«Якутдорстрой» халтарааны утары үлэни суукканы эргиччи ыытар
«Якутдорстрой» АУо куорат уулуссаларыгар ГОСТ 58427-2020 ирдэбиллэригэр эппиэттиир халтарааны утары үлэни суукканы эргиччи ыытар.
Биир сүрүн тэрээһининэн уулуссалар быһа охсуһууларыгар, оптуобустар тохтобулларыгар кумах кутуу буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу сыалга 1,237 куб/м кубах туһаҕа тахсыбыт.
Халтараантан харыстыыр биир матырыйаалынан 4/8 фракциялаах хайыр таас буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат суолларыгар 338 туонна щебень кутуллубутун иһитиннэрэллэр.
Бу үлэлэргэ күнүскү кэмҥэ КО-806 мааркалаах 9 массыына үлэлиир, түүҥҥү өттүгэр тиэхиньикэ ахсаана 11-гэ диэри улааппыт.
Санатар буоллахха, кумаҕы уонна тааһы кутуу тимир көлөлөөхтөрү эрэ буолбакка, сатыы дьону эмиэ халтараантан харыстыыр. Онон тротуардарга уонна уопсастыбаннай туоналарга эмиэ маннык үлэ ыытыллара кыһыҥҥы өттүгэр сэрэхтээх буолууну хааччыйар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.