17.11.2024 | 12:00

«Саха сирин бриллианнара» уран уустары түмүө

«Саха сирин бриллианнара» уран уустары түмүө
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Сэтинньи 25 күнүгэр Дьокуускайга “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин бриллианнара” хаар, муус оҥоһуктарга скульптордар аан дойдутааҕы куонкурустара саҕаланыа. Сылын аайы сэргээччитэ үксүүр, кыттааччыта хаҥыыр аан дойду таһымнаах күөн күрэһи Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата “Северное сияние” ХЭТ кытта иилээн-саҕалаан ыыталлар.

Дьокуускай куорат Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын, “Саха сирин бриллианнара” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Индира Петровна Ли:

– “Саха сирин бриллианнара” муус уонна хаар оҥоһуктар куонкурустарын биһиги 90-с сыллартан утумнаахтык ыытан кэллибит. Бу куонкуруспут 2016 сылтан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаммыта. Ол кэмтэн саҕалаан Канада, Япония, Кытай, Монголия, Франция, Голландия, Беларуссия уо.д.а. дойдулар, Арассыыйа араас регионнарын (Хабаровскай, Москва, Перьм, Красноярскай, Магадан уо.д.а.) скульптордарын түмпүтэ.

Былырыын 25 сайаапка киирбит буоллаҕына, быйылгы күрэхтэһиибитигэр Кытайтан, Монголияттан, Хабаровскай кыраайтан, Приморьеттан тиийэ уопсайа 29 сайаапка киирдэ. Ити курдук сылтан сыл бу уран оҥоһук куонкуруһугар кыттыан баҕалаах үксээн иһэрэ үөрдэр. Дьүүллүүр сүбэ киирбит сайаапкалартан 20-ни талла. Маны тэҥэ олохтоох скульптордарбыт Сахабыт сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕи ааспыт 20 хамаанда сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка икки сиринэн аттарыллан үлэлиэхтэрэ. Скульптордар мындыр үлэлэрин, уран оҥоһуктарын хайдах чочуйан таһааралларын куорат олохтоохторо, ыалдьыттар кэлэн уу харахтарынан, илэ көрүөхтэрин сөп. Ол курдук, Орджоникидзе болуоссатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы үбүлүөйүн көрсө оҥоһуктары чочуйааччылар үлэлиэхтэрэ. 202-с түөлбэҕэ баар “Северное сияние” муус пааркатыгар саха дьоно үйэлэргэ сүгүрүйэн кэлбит аламай Күммүтүгэр сыһыаннаах муус үлэлэр туруохтара. Хаар оҥоһуктары чочуйууга күрэхтэһии көҥүл тиэмэҕэ буолуо. Дьүүллүүр сүбэ оҥоһуктар тиэмэлэрин, эскиистэрин, таһымнарын барытын учуоттаан, таһыччы күүстээхтэри талбыта. Быйылгы куонкуруспутугар дьүүллүүр сүбэҕэ аан дойду таһымнаах үс скульптор кэлэрин күүтэбит. Куонкурус түмүгүн таһаарыы ахсынньы 1 күнүгэр “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” улахан бэстибээл сүрүн тэрээһинин кэмигэр “Триумф” спорт комплексыгар буолуоҕа.

Чочуйуллубут муус, хаар оҥоһуктар, сыллата буоларын курдук, уһун кыһыммыт устата дьон хараҕын үөрдүөхтэрэ, куораппытын киэргэтиэхтэрэ.

Куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын сэтинньи 25 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан Орджоникидзе болуоссатыгар бу бэйэтэ туһунан алыптаах, муус, хаар оҥоһуктар куонкурустарын үөрүүлээх аһыллыытыгар күүтэбит.

 

Мууһу, хаары «ыллатар» Григорий Максимов

Аан дойду ааттаахтарын кытта күрэстэһэр кыахтаах хайа да бэйэлээх хараҕа хайгыыр хаар хартыынатын, көрбүт эрэ умсугуйар уран муус оҥоһугун нарылаан, кырыылаан айан-тутан таһаарар мындыр уус дьонноохпутунан биһиги киэн туттабыт.

Кинилэр уран илиилэринэн чочуйбут кэрэ оҥоһуктарыгар түбэһэ түстэхпитинэ, тыйыс тымныыбыт кытта аҕырымнаабыкка дылы буолар диэтэххэ омун буолбата буолуо. Биир оннук айылҕа анаан талаан биэрбит, уран дьоҕуру утумнаппыт «мууһу ыллатар» ууһунан Нам улууһун олохтооҕо Григорий Максимовы ааттыахха сөп. Григорий Егорович 1974 с. Бүлүү улууһугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 7-с оҕонон күн сирин көрбүт. Оскуола кэннэ уруһуйдуур дьоҕурдаах уол Намнааҕы педагогическай колледжка уруһуй, черчение учууталын идэтигэр үөрэммит. Салгыы Москваҕа үөрэнэн художник-мультипликатор идэтин баһылаабыт. Кэлин кэтэхтэн үөрэнэн Саха судаарыстыбаннай педакадемиятын бүтэрбит. Бүгүн биһиги Григорий Егоровиһы кытта кэпсэттибит, муус, хаар скульптураҕа үлэтин сонурҕаатыбыт.

– Григорий Егорович, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэ түс эрэ. Үлэ-хамнас, олоххо дьарык туһунан кэпсэтиэх.

– Намнааҕы педколледжка преподавателлии сылдьыбытым. Ол кэннэ Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр үс сыл баһылык солбуйааччытынан үлэлээбитим.  Урбаанынан дьарыктана, Нам улууһун полициятыгар гарааска начальниктыы эҥин сылдьыбытым. Кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.

Муус оҥоһугу хаһааҥҥыттан сэҥээрэн ылсыбыккыный?

– Устудьуоннуур кэмнэрбэр муус, хаар оҥоһуктары чочуйан барбытым. Ону таһынан сайынын ыһыахтарга сэргэни кыһар, балаҕаны, ураһаны тутар этибит. Кэлин, 6 сыл буолла, бетонунан скульптуралары оҥоробут. Билигин элбэх улууска үлэлэрбит баар буоллулар.

–  Муус, хаар оҥоһуктар күрэхтэһиилэригэр аан бастаан ханна кыттан саҕалаабыккыный?

– Аан бастаан 1998 с. Дьокуускай куорат күрэҕэр кыттыбытым. Ол кэннэ уус уолаттары кытта ыкса билсэн, алтыһан, «муус ыарыһах» буолбутум (күлэр). Онтон ыла араас таһымнаах куонкурустарга кыттан барбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ кыайар, миэстэлэһэр этибит. Байкалга буолар аан дойду Кубогар, Магадаҥҥа, Москваҕа тиийэ күрэхтэспитим.

– Норуоттар икки ардыларынааҕы «Саха сирин бриллианнара» куонкуруска хаһыс да сылын ситиһиилээхтик кыттаҕыт.

– Бу Сахабыт сиригэр үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар куонкурус бастаан тэриллиэҕиттэн кыттабыт. Миэстэлэһэбит, анал ааттарга тиксэбит. Наар бэйэбин кытта бииргэ сылдьан уһанар уоллаахпын – Михайлов Август Виссарионович. Ньурба улууһун Өҥөлдьөтүн уола. Мин бэйэм онно улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим. Быйылгы "Саха сирин бриллианнара" куонкуруска сүүмэрдээһини ааһан, кыттарга ыҥырыы тутан олоробут. Куонкурус икки сиринэн буолуохтаах: Орджоникидзе болуоссатыгар блиц турнирга, 202-с түөлбэҕэ улахан мууска, икки күн хаарга кыттыахтаахпыт.

 – Холобур туттар уус киһилээххин дуо?

– Баар бөҕө буоллаҕа. Бэйэлэрин үлэлэригэр, дьарыктарыгар ыкса бэриниилээх улахан уустар. Барыларын кытта билсэбит, алтыһабыт.

 – Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

– Кэргэннээхпин. Оскуолаҕа учууталлыыр. Икки уол оҕолоохпут. Оҕолорбут улаатаннар куоракка үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар. Кинилэринэн төрөппүт быһыытынан киэн туттабыт.

– Ханнык баҕарар дьоҕур удьуордаан, утумнаан бэриллэр дииллэр…

– Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ аҕабыт уһанар этэ. Онон буолуо, бииргэ төрөөбүттэр бары уруһуйдуур, уһанар дьоҕурдаахпыт. Убайдарбын, бырааппын улахан уус дьон диэтэхпинэ, бука, алҕаһыам суоҕа. Кинилэр Аляскаҕа, Канадаҕа, Кытайга буолбут куонкурустарга кыайан тураллар. Германияҕа баран муус оҥоһук оҥороллор. Кыра быраатым – муосчут, муус оҥоһук күрэҕэр күүстээх скульптордартан биирдэстэрэ.

 – Григорий Егорович, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтал буоллун! Күүтэр күрэстэргэ ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр этэҥҥэ олоҕу баҕарабын.

Бэйэтэ туһунан алыптаах, кэрэ эйгэлээх, көхтөөх уран уустар түмсэр түһүлгэлэригэр күөн көрсөөрү бэлэмнэнэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ис сүрэхпититтэн ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

 

Хаартыскалар: Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын уонна Григорий Максимов тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....