14.11.2024 | 14:28

Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара

Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара.

Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта.

Тиэйээччилэргэ ыытыллыбыт аһаҕас муниципальнай куонкурус түмүгүн, саҥардыллыбыт схемалары нэһилиэнньэ дэбигис ылынарын туһугар турар ирдэбиллэр о.д.а. туһунан баһылык Евгений Григорьев сэтинньи 14 күнүгэр бэйэтин телеграм-ханаалыгар бу курдук иһитиннэрэр:

Билэргит курдук, сэтинньи 18 күнүттэн куорат сорох маршрутнай оптуобустарын схематыгар уларыйыы киирээри турар.

Ол курдук, пассажирдары тиэйиигэ биллэриллибит аһаҕас муниципальнай күрэх түмүгэ таҕыста. Быйыл куорат уопсастыбаннай тырааныспарын маршруттарын барытын биэс лотка араардыбыт, биирдии лот үстүү маршруттан турар.

Бүгүн сарсыарда маршруттар биригэдьиирдэрин кытта көрсөн, кэккэ  боппуруостары дьүүллэстибит. Саамай сүрүнэ сэтинньи 18 күнүттэн массыыналар саҥардыллыбыт схеманан үлэлииргэ бэлэмнэрин быһаарыстыбыт. Саҥардыллыбыт схеманан айаны-сырыыны куорат олохтоохторо түргэнник ылыналларын туһуттан графигы тутуһуу, пассажирдарга ытыктабыллаах сыһыан курдук түгэннэри эмиэ тумнубатыбыт. «Умный транспорт» сыһыарыы уонна Диспетчерскэй сулууспа нэһилиэнньэттэн киирэр ыйытыыларынан, үҥсүүлэринэн эмиэ сыысхала суох үлэлииллэрэ ирдэнэр.

2025 сылга куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин саҥардыы бырайыага салҕанар, онон тиэхиньикэни саҥардыы боппуруоһун дьүүллэстибит. Чааһынай тиэйээччилэр биир сүрүн кыһалҕалара – гараас, гаас уматык, өрөмүөн о.д.а. Каадыр боппуруоһа билигин даҕаны сытыытык турар. Анал байыаннай дьайыыттан кэлбиттэри кытта кэпсэтиилэри ыытарга сүбэлэстибит.

Бу күннэргэ оптуобустар сырыыларын саҥа схемаларын бэчээттээн, оптуобустарга, тохтобулларга тарҕатыахтара. Үөрэх управлениетыгар кылаас салайааччылара хас биирдии төрөппүккэ уонна үөрэнээччигэ саҥардыллыбыт схемалары тиэрдэллэрин ситиһэргэ сорудахтаатыбыт.

 

Ытыктабыллаах киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттар!

 

Оптуобустар саҥардыллыбыт схемаларын кытта эрдэттэн сиһилии билсии үлэ-сырыы, күннээҕи түбүк кыһалҕата суох оҥоһулларыгар тирэх буоларын умнумаҥ:

Маршрут №2

Маршрут №4

Маршрут №5

Маршрут №6

Маршрут №7

Маршрут №14

Маршрут №16

Маршрут №19

Маршрут №35

 

Икки саҥа маршрут:

Маршрут №11

Маршрут №12

 

 

Дьокуускай куораттааҕы Суол-тырааныспар сулууспатын сиһилии быһаарыытын бу ссылканан билсиҥ: https://yakutskcity.ru/press-tsentr/obnovlennaya-skhema-dvizheniya-gorodskikh-avtobusnykh-marshrutov-nachnet-deystvovat-18-noyabrya/

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....