09.11.2024 | 14:00

Дорҕоон уонна медитация

Дорҕоон уонна медитация
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.

Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный?

– Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн эппитин, биллэн турар, соһуйа истибитим. Ол эбэтэр, икки өттүбүттэн айылҕаттан айдарыылаах эбээлэрдээхпин эбит. Биирэ – Тааттаҕа, биирэ Бүлүүгэ олорбуттар. Кыра  сырыттахпына дьонум «дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһүөҥ» дииллэрин эмиэ дьиктиргии эрэ истэрим.

Кытай тылыгар тардыһыыҥ эмиэ оҕо эрдэххиттэн эбит.

– Оннук. Тоҕо эрэ илиҥҥи философия миэхэ өрүү чугас этэ. Ис-испиттэн баҕатыйан туран кытай тылын үөрэппитим. Гитарам доҕуһуолунан кытайдыы ыллыырым.

Дьэ онтум олохпор туһалаан турар. Кэтэхтэн үөрэххэ киирэн бараммын, үлэлиэхпин наада диэн, үлэ көрдөммүтүм. Уонна хайдах эрэ атаҕым кытай рестораныгар аҕалбыта. Манна иһит сууйааччынан үлэҕэ киирбитим. Үлэһиттэр үксүлэрэ кытайдар. Бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэрин истэммин, элбэххэ үөрэммитим – тылы сөпкө саҥарыыга, интонацияҕа, уһатыыны ханна туттууга. Бу миэхэ, уон аҕыс саастаах киһиэхэ, барыта олус интэриэһинэй этэ. Үрдүттэн сылдьаммын кытай тылыгар быраактыкаламмытым диэххэ сөп.

Иһиппин сууйа-сууйа ыллыырбын истэннэр, эбии хамнастаан, аны туран ырыаһыт оҥордулар. Миэхэ, устудьуон киһиэхэ, харчы наада буоллаҕа дии. Онон икки билэр ырыалаахпын солбуһуннара сылдьан ыллыыр буоллум. Рестораҥҥа кэлбит дьон сэҥээрэн истэр этилэр, олох даҕаны кытай ырыаһытын курдук ылыннылар. Иһиппин сууйар таҥаспын уларытта түһэбин даҕаны, кинилэр национальнай көстүүмнэринэн ыллыы тахсар буоллаҕым.  Өссө баттахпын чуолкалаабыттара. Ыллыырбар анаан аат ылыммытым. Ыллаан бүтээт, салгыы иһиппин сууйбутунан барарым.

– Илиҥҥи тиэмэ ааккар даҕаны баар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Вера Аюми диэн  кимий?

– Аюми диэн аатым дьоппуоннуу. Сибэкки эбэтэр сылааһынан илгийэр сүрэх диэн суолталаах. Туруору тылбааһа «тыыннаах сүрэх» диэн. Билигин бэйэбин астролог идэлээхпин дэнэбин. Илиҥҥи астрологиянан (базцы) идэтийэн үлэлээбитим сэттэ сыл буолла.

Сахам удьуор утумун тутаммын, сахалыы алгыска үөрэммитим. Онон билигин сахалыы медитация-мантраҕа, алгыска үлэлиибин. Алгыстыырбар Алгыс Талааны Арыйыа диэн ааттаахпын, ол эбэтэр талааны таба тайанарга көмө оҥоробун. Оҕолорум үһүөн сахалыы ааттаахтар – Харысхал, Дайаана, Сайаана. Ааттаныы эмиэ бэйэтэ ураты тэтимнээх.

Вера Аюми, эн олус элбэх инструмеҥҥа оонньуургун дьиктиргии иһиттибит. Бу дорҕоону кытта үлэ дуо? Бэйэтэ туспа ураты эйгэ буоллаҕа?

– Оннук ээ. Айылҕа тыаһа-ууһа киһиэхэ ураты туругу биэрэр буолбаат?! Ардах түһэриттэн саҕалаан, тыал тыаһыгар тиийэ. Ойуур суугуна, уу тыаһа. Чыычаах көтөр кынатын тыаһыттан саҕалаан, араас көтөр-сүүрэр саҥата. Бу бэйэтэ эмиэ дорҕоон. Мин кыра эрдэхпиттэн маннык тыаһы-ууһу араара, дьиктиргии истэ улааппыт эбиппин.

Уопсайынан, киһи кулгааҕын иһигэр баар 25 000 клетката тыаһы-ууһу истэргэ  туһуланар. Оттон дорҕоону арааран истии 16-20 тыһ Гц тэҥнэһэрин наука этэр. Онон киһи дорҕоону арааран истиитигэр итинник уратылардаах.

Салгынынан охсуллан кэлэр дорҕоон долгунун физика сокуонунан Гц диэнинэн кээмэйдэнэр. Төһөнөн үрдүк Гц да, оччонон үчүгэй.

Мин бастакы инструменым гитара этэ. Үрдүк, намыһах дорҕоон диэн өйдөбүллэри манна бастаан билбитим. Онтон хомус кэлбитэ. Хомус эмиэ араас частоталаах дорҕооннору таһаарарын бары билэбит. Ол кэннэ «хрустальная чаша», «поющая чаша», «окарина» диэн дудочка уонна глюкофон кэлбиттэрэ. «Хрустальная поющая чаша» 440 герц эбит буоллаҕына, 432 герцтээх глюкофон таптал туругун биэрэр инструменынан биллэр. Дьэ, кырдьык, истибит эрэ киһини ураты турукка киллэрэр инструменнар. Манна бэйэм куоласпынан ыллаан эбэтэр мантра, алгыс тылларын  саҥаран, ситэрэн биэрэбин. Дорҕоон киһи ис туругун чөл оҥорор кыахтаах.

Оҕо саас умнуллубат үөрүүлээх түгэннэрэ бу үрдүкү вибрацияҕа  киирэр буоллаҕа дуу?

– Мин төрөөбүт ыйым – от ыйа. Дьон бары окко, оҕо барыта лааҕырга, үлэлии сылдьар буолан, бу кэми сөбүлээбэт этим. Онтон биирдэ Аммаҕа сайылыы сырыттахпына, куораттан ийэлээх аҕам дьааһыгынан фрукта арааһын таһаараннар, ол төрөөбүт күнүм өйбөр умнуллубаттык хатанан хаалбыт. Дьэ  оннук  түгэн – таптал, дьол, үөрүү түгэнэ – үрдүк  вибрациялаах  кэм  диэн буолар. Ол иһин киһи эрэ үксэ оҕо сааһын наһаа күндүтүк саныыр, ахтар.

Дьонум миигин балет оскуолатыгар биэрэннэр, кыра эрдэхпиттэн кэрэ эйгэни кытта алтыһа улааппытым. Муусука истэргэ, чувствуйдуурга манна үөрэннэҕим дии.

Оттон куруук маннык үрдүк вибрацияҕа үөрэнэн хааллахха, олох моһоллоро аллараа быраҕыылара ыарыылаах буоларын эппинэн-хааммынан эмиэ билбитим.

Онон олоххо ортотун таба тутан сылдьыы олох муудараһа эбит диэн түмүккэ кэллим.

Вера, эн киһи эрэ барыта уйбат ыарахаттарын туораабытыҥ сөхтөрөр. Ол туһунан ааҕааччыларбытыныын үллэстиэххин сөп дуо?

– Оччотооҕуга аттыбар ийэм баар буолан, кини сүбэтин ылынаммын бэйэбин сааһыламмытым. Сахабыт айылҕалаах дьонун тустарынан кинигэлэри кытта Луиза Хей кинигэтин, аффирмацияларын ааҕарбар сүбэлиирэ. Муусуканы, ырыаны истэр этим. Онтон сыыйа орун-оннугар буолбута. Уон аҕыс эрэ саастаах, түүҥҥү олох диэни билэ да илик кыыска түүлбэр дуу, илэ дуу киһи кэлэр буолбута. Онтон куттанан, утуйар уум көтөн, эбиитин киэһэ хойукка диэри үлэлиирим охсон эбитэ дуу, норуокка биллэринэн «Котенко» балыыһатын ыарыһаҕа буолбутум. Чараас эйгэ, атын «параллельнай» олох баарыттан «оҕустарыы ылбыттар» ортолоругар соҕотох буолбатах этим. Бэйэм курдук эдэр дьон элбэҕэ. Оттон дьиҥнээх ыарыһахтар төрүт атын буолалларын эмиэ онно көрбүтүм. Ийэм аҕалан аахтарар кинигэлэриттэн «мин соҕотох буолбатах эбиппин» диэн бастакы сырдык өйдөбүл киирбитэ. Эмп иһэммин, бу дойдуттан букатыннаахтык барардыы оҥостуммут кэм эмиэ баара... Иккистээн балыыһаҕа киирии... эмтэнии... олох олоруу.

Бу ыарахан кэмнэрбэр аттыбар төрөппүттэрим  уонна миигин таптыыр киһим  баар буолан, сырдык санааҕа кэлбитим. Таптал диэн чахчы баарыгар итэҕэйбитим. Кэргэн, ийэ буолар дьолу билбитим. Олох диэн туохха даҕаны тэҥнэммэт күндүтүн өйдөөбүтүм. Хас үүммүт күммэр махтанарым. Сырдыгы, үтүөнү баҕарарым.

Билигин  бу дьарыктарым нөҥүө атын дьон мин олоҕум мөкү кэмнэрин хатылаабатыннар диэн кэпсиир кыахтанным. Көмөлөөҕүн көрөн, үлэбиттэн астынабын. Көнө, ыраас суолга үктэнэр дьолу биллэрэрбиттэн үөрэбин, дьоллонобун.

Медитация диэн тугуй? Эйиэхэ тус бэйэҕэр туох оруолу оонньообутугар тохтоон ааһыах.

– Киһи орто дойдуга туох эрэ миссиялаах кэлэр. Мин эдэр сааспар ааспыт тургутууларым мээнэҕэ буолбатахтар дии саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн искусствоҕа сыстыым – балет оскуолата, гитаранан ырыа, илиҥҥи дойду тылын үөрэтии, мантра – бу барыта билиҥҥи дьарыкпар бэлэмнииргэ көрсүбүт түгэннэр. Бу – оскуола, уопут. Киһи бэйэтин этинэн-сиининэн,  өйүнэн-санаатынан аһарынар туруктара сайдыы атын таһымыгар тахсыыта диэн сыаналыыбын. Манна барытыгар медитация көмөтө миэхэ баһаам.

2014 сыллаахха Дьокуускайга арыллыбыт буддистар дьиэлэригэр Ламаны кытта көрсүһүүм бу эйгэҕэ кэлэрбэр быһаарыылаах түгэн этэ. Манна дорҕоон ис күүһүн, кыаҕын истэммин, бэйэбэр чиҥник ылыммытым. Лама: «Куоласкын истэн дьон уоскулаҥ ылар», – диэн өссө бигэргэтэн эппититтэн тирэхтэнэммин, бэйэм медитация ыытарга туруммутум. Медитация – бу киһи бэйэтин ис туругун сааһыланыыта. Биһиги күн аайы төһөлөөх наадата суох информация ортотугар сылдьарбыт буолуой?! Бу маннык түгэҥҥэ медитация көмөтүнэн киһи сааһыланар, ыраастанар. Ыраас, сырдык энергияланар.

Вера Аюми, киһи дууһатын кылын таарыйар истиҥ-иһирэх, аһаҕас кэпсэтиигэр махтанабыт. Уонна ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҕын тугу этиэҥ этэй?

– Күн күбэй ийэм орто дойдуга баарына: «Үтүө үтүөнэн эргийэр. Санааҕар даҕаны хаһан даҕаны дьону куһаҕаннык санаамаар», – диэн этиитэ сүрэхпэр өрүү баар. Олох  муудараһын  ийэм  оҕотугар ити этиинэн тириэрпит эбит.

Биһиги хас биирдиибит бэйэбит олохпутугар эппиэтинэһи сүгэбит. Хас сарсыарда аайы ханнык суолу таларгар кыах бэриллэр. Эн  үтүө,  сырдык суолу таларгар, бэйэҕин гитара курдук санан. Уонна, дууһаҥ кыла сөптөөх миэстэтин  буларын  туһугар, ол гитараҕын  «настройдаан биэрэн ис» – үтүө санааҕынан, дириҥ махталгынан. «Таптал! Махтал! Эрэл!» диэн күлүүс тыллары олоххутугар туһаныҥ! Сырдыгынан сыдьаайыҥ! Тапталлаах буолуҥ!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....