21.11.2024 | 12:00

Сыыппараҕа көһүү — сайдыы тирэҕэ

Сыыппараҕа көһүү — сайдыы тирэҕэ
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Сэтинньи 12-13 күннэригэр Дьокуускайга “Үлэ кыбартаала” креативнай кластерга “Цифровой алмаас” үһүс федеральнай таһымнаах форум буолан ааста. Форум Арассыыйа Сыыппара сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияҕа министиэристибэтин быһаччы өйөбүлүнэн үһүс сылын ыытыллар. Быйылгы форум сүрүн тиэмэтэ – дойду регионнарын бастыҥ технологияларын киллэрии, бу эйгэҕэ бырагыраамалары үксэтии, ырыынагы үөскэтии, нэһилиэнньэни түргэн тэтимнээх интэриниэтинэн хааччыйыы, электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллар судаарыстыба өҥөлөрүн үксэтии уо.д.а. Санатар буоллахха, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал ыйааҕар бу хайысха биир сүрүн национальнай сорук быһыытынан киирэн турар.

Быйылгы “Цифровой алмаас” форум хаһааҥҥытааҕар да үгүс кыттааччыны түмтэ диэн үгүс таһаарыыларга бэлиэтээтилэр. Ол курдук, Саха сирин араас муннугуттан, Арассыыйа 70 регионуттан, Кытай, Индия, Казахстан уонна Узбекистан курдук тас дойдулартан барыта 2600-тэн тахса кыттааччы кэлэн цифровой сайдыыга сыһыаннаах үлэтин-хамнаһын көрдөрдө, уопутун атастаста. Балар истэригэр олохтоох Саха сирин сонун сүүрээни киллэрэр тэрилтэлэрэ элбэхтэрэ үөрдэр. “Дьон биһиэхэ уопутун атастаһа, ситиһиитин үллэстэ кэлэр. Маннык санаа атастаһыытыгар, бу билбити олоххо туһаныыга цифровой сайдыы кистэлэҥэ сытар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр креативнай индустрия  тэтимнээхтик сайдар. Анимацияҕа, киинэҕэ, атын да айар хайысхаларга ситиһиилэрдээхпит. Дойду хотугулуу-илин өттүн бүтүннүү холбуохтаах “Синергия Арктики” бырайыак оҥоһуллар. Дойду бэрэсидьиэнэ сылдьыбыт “Үлэ кыбартаала” үлэлиир. Владимир Путин Саха сирин ситиһиитин үрдүктүк сыаналаан турар”, диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Форум чэрчитинэн икки күн устата 4 сүрүн хайысханан уопсайа 40-тан тахса тэрээһин ыытылынна. Быыстапкалары сэргэ цифровой экономика инники күөҥҥэ сылдьааччылара, араас салаа экспердэрэ түмсэн, Арассыыйа технологиянан сайдыытын ырытыстылар. Ол түмүгэр экспердэр дьоһун быһаарыылары ылыннылар, бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥнэри түһэрсиилэр буоллулар. Форум иккис күнэ Саха сиригэр бэлиэтэнэр Инновация күнүгэр сөп түбэспитэ бэйэтэ туһунан бэлиэ түгэн буолла. Бу күнү Саха сирин сайдыытыгар үгүс кылааты киллэрбит, инновационнай сайдыыга олугу уурбут бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаевы кэриэстээн кини төрөөбүт күнүгэр, сэтинньи 13 күнүгэр, бэлиэтиибит.

Адептус Механикус уонна TechWizard хамаандалар

Форум чэрчитинэн киэҥ далааһыннаах дьыалабыай бырагырааманы таһынан “В8” акселератордар финаллара, олохтоох софт (бырагырааманан хааччыйыы), сонун тэриллэр быыстапкалара, кыттааччылары сэргэхситэр араас хайысхалаах култуура тэрээһиннэрэ уо.д.а. ыытылыннылар.

Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ ИТ өҥөнү экспордааһыҥҥа Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьарын, Арассыыйаҕа 10 иһигэр киирэрин бу федеральнай форум ыытыллыбыт таһымыгар, хабар далааһыныгар да көрүөххэ сөп диэн этэр тоҕоостоох.

Форум түмүгэ: хас даҕаны сөбүлэҥҥэ илии баттанна, билиҥҥи кэмҥэ ордук тоҕоостоох боппуруостар ырытылыннылар, сыыппара эйгэтигэр саҥа оҥоһуктар көрдөрүлүннүлэр. Бу сыл түмүгүнэн Саха сирин сыыппараҕа экономикатын инвестициялааһыны көҕүлүүр дьоһун быһаарыылар ылылыннылар. Ону тэҥэ кэлэр кэм кыайыыларыгар сирдиир бииргэ үлэлэһиигэ кэпсэтиилэр буоллулар.

 

Саха сирин ыччата – федеральнай форумҥа

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет инженернэй факультетын Информационнай уонна цифровой технологияларга кафедратын преподавателлэрэ уонна бу факультет “Информационнай тиһиктэр уонна технологиялар” хайысхаҕа үөрэнэр устудьуоннара “Цифровой Алмаас” федеральнай форумҥа көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, кинилэр форум чэрчитинэн ыытыллыбыт араас тэрээһиҥҥэ сылдьан элбэх саҥаны, интэриэһинэйи билбиттэр, хакатоҥҥа (ИТ эйгэҕэ хамаанданан күрэхтэһии көрүҥэ) бэрт ситиһиилээхтик кыттыбыттар. «Hack-the-ICE х B8» хакатоҥҥа (Hack-the-ICE бырагырааманы оҥорооччулар марафоннара, Б8 анал бырагыраама) АГАТУ икки хамаандата киирсибит. Кинилэр «Акселератор B8» таһымҥа тахсаннар, 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти туппуттар. Уолаттар бу күрэхтэһиигэ кыттыыларын туһунан санааларын үллэстэллэр:

Александр Афанасьев, АГАТУ инженернэй факультетын ИСИТ-21 4-с кууруһун устудьуона, “TechWizard's” хамаанда:

–  “Цифровой Алмаас” форумҥа ыытыллыбыт B8 x HACK THE ICE хакатоҥҥа сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан кыттар буолбуппут. Биһиги хамаандаҕа, дьиҥэр, 4-пүт.  Лидербит (менеджер) Айаан Николаев, разработчиктар Максим Тумусов уонна мин, Петр Колесов дизайнер. Хомойуох иһин, биир кыттааччыбыт хакатон буолар күнүгэр кыайан кэлбэккэ, үһүө буолан кытынныбыт. Тэрээһин туһунан этэр буоллахха, бытархай итэҕэстэри аахсыбатахха, барыта олус үрдүк таһымҥа ыытылынна. Саха сирин game-индустриятыгар айыллан тахсыбыт сабыс-саҥа оонньуулары оонньоон көрбүппүттэн, интэриэһинэй дьону кытта билсибиппиттэн олус астынным. Тэрээһин кэмигэр ГТО нуорматын туттаран, анал бэлиэлээх мерч-бэргэһэ туттубут.

Көрсүһүүлэргэ, ырытыһыыларга көтөҕүллүбүт боппуруостары, этиилэри, кырдьыгынан эттэххэ, сорохторун ситэн-хотон өйдөөбөтүм, билбэтим элбэх этилиннэ. Бу курдук хамаанданан хакатоннарга кытта туруохпут диэн түмүк санааҕа кэллибит, бэйэбит технологияларбытын олоххо киллэрэргэ кыһаллыахпыт.

Маннык хабааннаах тэрээһиннэр саҥа технологияларга дьон интэриэһин күүһүрдэллэр уонна бу индустрияҕа Саха сирэ сайдыылааҕын көрдөрөллөр дии саныыбын.

Максим Гараничев, “Адептус Механикус” хамаанда лидерэ, АГАТУ инженернэй факультетын ИСИТ-21 4-с кууруһун устудьуона:

“Цифровой Алмаас” форумҥа олус элбэх интэриэһинэйи көрдүбүт, тус бэйэм ордук геймдев (көмпүүтэр оонньуутун оҥоруу) өттүн интэриэһиргиир буолан, хакатоҥҥа кыттыбыт хамаандалар оонньууларын сэргээтим. Ордук BULT уонна HAAR үлэлэрин сөбүлээтим, инникитин сайдар кэскиллээхтэр диэн көрдүм.

Хакатон уонна питчинг туһунан кэпсиир буоллахха, биһиги хамаанда 7-с салааҕа “Транспорт туругун кэтээн көрөр уонна трекинниир систиэмэни оҥоруу” кытынныбыт. Хамаандабар бааллар: Вадим Левченко Frontend-сайт разработчига уонна дизайнера, Айтал Данилов сайтпыт Backend диэн чааһын оҥорооччу.

Үлэбитин Презентация, МVP оҥорон, бастаан 9-с чыыһылаҕа көмүскээбиппит. Хара бастакыттан кыахпытын холонон көрөр, хамаандабыт түмсүүтүн күүһүрдэр соруктаах этибит. Түмүгэр сүүмэрдээһини ааһан хаалбыппыт. Күөн көрсөөччүлэрбит олус күүстээхтэр этэ биһиги курдук көннөрү холонон көрө буолбакка, кыайар соруктаах кэлбиттэрэ тута көстөрө.  

 

Хаартыскалар Ил Дархан телеграмм-ханаалыттан,

хакатон кыттыылаахтарын тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....