил киниэхэ дьайбат.
Маннык түгэни кытта аҕыйах хонуктааҕыта Короленко уулуссатын дьиэтин олохтоохторо көрүстүлэр. Ол курдук, 75 кв.м. лаппа улахан иэннээх пиибэнэн эргинэр тэрилтэ дьон олорор дьиэтиттэн 50 миэтэрэ иһинэн чугас арыллыбыта нэһилиэнньэни долгутара чахчы. Саарбах биисинэһи өрө тутааччылар чугаһынан 7 №-дээх уопсай үөрэхтээһин оскуолата, Саха-корейскай оскуола уонна 4 №-дээх оҕо спорт оскуолата баалларын улахаҥҥа уурбаттара сөҕүмэр.

Баһылык Евгений Григорьев сокуон бу итэҕэһин суох оҥорорго, чуолаан арыгылаах бородууксуйанан эргинэр тэрилтэ дьиэтин иэнигэр даҕаны, олорор дьиэлэртэн төһө тэйиччи турарыгар даҕаны ирдэбиллэри сотор туһунан этиини киллэрдэ. Оччотугар эрэ бу саарбах уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ үөһээ ааттаммыт нуорма-быраап аакталарыгар турар ирдэбиллэри тутуһуохтара. Оттон биирдэстэрэ эмэ тутуһуллар түгэнигэр, бу эбийиэк сокуон хараҕынан буруйа суох буоларыгар тиийэр.

 

2024 сыл сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан Дьокуускай куорат территориятыгар 238 уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ пиибэнэн уонна арыгылаах бородууксуйанан эргинэр (рестораннар, кафелар, банкет саалалара, бардар, кулууптар, кафе-маҕаһыыннар); ол иһигэр:

* 127 эбийиэк арыгылаах бородууксуйанан эргинэр лицензиялаах;
* элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ эбэтэр онтон чугас сиргэ турар 110 эбийиэктэн 60-на лицензиялаах;
* 61 эбийиэк 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээн тохтообута;
* 26 эбийиэк икки араас төрүөтүнэн хаарчахтааһыҥҥа сөп түбэһэр: 12-тэ лицензиялаах, 14-дэ лицензията суох.

(«Эхо столицы» хаһыат саайтыттан)

Саарбах урбаанньыкка быыһанар үүт-хайаҕас куруук көстөр

Киин куорат билиҥҥи Евгений Григорьев баһылыктаах дьаһалтата «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын бытархай атыытын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуур туһунан» региональнай сокуоҥҥа эбии уларытыылары киллэрэргэ нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас өйөбүлүнэн кэлиҥҥи сылларга үгүс үлэни ыытан кэлбитин нэһилиэнньэ билинэр. Оскуола, уһуйаан баалларыгар мэһэйдэппэккэ, элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ олорор дьону баардыылаабакка харса-хабыра суох үлэлиир сымыйа кафелары суох гынарга нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннары да хомуйан тураллар, бу тэрилтэлэр иэннэригэр, социальнай эбийиэктэртэн төһө тэйиччи туруохтаахтарыгар ирдэбили олохтооһуҥҥа даҕаны дьоһун үлэ барда.

Ол курдук арыгы бородууксуйатын атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр өҥө оҥоһуллар саалатын иэнин Дьокуускай куоракка 75 кв. миэтэрэҕэ диэри кэҥэтэр (Федеральнай сокуоҥҥа ити ирдэбил кыччаабыта 20 кв. миэтэрэ диэн этэ – Аапт.) туһунан этиитин Ил Түмэн дьокутааттара ылыммыттара. Куорат дьаһалтатын отчуоттарыгар нэһилиэнньэттэн ити иэни 100 кв. миэтэрэҕэ диэри улаатыннарар туһунан этиилэр кытта киирэллэрэ мэлдьэх буолбатах.

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата 2022 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр таһаарбыт 118-п №-дээх уурааҕынан итирдэр утаҕынан эргинэр эбийиэктэр оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта – 300 миэтэрэ, оҕо уһуйааннарыттан, спорт, тырааныспар уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн 200 миэтэрэ туруохтаахтарын быһаарыы эмиэ биир күнүнэн ситиһиллибэтэҕэ.

Онон, куорат дьаһалтата үрдүкү былаас уорганнарын кытта бу бүтүн норуот кэскилигэр тыын суолталаах кыһалҕаны быһаарыынан кэлиҥҥи сылларга дьүккүөрдээхтик үлэлиирин мэлдьэһэр сатаммат.

Ол эрээри, этэргэ дылы, сорох урбаанньыкка сокуон тойон буолбатах, үүт-хайаҕас булаллара эрэ баар...

 

Түүннэри атыылыылларын тохтотуохха

Сүүһүнэн тыһыынчалаах да ыстараабы муораҕа хааппыла курдук ылынар, оҕо, ыччат, норуот кэскилин туһугар төбөлөрүн сынньыбат, харахтарыгар харчы эрэ кыбыллыбыт сиэрэ суох урбаанньыттары кытта охсуһууну сокуоҥҥа кытаанах уларытыылар эрэ уодьуганныыр кыахтаммыттарын олох көрдөрдө.

Ол курдук, Олохтоох дьаһалта сэтинньи 11 күнүнээҕи планеркатыгар ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка сымыйа кафеларга сыһыаннаан алта (!) боротокуол толорунна диэн иһитиннэрдилэр: түүҥҥү чуумпуну уйгуурдуу, информациялаах конструкцияны сокуону кэһэн туран иилии уонна санитарнай турук иһин. Сыл тоҕус ыйыгар итинник хабааннаах 131 боротокуол суруллубут. Куорат баһылыга Евгений Григорьев, биллэн турар, нэдиэлэ устата бүтүн Дьокуускай куорат үрдүнэн 6 эрэ кэһии баара быһаарыллыбытын аҕыйах диэтэ уонна бу хайысхаҕа үлэни өссө күүһүрдэргэ ыйда. «Нэһилиэнньэттэн киирбит этиилэринэн, үҥсүүлэринэн тутатына үлэлиэххэ уонна боломуочуйа иһинэн эппиэтинэскэ тардан иһиэххэ наада», диэн кытаанахтык соруйда.

Евгений Григорьев сэтинньи 11 күнүгэр Дьокуускай куорат территориятыгар арыгыны утары охсуһар политикаҕа сыһыаннаах мунньах кэнниттэн киэһэ бэйэтин телеграм-ханаалыгар Дьокуускай куорат чопчу туох уларытыыны киллэрэри көҕүлүүрүн быһааран биэрдэ: 

– Дьокуускай куорат баһылыгынан талыллыахпыттан нэһилиэнньэттэн киирэр үҥсүүлэргэ олоҕуран куорат сиригэр-уотугар арыгылаах бородууксуйанан эргинии усулуобуйатын кытаатыннарарга тиһиктээх үлэни ыытан кэллим. Бастатан туран, итирдэр утаҕынан эргинэр тэрилтэлэри социальнай эбийиэктэртэн ыраатыннарары ирдиир уурааҕы ылыммыппыт – оскуолалартан, уһуйааннартан, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн. Ол түмүгэр саҥа эбийиэктэр күөрэйэллэрин лаппа харгыстаатыбыт. Билигин эргинэ турааччылар лицензиялара бүтүөр диэри үлэлиир бырааптаахтар. Лицензияларын болдьоҕо аастаҕына, сити миэстэлэригэр саҥа лицензияны ылаллара уустуктардаах буолуоҕа. Оччотугар бу алкомаркеттар биһиги оҕолорбутугар, кэнчээри ыччаппытыгар арыгыны кытта ситимнээх олох мөкү өрүттэрин көрдөрөр кыахтара быстыаҕа.

Иккиһинэн, Ил Түмэн дьокутааттарын кытта «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын бытархай атыытын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуур туһунан» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуоҥҥа уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр өҥө оҥоһуллар саалатын иэнин Дьокуускай куоракка 75 кв. миэтэрэҕэ диэри кэҥэтэр туһунан уларытыылары киллэрбиппит. Бу сокуон үлэлиэҕиттэн сыл иһигэр сымыйа кафе ахсаанын лаппа аҕыйаттыбыт. Ол курдук, араас биричиинэнэн 61 тэрилтэ арыгылаах бородууксуйанан эргинэрин тохтоппутун улахан кыайыынан ааҕабын.

Ол эрээри, быраабыла курдук, олох биир сиргэ тэпсэҥнии турбат. Баары-баарынан эттэххэ, нэһилиэнньэни арыгыга уһуннаралларын салгыахтарын баҕарар урбаанньыттар араас быыһанар үүтү-хайаҕаһы көрдүүллэрэ тохтообот. Бу күннэргэ Короленко уулуссатыгар арыллаары турар биир саҥа эбийиэк куорат олохтоохторун улаханнык аймаата. Элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэттэн 20 эрэ миэтэрэ курдук чугас, 75 кв. миэтэрэттэн биллэ улахан иэннээх өҥө оҥорор саалалаах арыгылаах бородууксуйанан эргинэр тэрилтэ 7 №-дээх оскуола, Саха-корейскай оскуола, 4 №-дээх оҕо спорт оскуолатын харахтарын далыгар үлэлииргэ оҥосторун нэһилиэнньэ сөпкө утарар. Тус бэйэм, арыгыттан ыраах, чөл олоҕу тутуһар киһи да буоларбынан,  эмиэ улаханнык утарабын. Маннык эбийиэктэр ордук түүҥҥү өттүгэр аттыларыгар олорор дьон олоҕор, доруобуйатыгар кэмэ суох кутталы үөскэтэллэрэ, уустуктары аҕалаллара мэлдьэх буолбатах.

Онон «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын бытархай атыытын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуур туһунан» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуону иккис ааҕыыга түүннэри эргинэр тэрилтэлэр атыылыыр кэмнэрин маҕаһыыннарга курдук күнүс 14.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска эрэ диэри көҥүллүүр туһунан эбии хааччахтааһыны олохтуур этиилээхпит. Бу усулуобуйа олохтонноҕуна, сүрүн үлэлиир, эргинэр кэмнэрэ хааччахтаннаҕына, кэккэ тэрилтэлэр биисинэстэрин тохтотуохтарын сөп. Бу уларытыы киирдэҕинэ, бүгүҥҥү күҥҥэ улахан долгуйууну таһаарбыт Короленко уулуссатыгар былааннанар тэрилтэ эмиэ арыллар санаата ханныаҕа.

Күндү куорат олохтоохторо, чөл олоҕу тутуһуоххайыҥ, арыгыны утарыаххайыҥ! Бары бииргэ дойдубутун сайыннаран, күүстээх омук буолуоххайыҥ!

Чахчыта даҕаны, олох араас эйгэтигэр ситиһиибит сөҕүмэр, күүстээх, барыга кыахтаах норуот буолуохпутун арыгы мэһэйдиирин саарбахтыыр суох ини.

 

Ыарыыны билиниэххэ наада

Статистика кэпсииринэн, Саха сиригэр хас иккис буруй, сокуону кэһии итирик туруктаах сылдьан оҥоһулларын туһунан «Киин куорат» хаһыат үгүстүк суруйар. Бэл, Саха сиригэр хас биирдии 100 тыһыынча киһиттэн 1 330 киһитэ «алкоголизм» диэн ыарахан диагнозтааҕын туһунан сууһарыылаах чахчылар бааллар. Өйбүтүгэр манна диспансернай кэтээн көрүүгэ, учуокка турбат дьону эбэн кэбиһэбит дьулаан хартыына тахсар.

Бу «сааттаах» диагноһы Арыгы уонна табах бородууксуйатын ырыынагын хонтуруоллуур федеральнай сулууспа саайтын чахчылара бигэргэтэр эрэ курдуктар. Ол курдук, 2024 сыл тоҕус ыйыгар Саха сирин олохтоохторо 598 405, 09 декалиитэрэ (1 декалиитэрэ 10 лиитэрэҕэ тэҥнээх) кыраадыстаах утаҕы атыылаһан испиппит (!):

I-кы кыбаарталга – 194 345,55;

II-c кыбаарталга – 204, 387,71;

III-c кыбаарталга – 199 671, 83.

Оппут-маспыт үлэтэ үмүрүйбүччэ, идэһэ эппитин, муҥхабытын дьаһанан уоскуйбучча, Саҥа дьылы эҥин көрсө, төрдүс кыбаарталга көрдөрүүбүтүн өссө чиҥэппэтэрбит, «ыарыыбытын» өссө бэргэппэтэрбит ханнык. Ити дьаахханыыбыт олоххо киирэригэр сымыйа, кырдьык аҥаардаах кафеларбыт да икки илиилэринэн «көмөлөһөргө» бэлэмнэрэ саарбаҕа суох.

Онон, сокуоҥҥа бүгүн ыйыллар уларытыылар киирэллэрин эрэнэ күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....