19.11.2024 | 14:52

Гааһы киллэртэриигэ бэриллэр субсидия кээмэйэ өссө улаатта

Гааһы киллэртэриигэ бэриллэр субсидия кээмэйэ өссө улаатта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нэһилиэнньэ кэккэ араҥатыгар дьиэҕэ гааһы киллэртэриигэ бэриллэр аадырыстаах көмө кээмэйэ 150 тыһ. солкуобайтан 202 тыһ. солкуобайга диэри улаатта.

Маннык дьаһалы Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбагар биэрдэ уонна булгуччулаахтык толорорго ирдээтэ. «Социальнай гаастааһын бырагырааматын ситиһиилээхтик олоххо киллэрии уонунан тыһыынча киһи олоҕун уйгутун тупсарар», – диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин чахчытынан, ааспыт 2023 сылга маннык көмөнөн 1464 киһи уопсайа 212 мөл. солк. суумаҕа туһаммыт, 2024 сылга – 1214 киһи 161 мөл. солк., диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Санатар буоллахха, дьиэҕэ гаас киллэртэриигэ субсидия ылар араҥанан кыаммат ыаллар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ о.д.а. буолаллар.
Дьиэҕэ гааһы киллэртэриигэ аадырыстаах көмө кээмэйэ 2022 сыллаахха 100 тыһыынча солкуобайтан 150 тыһыынча солкуобайга диэри улааппыта. Оттон олорор дьиэлэри гаастааһыҥҥа материальнай көмө 2010 сылтан оҥоһуллар. Ол курдук, 2010–2021 сылларга 813 мөл. солк. кээмэйдээх аадырыстаах көмөнөн 9 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн туһаммыта биллэр. 
СӨ Бырабыыталыстыбатын 2010 сыл кулун тутар 19 күнүнээҕи 104 №-дээх «Кыаммат уонна биирдиилээн гражданнар категорияларын олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа биир кэмнээх аадырыстаах материальнай көмөнү оҥоруу балаһыанньатын бигэргэтии туһунан» уурааҕын чэрчитинэн 2023 сылга Дьокуускай куоракка 399 ыалга материальнай көмө оҥоһулунна диэн суруйан турабыт. 
Оттон олорор дьиэни гаастааһыҥҥа материальнай көмөҕө наадыйааччылар сайабылыанньаларын олорор сирдэринэн управаларга туттаралларын санатабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....