18.11.2024 | 11:38

Дьон сөбүлээн түмсэр сирдэринэн библиотекалар буоллулар

Дьон сөбүлээн түмсэр сирдэринэн библиотекалар буоллулар
Ааптар: Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ саамай дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, түмсэр сирдэринэн библиотекалар буоллулар. Үлэһиттэр хас биирдии киһини үөрэ көрсөн, араас тэрээһиннэригэр ыҥыран үөрдэллэр, кэм ханна эрэ туһалаах курдук сананаҕын. Норуокка этэллэринэн, “Ханна үөрэ көрсөллөр да, онно киһи ордук тардыһар”.

Дьокуускай куорат Вера Петровна Осипова салайааччылаах Мархатааҕы “Встреча” библиотекатын кэлэктиибэ үгүс дьону-сэргэни үөрэ көрсөн, бэйэлэрин тула түмэллэрин уонна киэҥ хабааннаах олус интэриэһинэй тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыыталларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Маны таһынан, Марха уруккутун үөрэтэр, бэрт кэрэхсэнэр былыргы хаартыскалары, тэриллэри, кинигэлэри быыстапка оҥорон тиэмэлэринэн туруоран, дьоҥҥо кэпсээн киэҥник сырдаталлар. Хас биирдии быыстапкаҕа турар былыргыны кэрэһэлиир саһарбыт хаартыскалары, докумуоннары Вера Петровна уу сахалыы иэйиилээхтик кэпсиирин саастаах дьон олус астына, дуоһуйа истэбит. Бэйэтин үлэтин үчүгэйдик билэр, араас саастаах дьон, араас көрүүлээх, билиилээх киһи сылдьарын табан кэпсэтэн, быһааран, наадыйар кинигэлэрин булан биэрэн, оҕолорго сүбэлээн, быһааран, күннээҕи үлэтэ көдьүүстээхтик түмүктэнэр. Салайааччы киһи күн ахсын саҥаттан саҥаны толкуйдаан, үлэһиттэрин дьарыктарын сөптөөхтүк аттаран, үлэтин туһугар элбэх сыратын биэрэрин түмүгэр үлэ таһаарыыта үрдүүрэ чахчы. Ону сэргэ хас биирдии кинигэ ис хоһоонун дьоҥҥо тиэрдии, картотекаларын толоруу түбүгэ аата-ахсаана суоҕа биллэр.


Саха сиринээҕи "Дууһабытынан эдэрбит" киин "үрүҥ көмүс" волонтердарын оҥоһуктара "Встреча" библиотекаҕа алтынньы 26 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри быыстапкаҕа турдулар. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан "үрүҥ көмүс" волонтердар илиинэн оҥорбут араас үлэлэлэрэ сэргэхтик наарданан туруоруллан, олохтоохтор сэҥээриилэрин ылла.  Валентина Васильевна Егорова (Ньурба, Маар), Александра Фомична Оконешникова (Чурапчы, Мугудай), Елизавета Петровна Егорова (Ньурба, Маалыкай), Галина Алексеевна Чукрова (Уус Алдан, Найахы), Анастасия Гаврильевна Мигалкина салайааччылаах «Күндүүнэ» (Уус Алдан, Мүрү),  Надежда Прокопьевна Петрова салайааччылаах «Ситим» (Бүлүү улууһа), Жоржетта Ивановна Текеянова салайааччылаах «Сандаара» (Горнай, Маҕарас) түмсүүлэр «үрүҥ көмүс» волонтердарын олбохторо быыстапканы ситэрэн биэрдилэр. Мантан салгыы Елизавета Юрьевна Большакова салайааччылаах "Эркээни" түмсүү «үрүҥ көмүс” волонтердарын оҕуруонан дьэрэкээн хартыыналара быыстапкаҕа уурулуннулар, онтон бииргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуола тулаайах уонна көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорун оҥоһуктарын Анна Валерьевна Филиппова туруоран көрдөрөр былааннаахтар.
Инникитин бу библиотекабыт үлэтэ сайдан, кэҥээн иһэригэр баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....