«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан 2024 сыллааҕы былаан туолан эрэр
2024 сыл түмүгүнэн Дьокуускай куорат суолларын 80% ирдэбилгэ сөп түбэһэр таһымҥа тахсыахтаах.
Бу күннэргэ Автомобилистар уулуссаларын Автодорожнай уулуссаттан Сэргэлээх күөлүгэр диэри 1350 м усталаах кэрчигин өрөмүөнэ түмүктэннэ.
Сэргэлээх суолун 5 км турар «Берегиня» кииҥҥэ киирэр 0,5 км усталаах суолу хапытаалынай тутуу эмиэ түмүктэнэн эрэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Санатан эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киирбитэ быйыл алтыс сыла. Ааспыт биэс сылга 134 эбийиэк, быһа холоон 160 км суол өрөмүөннэммит буоллаҕына, 2024 сылга 19 эбийиэккэ 31 км 350 м усталаах суолу ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥорор сорук турбута. Онон, 2019 сылга, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак саҥа саҕаланарыгар, киин куорат уулусса-суол ситимин 33%-на эрэ ирдэбилгэ сөп түбэһэр буоллаҕына, 2024 сыл түмүгүнэн ити көрдөрүү 80% тэҥнэһиэхтээх.