18.11.2024 | 21:16

Ыччат дьоммут ыралара ыраас, санаалара сандаархай

Ыччат дьоммут ыралара ыраас, санаалара сандаархай
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
Бөлөххө киир

(Хатаска үлэһит ыччаттар икки ардыларыгар айар-тутар “Ситим” күрэх буолан ааста)

 

Ыччат дьон ыыра киэҥ, эдэр дьон эйгэтэ эйэҕэс, норуотун уруккутун умнубат, дойдуга бэриниилээх буоллаҕына, бу норуот, бу дойду инникилээх буолара саарбаҕа суох. Норуот быһыытынан саамай уратыбыт, күөн туттарбыт тылбыт-өспүт, үгэстэрбит. Онтон уран тылбыт уйата, төрүт тылбыт кэрэтэ, түгэҕэ көстүбэт дириҥ далайа, уҥуоргута биллибэт уораҕайа, хааһахтан хостонор хаһаас тыллара, үрүҥү-хараны араарар бөлүһүөк өйө – олоҥхоҕо.

Бу күннэргэ Хатаска “Тускул” КК буолан ааспыт үгэскэ киирбит үлэлиир-үөрэнэр ыччат дьоммут икки ардыларыгар “Ситим - 2024” диэн айар-тутар куонкурус “Олоҥхо - олохпут ситимэ” бырагыраама чэрчитинэн буолар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ буолла. Бу ааттаммыт бырагыраама Хатас сиригэр ситиһиини, кыайыыны-хотууну, сайдыыны-үүнүүнү аҕалтаабыта элбэх. Кыайыы-хотуу күрэхтэргэ, күөн көрсүһүүлэргэ эрэ буолбакка, аныгы дьалхааннаах, киэҥ хардыылаах, баламат далааһыннаах олох долгунугар оҕустарбакка сахалыы өйбүтүн-санаабытын, үгэстэрбитин тутан олорорбутугар төһүү күүс диэн бэлиэтээн этиэхпитин наада.

Дьэ уонна тэрээһиммит ис туругун, сыалын-соругун, ис тутулун билиһиннэрэр буоллахха, маннык.

Биллэн турар, маҥнайгы сүрүн сыал-сорук – түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах, дойду туһугар диэн биир сыаллаах-соруктаах буолуу. Бу туһугар бэйэ-бэйэни өйдөһүөххэ, өйөһүөххэ, ситэрсиэххэ, күүс-көмө буолуохха наада. Мантан сиэттэрэн ыччат ханна да үлэлээтин-үөрэннин, Хатаһыгар, Дьокуускайыгар, Сахатын сиригэр бэриниилээх, дойдумсах буолуута (патриотизм) үөскүөхтээх. Бу сыалы ситиһэргэ араас ньымалартан ордуктара куонкурустары, бэстибээллэри, көрүүлэри тэрийии буолар. Хатас олохтоох дьаһалтата, “Тускул” КК бу хайысхаҕа бииргэ үлэлээн үтүө түмүктэрдээх – кэккэ сылларга Хатас ыччаты кытта үлэҕэ Дьокуускай куорат дьаһалтатынан үрдүктүк бэлиэтэнэн турар. Быйылгы тэрээһин эмиэ сүрдээх сэргэхтик, чэпчэкитик, ис-иһиттэн сырдыктык, сылаастык барда. Манна биири ордук тоһоҕолоон бэлиэтээн этэрим – хамаандалар бары биһиги бары Хатас туһугар диэн өйдөбүллээх буоланнар, «эн балыыһаҕын, мин оскуолабын» дэһии суох, бары биир дьиэ кэргэн курдук истиҥ сыһыан сылаас тыына баар. Тоҕо диэтэргин бу ыччат үксэ биир хамаанда буолан спортивнай, култуурунай, уопсастыбаннай уо.д.а. хайысхаларга Хатастарын аатын көмүскүүр дьон. Ол да буоллар күрэх аата күрэх, эрдэттэн биллэриллибит балаһыанньанан 5 түһүмэххэ бэлэмнэнэн кэлэн кииристилэр.

Түһүмэхтэр

Тэрээһиммит аһыллыытыгар бу хамсааһыны саҕалааччылартан, төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бу мантан сайдан-үүнэн тахсан, күн бүгүн “Ситим” айымньы дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы, Куорат Дууматын дьокутаата Алексей Дмитриевич Осипов эҕэрдэлээтэ, ситиһиилэри баҕарда. Тэрээһин Хатастааҕы норуот тыйаатыра туруорбут Сергей Зверев суруйан хаалларбыт “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардыыттан саҕаланна.

Түһүмэхтэргэ киирдэххэ, хартыына маннык буолла. Бэйэни билиһиннэриигэ билиҥҥи кэм ирдэбилинэн аныгы технологияны, видеоматырыйаалы хото туттан, бэйэтэ кыра-кыра киинэлэри көрдүбүт. Ирдэбил быһыытынан уһаабыта 3 мүнүүтэ иһигэр төһө кыалларынан толору ис хоһоонноох роликтары оҥорбуттар. Бу өттүн Хатастааҕы орто оскуола хамаандата үрдүк таһымҥа оҥорбут, ол эрэн атыттар даҕаны хаалсыбатылар. Иккис түһүмэххэ олоҥхоҕо аналлаах викторинаҕа эппиэттээтилэр. Үһүс түһүмэххэ корнхолл диэн көрүҥҥэ кииристилэр. Маны библиотека үлэһиттэрэ бэлэмнээн ыыттылар. Көрдөххө бэрт борустуой эрээри, иһэ-истээх көрүҥ эбит диэн буолла. Ким эрэ аһара быраҕар, ким эрэ чуут-чуут тиэрдибэт, ким эрэ кыра очукуолаахха түһэрэр. Хамаандалар бэйэ-бэйэлэрин очукуоларын ааҕа турар буоланнар, дьэ, тыҥааһын диэн манна баар этэ. Ол кэннэ сахалыы ырыаларга караокэҕа ыллааһын ыытылынна. Күн бүгүн уостан түспэт эдэр ыччат ырыалара да бааллар, тоҕооһун сүтэрбэтэх урукку да ырыалар бааллар. Саха киһитэ сатаабатаҕа суох диэни манна көрдүбүт, сорох хамаандалар бэлэм квинтеттэр эбит диэн буолла. СӨ үтүөлээх суруналыыһа Милин Афанасьев уот харахха эппитинии, ырыа ыардары кэрэнэн кыайарга олус үчүгэй  ньыма. Ол ханнык баҕарар ырыа уус-уран оҥоһуулааҕыттан, ураты туспа уйулҕалааҕыттан буолар. Түмүктүүр түһүмэх талааны көрдөрүү этэ. Түһүмэх аата да этэринии, талба талааннар арылыччы арылыннылар. Оскуола хамаандата сахалыы дорҕоон добунун, ырыа тойук маанытын көрдөрдө-иһитиннэрдэ, манна баар сахалыы үнүстүрүмүөннэр, тойукка киирии дорҕоонноро, дьөһөгөйү туойар дэгэрэҥ тэтимнээх норуот ырыата. Көрөөччүлэр сахабыт тылын-өһүн кэрэтин, төрүт дорҕоон добунун субу курдук ээр эрэхтэн эккэ-хааҥҥа иҥэрдэххэ сахатынан киэн туттааччы элбииригэр эрэллэрэ улаатта. Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хамаандата Хатастарын олоҥхо тылынан ойуулаан аахтылар, төрүт дьарыктары көрдөрдүлэр уонна оһуохай тылынан түмүктээтилэр. Атын хамаандалар ырыа ылбаҕай эйгэтин туһанан, ыччат, бэйэлэрин идэлэрин туһунан ырыалары бэрт сайаҕастык толордулар.

Күрэҕи ким сыаналаата?  

Дьэ, этэргэ дылы, манна дьоһун дьон олордулар, үтүө дьон көрдүлэр. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын ыччаты уонна уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ управлениетын салайааччыта  Анастасия Угарова бэрэссэдээтэллээх 5 киһилээх дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Анастасия Спиридоновнаны кытта бу управление исписэлииһэ Анита Хан уонна Хатас ыччатын аатыттан оҕо эрдэҕиттэн көхтөөх, хаһан даҕаны чуумпуран олорон хаалбат, куруутун саҥаттан саҥаны, сонуну, туһалааҕы булан дьарыктанар ырыа айааччы, уйулҕаһыт, сааһыттан тутулуга суох ханнык баҕарар киһини кытта тапсан алтыһар, үтүө сүбэһит, кыайары да, кыайтатары да уйар Сайнаара Данилова, аныгы олох тэтимин, олох тыгыалас тымырын ытыс иһигэр тута сылдьар кэргэннии Игорь Андреев, Наталья Протопопова күрэх кыттыылаахтарын, этэргэ дылы, алаадьы курдук эргитэ сылдьан бары өттүттэн сыаналаатылар. Дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарар кэмигэр эдэр ыччат сэбиэтин ахтыбыыстара Николай Слепцов, Белла Сильвестрова  көрөөччүлэри кытта оонньуу арааһын ыытан, араас үчүгэй бириистэри түҥэттилэр. Ити курдук бу тэрээһиҥҥэ кэлбит киһи хас биирдиитэ үөрүү-көтүү, күргэ көтөҕүллүүтүн көтөлүгэр олордулар.

Түмүк тылы этэригэр Анастасия Спиридоновна Хатас ыччаты кытта үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарын уонна ол таһымын түһэрбэтин бэлиэтээн, тоһоҕолоон эппитин мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Манна өссө биир кэрэхсэбиллээҕэ, хамаандаларга тэрилтэ салайааччыларыттан саҕалаан кинилэр бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ бааллара бииргэ буолуу, түмсүүлээх буолуу күүһүн көрдөрдө. Тэрийээччилэр ааттарыттан бу көстүүгэ махтал тылы үрдүк сценаттан Вилена Константинова тириэртэ. Онно  Хатас уччастактааҕы балыыһатын сэбиэдиссэйэ Елена Семеновна Брусенина идэлээх сойууһун маҥнайгы сүһүөх тэрилтэтин салайааччыта Лариса Ивановна Аргунова, Хатастааҕы  “Ситим” айымньы дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы, Куорат дууматын дьокутаата Алексей Дмитриевич Осипов, Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Ангелина Романовна Степанова, Хатастааҕы 8 №-дээх баһаарынай чаастан Сардаана Алексеевна Сосина, Хатастааҕы 70 №-дээх “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын тутаах үлэһитэ Ольга Константиновна Васильева бааллара бу тэрээһин суолтатын, таһымын үрдэппитэ мөккүөрү үөскэппэт.

Кыайыылаахтар

“Тускул” КК бу тэрээһин умнуллубат түгэннэрин сонно тута хаартыскаҕа түһэрэн, бэчээттээн биэрэн, соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтэ. Үөрүүлээх-көтүүлээх, сүргэ көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга хас биирдии кыттыбыт киһи бэлэх-туһах тутта, бастыҥтан бастыҥ хамаандалар уу харчынан бириэмийэ туттулар. Дьэ уонна кыайыылаахтар туппут уу харчынан бириэмийэлэрин олохтообут спонсордары сырдатан ааһар олус тоҕоостоох. Бастакы миэстэни ылбыт Хатас орто оскуолатын хамаандата тутуу эйгэтигэр эрэллээхтик хардыылыыр, дьон-сэргэ эрэлин-итэҕэлин ылбыт “Гедеон” хампаанньа туруорбут 10000 солкуобайын тутта. “Гедеоннар” Хатаспыт сайдыытыгар кылааттара кырата суоҕун нэһилиэнньэ барыта билинэр. Ол курдук Хатаска буолар биир улахан тэрээһин кинилэрэ суох барбат.

Иккис миэстэни ылбыт Галина Семеновна Николаева сэбиэдиссэйдээх өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биллэр үлэлээх, сахалыы тыыны өрө туппут Хатастааҕы 70 №-дээх “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын уонна Семен Константинович  Рожин начаалынньыктаах Хатастааҕы 8 №-дээх баһаарынай чаас үлэһит ыччаттарын холбоһуктаах хамаандата Хатас нэһилиэгэр ыччаты кытта үлэлиир, үлэлээн ааспыт Ольга Константиновна Васильева, Семен Семенович Игнатьев, Саргылана Тарасовна Стручкова, Алексей Дмитриевич Осипов, Наталья Ивановна Руфова, Рада Иннокентьевна Петрова, Надежда Петровна Дьячковская буолан хомуйбут 7500 солкуобайы туттулар.

Үһүс миэстэҕэ тиксибит Дьокуускай куоракка үлэлиир-хамсыыр Хатас ыччата Хатаспыт биир саамай убаастанар, дьиҥ-чахчы дойдуга бэриниилээх Александр Михайлович Павлов аатыттан 5000 солкуобайы ыллылар.

Тэрээһин бүппүтүн кэннэ итиитинэ тэрийэр хамыыһыйа үлэ түмүгүн ырыттылар, табыллыбыт, табыллыбатах өрүттэрин чуолкайдаатылар. Инньэ гынан ситимнээх үлэ туоһута буолбут “Ситим-2024” куонкурус сыалын-соругун толору ситистэ, инникигэ былааны ылынна.

 

Түмүк

Түмүкпэр Хатас олохтоох дьаһалтатыттан Семен Семенович Игнатьевка, “Тускул” КК Вилена Михайловна Константинова салайааччылаах тэрийэр хамыыһыйа үлэни-хамнаһы кыайа тутан, ситимнээх үлэ үтүөтэ дьэҥкэтик көһүннэ диэн туран барҕа махталбытын тиэрдэбит.

 

Зоя Ивановна Баишева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....