Салалтаҕа Саҥа дьыл корпоративтарын тохтоттулар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар Саҥа дьыллааҕы корпоративтары ыыппакка сүбэлээтилэр.
«Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтата урукку сыллар курдук Саҥа дьыллааҕы корпоративы ыыппат. Былаас уорганнарыгар барыларыгар маннык этиини киллэрдибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ бүттүүммүт өйө-санаата анал байыаннай дьайыыга дойдубут интэриэһин араҥаччылыы сылдьар байыастарга уонна кинилэр кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр түмүллүөхтээх»,
– диэтэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов.
Ол эрээри оҕо утренниктарыгар бу этии тарҕаммат. «Оҕо аймах бырааһынньыктан матыа суохтаах. Дьокуукай куорат Ленин аатынан болуоссатыгар Өрөспүүбүлүкэ сүрүн харыйатын уота сандаарыаҕа, өрөспүүбүлүкэ талааннаах, туйгун үөрэнээччилэрэ үгэс буолбут Ил Дархан харыйатыгар мустуохтара», – диэн эбэн эттэ кини, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.