09.11.2024 | 10:00

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?

Үлэ бэтэрээннэригэр

Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.

 

Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларын нөҥүө биэрэҕит.

 

ОДьКХ өҥөтүгэр 1604 солк. компенсация көрүллэр. ОДьКХ өҥөтүн төлөбүрэ компенсацияттан аһара барар буоллаҕына, хаттаан суоттааһын оҥоһуллуон сөп. Сайаапкаҕытын МФЦ-га эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө биэрэҕит.

 

Үлэ бэтэрээннэригэр уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтии баар – 567 солк. ый аайы Саха сирин олохтооҕун каартатыгар (АЭБ) түһэр, дастабырыанньата суох айанныаххытын сөп.

 

Санаторнай-курортнай сынньалаҥҥа чэпчэтии – путевка төлөбүрүн 80 % төннөн кэлэр.

 

Өскөтүн киһи Үлэ бэтэрээнин таһынан инбэлиит буоллаҕына, социальнай өйөбүлүн ыларыгар илэртэн биирдэстэрин талыахтаах.

 

Улуу Кыайыы күнүгэр

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын дьаһалынан Кыайыы күнүгэр туспа төлөбүрдэр олохтоннулар: Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар биирдэ бэриллэр 20 000 солк.; сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, ону тэҥэ “Ленинград блокадатын олохтооҕо” бэлиэлээх дьоҥҥо – биирдэ бэриллэр 10 000 солк.; сэрии кыттыылаахтарын, инбэлииттэрин огдооболоругар – биирдэ бэриллэр 5 000 солк.; концлааҕыры ааспыт дьоҥҥо, тыыл бэтэрээннэригэр – биирдэ бэриллэр 5 000 солк.

2024 сылтан сэрии оҕолоругар Кыайыы күнүгэр сыллата 3 000 солк. төлөнөр. Саха сиригэр “Сэрии оҕолорунан” 1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕалаан 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри күн сирин көрбүт Арассыыйа гражданнара ааттаналлар.

Быйыл сэрии 13 кыттыылааҕа Улуу Кыайыы күнүгэр эбии 1 000 000 солк. ылбыттара.

 

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр үрдэтиллибит биэнсийэ

2019 сыллаахтан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 30 сылтан кырата суох үлэлээбит, тыа сиригэр олорор уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ саастарынан эбэтэр доруобуйаларын туругунан анаммыт биэнсийэлэригэр 25 % эбиллэр.

Бу эбии анаммыт төлөбүр биэнсийэлээх кырдьар сааһыгар куоракка көстөҕүнэ, олорор сирин уларыттаҕына даҕаны оннунан хаалар. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин 500 араас идэтэ бу эбии төлөбүргэ хапсар.

 

«Үйэ саас» бэлиэлээхтэргэ – мөлүйүөн

 “Үйэ саас” бэлиэ хаһаайыттара урут 100 000 солкуобай ылар эбит буоллахтарына, быйыл 1 000 000 солк. ыллылар.

 

Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, билигин Саха сиригэр 17 киһи 100 сааһын аһаран олорор. Кинилэр бары 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри 1 000 000 солк. илиилэригэр тутуохтара.

Салгыы бу төлөбүрү биир үйэ саастаахтар бары ылар буолуохтара. Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл 9 сэрии бэтэрээнэ 100 саастарын туолбуттара.

 

Саҥа сүүрээн

Көхтөөх кырдьыыны уонна бэйэ дохуотун улаатыннарыыны көҕүлүүр сыалтан үлэ министиэристибэтэ быйылгыттан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ анал бырагырааманы саҕалаата.

Дохуоттарын кээмэйэ олох алын кээмэйин 1,5-тан кыра буоллаҕына, биэнсийэлээхтэр судаарыстыбаттан бэйэ дьыалатын арыныыга көмө ылыахтарын сөп. Ол курдук, дохуоттара 40 951,5 солк. кыра (I зона) /34 300,5 солк. кыра (II зона) буоллаҕына – көмө кээмэйэ 500 000 солк. тиийиэн сөп. Бу харчынан биэнсийэлээх туттар тэрилин, бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэригэр наадалаах малы атыылаһыан сөп. 

 

Биэнсийэлээхтэргэ дойду таһымыгар көрүллэр көмө

Биэнсийэ олох алын таһымын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, араас эбии төлөбүрдэринэн тэҥнээн биэрэллэр. Олох алын таһымын кээмэйэ регион аайа атын-атын, Саха сиригэр 2024 сылга – 20 067 солк.

Федеральнай таһымнаах олох алын кээмэйэ биэнсийэттэн үрдүк буоллаҕына, федеральнай социальнай төлөбүр көрүллэр; регионнааҕы олох алын таһымын кээмэйэ биэнсийэттэн үрдүк буоллаҕына – регионнааҕы эбии төлөбүр. Бу төлөбүрдэр үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаахтар.

 

Иитимньилээх биэнсийэлээхтэргэ

Биэнсийэлээхтэр сорох категорияларыгар үрдэтиллибит биэнсийэ төлөнөр. Эбии төлөбүр биэнсийэлээх үлэлээбэт дьиэ кэргэнин чилиэнин иитэр буоллаҕына (сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннаах, көрүүгэ наадыйар төрөппүттэрдээх, инбэлииттээх) эрэ көрүллэр.

 

Дьиэ кэргэн чилиэнэ толору биэнсийэлээххэ иитиллэр буоллаҕына, иитимньи (иждивенец) аатын сүгэр. Холобур, тулаайах хаалбыт оҕо эбэтин кытта олорор буоллаҕына. Биэнсийэ бигэргэтиллибит страховой чааһын үс гыммыт бииригэр тэҥнэһэр – 2024 сылга биэнсийэ бигэргэтиллибит чааһа 8134,88 солк.

 

80 саастарын туолбуттарга уонна инбэлииттэргэ

80 саастарын ааспыт аҕам саастаахтарга уонна 1 группалаах инбэлииттэргэ биэнсийэҕэ эбии төлөбүр ананар. Страховой бигэргэтиллибит биэнсийэ чааһа икки бүк төгүллэнэр – 2024 сылга биэнсийэ бигэргэтиллибит чааһа 8134,88 солк (сыл аайы индексацияланар). Ол аата 80 сааһын туолбут киһиэхэ биэнсийэтигэр эбии 16269,76 солк. төлөнөр.

 

Уһук Хоту олохтоохторугар эбии төлөбүр

Үрдэтиллибит биэнсийэ Уһук Хоту олорор эбэтэр онно өр үлэлээбит дьоҥҥо ананар. Эр дьон 25, дьахталлар 20 сыл хотугу ыстаастаах буолуохтаахтар. Эбии ирдэбил: Уһук Хоту сиргэ 15 сылтан кырата суох ыстаас эбэтэр хотугу сирдэргэ тэҥнэммит усулуобуйалаах сиргэ 20 сыл ыстаас ааҕыллар.

 

Хапытаалынай өрөмүөн

80-нарын ааспыт биэнсийэлээхтэргэ, регион быһаарыытынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн иһин төлөбүр компенсацията 100 % төннүөн сөп: өскөтүн биэнсийэлээх соҕотох олорор, үлэлээбэт буоллаҕына эбэтэр дьиэ кэргэнигэр бары үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, 1-2 гр. инбэлииттэр буоллахтарына.

 

Нолуокка чэпчэтии

Биэнсийэлээхтэр хамсаабат баай-дуол биир эбийиэгэр нолуоктан босхолоноллор.

Үлэлиир биэнсийэлээхтэр дьиэ ылалларыгар нолуок вычетын ылаллар, бас билэр сирдэрин учаастагын нолуогун баазата кыччаан биэрэр.

Биэнсийэлээхтэр 6 суотайга диэри бас билэр сирдэрин нолуогуттан босхолоноллор. 6 суотайтан ордугар нолуогу төлүүллэр. Хас да учаастактаах буоллахтарына, нолуок вычетын ыларга биир сири талыахтаахтар.

 

Хаартыскалар:
куйаар ситимиттэн туһанылынна, pixabay.com

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....