15.11.2024 | 12:00

Саха тылын «САЙЫН»-нарыахха

Саха тылын «САЙЫН»-нарыахха
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Бэрэсидьиэн култуураҕа көҕүлээһинин пуондатын күрэҕин кыайыылааҕа – Дьокуускай куораттааҕы В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека “Саха тылын сайыннарыыга уонна төрөөбүт тылынан ааҕыыга медиа-лаборатория” бырайыагын үлэтин кытта билистибит. Бырайыак оҕо аймахха саха тылын тириэрдиигэ туһуланар.
Бэлиэтээн эттэхпитинэ, библиотека сэбиэдиссэйэ – Екатерина Ильинична Пашнина. Кыраайы үөрэтэр салаа салайааччытынан Айталина Федоровна Прядезникова үлэлиир.

«Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин»

Ойуунускай. “Кыһыл ойуун”. Ааҕааччыларга. 1925.

 

Колесова Саргылана Лазаревна, В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека сүрүннүүр исписэлииһэ

Саргылана Лазаревна, библиотека саҥа сүүрээн үлэтин туһунан билиһиннэр эрэ.

– Библиотекабыт кыраайы үөрэтэр хайысхатыгар саҥа сүүрээнинэн саха тылын сайыннарар соруктаах “медиа-лаборатория” диэн тосхол буолар. Биһиги Дьокуускай куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын кыраайы билиигэ, үөрэтиигэ көҕүлүүбүт. Төрөөбүт тылбытын харыстыыр, сайыннарар уонна култуурабыт таһыма үрдүүрүн ситиһэр соруктаах үлэлиибит. Ол биир хайысхатынан оҕолорго аналлаах MEDIALAB дьарыкпыт буолуоҕа.

Бу медиа-лаборатория туһунан сиһилии ааҕааччыларбытыгар быһааран биэриэҥ дуо?

– В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека Арассыыйа Бэрэсидьиэнин пуондатын култуура эйгэтигэр күрэҕин иккис таһымыгар кыайан, 1 мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобай үптээх граны ылар кыаҕы ситиспитэ. Салайааччы Надежда Васильевна Павлова.

Бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан эдэр көлүөнэ, ыччат дьон төрөөбүт тылынан ааҕарын, саҥарарын, толкуйдуурун сайыннарыы буолар. Ол эбэтэр оҕолор биир саастыылаахтарыгар аналлаах интэриэһинэй сахалыы контент оҥорон таһааралларын ситиһии. Ону таһынан холобур буолар лидердэри үөскэтии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар.

Саргылана Лазаревна, оҕолорбут төрөөбүт тылга интэриэстэрин бүгүҥҥү туругун туох диэҥ этэй?

Билиҥҥи кэмҥэ интэриниэт, социальнай ситим оҕо олоҕор суолтата улаханын бары билэбит. Үүнэр көлүөнэ ыччаппыт төрөөбүт тылыгар интэриэһэ намтаабыта куйаар ситимэ өтөн киириитин кытта быһаччы ситимнээх – оҕону кэрэхсэтэр контент нууччалыы уонна английскайдыы дэлэйдик тахса турар. Биһиги бу  медиа-лабораториябыт нөҥүө оҕолорбутун бу хайысхаҕа сайыннарарга дьулуһуохпут. Биһиги санаабытыгар, оҕолор бэйэлэрэ сөбүлээн көрөр-истэр контеннарын сахатытыы кинилэргэ үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыаҕа. Төрөөбүт тылларын кэрэхсиир дьон буола улаатыахтара, сахалыы ааҕарга, кэпсэтэргэ кыһаллыахтара.

Сүрдээх кэскиллээх бырайыак эбит. Медиа-лабораторияҕа кыттыһыан баҕалаах оҕолору барыларын ылаҕыт дуо?

Хас биирдии  оҕо холонон көрүөн сөп. Ол иһин бастакы айар сорудахтарынан бэйэлэрин билиһиннэрэр  видео-визитканы устуу буолуоҕа. Бу бырайыагы бастаан олоххо киллэрэр кэммитигэр Дьокуускай куорат кэккэ оскуолаларыгар тирэҕирбиппит. Алтыс кылаастан саҕалаан уон биирис кылаастары кытта хабан, 25 оҕоҕо тиийэ дьарыктаммыттара. Ол курдук, Антонина Гаврильевна уонна Николай Константинович Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыттан, «Айыы кыһата» национальнай гимназияттан, Дьокуускай куорат 7; 17; 24 уонна 38 нүөмэрдээх оскуолаларыттан бу бырайыагы саҕаласпыт оҕолордоохпут. Быйылгы үөрэх дьылын саҥа састаабынан саҕалаан эрэбит.

Олус үчүгэй дии. Кылгастык медиа-лаборатория олоҕуттан быһа тардан кэпсээтэргин.

Медиа-лабораториябыт биһиги библиотекабыт иһинэн үлэлиир “САЙЫН” диэн ааттаах улахан бырайыак биир хайысхата. Чахчы даҕаны, хас биирдии дьарык нөҥүө оҕо сайдар. Онон кини төһөнөн үөрэнэр даҕаны, соччонон бэйэтин сайыннарар.

Дьарыктарбыт нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыллаллар. Оҕолор сахалыы муусука доҕуһуоллаах интэриниэт-контент оҥорорго, видео устарга уонна таҥарга, сахалыы тылынан подкаст оҥорорго үөрэнэллэр. Маҥнай сахалыы олуттаҕастык кэпсэтэр оҕолор сыыйа саҥалара тупсарын бэлиэтии көрөбүт. Онон сахалыы саҥарарга үөрэнии, сахалыы кинигэни ааҕыы, сахалыы элбэх саппаас тылы билии, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылынан кэпсэтии курдук олус туһалаахха үөрэнэллэриттэн оҕолортон даҕаны, төрөппүттэр да өттүлэриттэн элбэх үтүө тылы истэбит.

Ону ааһан оҕолор видео устар, интервью ылар, монтаж оҥорор оборудованиелары баһылыырга үөрэнэллэр.

Саргылана Лазаревна, үүнэр көлүөнэ ыччакка ыытар дьоһуннаах бырайыаккыт кэккэтэ кэҥии, хамаандата хаҥыы, түмсүүтэ түстэнэ турдун диибит!

* * *

“Үтүө күнүнэн, оҕолор!” –  диэбитинэн МЕДИАЛАБ диэн суруктаах анал хоско киирэбин. Манна баар эбит эҥин-эгэлгэ аппаратура арааһа –видеокамераттан саҕалаан, проектор, штатив улахана, кырата, анал уот-күөс, аудио устарга аналлаах микрофоннар, араас микшердэр. Быһатын эттэххэ, оҕо аймах үүнэригэр-сайдарыгар туһуламмыт толору хааччыллыылаах, тупсаҕай оҥоһуулаах устуудьуйа!

Бастакы дьарыкка уонча оҕо кэлбит. Бүгүҥҥү дьарык маҥнайгы чааһын тиэмэтэ – нейросеть. Бу тыл өйдөбүлүттэн саҕалаан, нейросеть киинэ устарга, видео оҥорорго туох көмөлөөҕүн туһунан библиотека үлэһитэ Эльвира Петровна Тобонова сиһилии билиһиннэрдэ. Оҕолор тутатына көмпүүтэр иннигэр олорон, бэйэлэрин баҕа санааларынан персонажтары оҥорон көрөннөр, бастакы сүрэхтэниилэрин аастылар. Нейросеть көмөтүнэн сценарий торумун оҥоруу кыаллыан сөбүн билэн, кыргыттар кыракый сценарий оҥорон холоннулар. Бириэмэ түргэн баҕайытык ааһа оҕуста. Сынньалаҥҥа сылдьар кэмнэригэр оҕолор санааларын иһиттим.

Настя Кривогорницына, 2-с кылаас үөрэнээччитэ:

Мин төлөпүөммэр реклама аахпытым. Ону ийэбэр көрдөрбүтүм уонна манна кэлиэхпин баҕарарбын эппитим. Сахалыы ааҕыахпын баҕарабын. Уонна принцесса туһунан видео устарга үөрэниэхпин баҕарабын.

Каролина Федотова, 2-с кылаас үөрэнээччитэ:

Саамай үрдүк хайаҕа тахсыбыт кыыс баар. Ол кини туһунан киинэ оҥорор баҕа санаалаахпын. Библиотекаҕа саҥа кэллим. Манна элбэх кинигэ баарын көрдүм.

Байсар, Саян, Рая, Анжелина, 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ:

Биһиги Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар биир кылааска үөрэнэбит. Медиа-лаборатория туһунан аан бастаан кылааспыт салайааччыта Ольга Николаевна кэпсээбититтэн интэриэһиргээбиппит. Оҕолорго аналлаах көрүдьүөстээх түгэннэри устарга үөрэниэхпитин уонна ону бэйэбит оҥоруохпутун баҕарабыт. Бу дьарыкка сылдьаммыт элбэҕи билиэхпит диэн эрэллээхпит. Биһиги кылааспыт отут оҕото бары сылдьар былааннаахпыт.

Дьарык иккис чааһа саҕаламмытыгар, оҕолор миэстэлэрин хап-сабар булан, олорунан кэбистилэр. Билигин атын тиэмэни, о.э. подкаст туһунан бу бырайыак салайааччыта Саргылана Лазаревна Колесова саҕалаата.

Манна анал бырагыраама нөҥүө тэхиньиичэскэй өттүгэр болҕомто ууран быһаарда. Оҕолор подкаст оҥорорго сахалыы ыраастык уонна дорҕоонноохтук ааҕыы ирдэнэрин өйдөөтүлэр.

Бу кэннэ Дьокуускай куорат киинэ тыйаатырдарыгар көстө турар режиссер Михаил Лукачевскай “Өрөгөй” киинэтин туһунан санаа атастаһыы сахалыы тылынан буолла. Оҕолортон бу киинэҕэ биир эрэ кыыс сылдьыбыт. Оҕолор бу кэпсэтии мээнэ бириэмэни атаарыы буолбатаҕын, кэлэр сорудах бу тиэмэҕэ буолуохтааҕын өйдөөтүлэр. Онон салгыы “Саха чулуу тустууктара” диэн тиэмэнэн подкаһы хайдах оҥоруохха сөбүн болҕойон иһиттилэр.

Бу кэннэ микрофону туһанан саҥаран көрдүлэр, бэлэм иһитиннэриини доргуччу ааҕан холоннулар. Түмүгэр “Өрөгөй” киинэни көрөргө дьиэҕэ үлэ быһыытынан сорудах ыллылар.

Дьарык буола турдаҕына биир кыыс киирэн кэллэ. Тутатына дьарыкка кыттыспытынан барда. Кыыс төлөпүөнүгэр оҥорбут уруһуйун кэпсээбитин оҕолор бэркэ сэргээтилэр. Бэйэтин туһунан билиһиннэрбитин  болҕомтолоохтук иһиттилэр.

Мин аатым Нарыйаана. Ону кылгатан Нана диэн ааттанабын. 11-с кылааска үөрэнэбин. Мин күннээҕи кэпсэтиим барыта нууччалыы тылынан. Сахалыы сатаан саҥарбаппын. Кыратык өйдүүбүн эрэ. Уруһуйдуурбун олус сөбүлүүбүн. Сахалыы тыыннаах уруһуйдары оҥорорбор бу дьарыкка сылдьаммын элбэххэ үөрэниэм дии саныыбын. Ойуулуктары оҥорууну интэриэһиргиибин.

Ити курдук оҕолорбут саҥа технологиялары, анал оборудованиелары, бырагыраамалары билсэн, төрөөбүт тылынан видеоҕа устуу үөрүйэхтэригэр маҥнайгы хардыыларын оҥорон, өссө дьиэҕэ сорудахтаах тарҕастылар. 

Эльвира Петровна Тобонова, библиотекарь, социальнай ситимнэринэн дьарыктанар үлэһит:

– Бу бырайыакка мин быйылгыттан эрэ кэллим. Оҕолордуун үлэлиир интэриэһинэй. Кинилэртэн бэйэм эмиэ үөрэнэр буолуохтаахпын дии саныыбын. Бүгүҥҥү дьарыктан көрдөхпүнэ, оҕолорго сахалыы кэпсэтии тиийбэтэ көстөр. Ону саҥарар интонацияларыттан киһи дэбигис быһаарар. Медиалаб бырайыакпыт нөҥүө интэриниэт ситиминэн үлэҕэ эрэ буолбакка, сахалыы ааҕыыга, сөпкө саҥарыыга, саҥа тыллары билиигэ, сахалыы толкуйга үлэбит туһуланар.

Былатыан Ойуунускай:  “Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин”,     диэн  1925 сыллаахха ааҕааччыларыгар эппит этиитэ үүнэр ыччат дьоммутугар тиийиэхтин.

 

Хаартыскалар: ааптар түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....